Дьэ, доҕоттор, саас кэлэн иһэр! Бука бары болҕойуҥ эрэ. Мантан инньэ дьыл имийэн, күн көрөн, уулларыы саҕаланан… киһи уҥуохтуун-иҥиэхтиин тэҥҥэ ууллар кэмэ чугаһаата. Ону кытта, от-мас көҕөрүөн иннинэ, аан бастаан эт-хаан уһуктар. Ити — Айылҕа сокуона.
Ону билбиттии, бу күннэргэ «ТабыллыбЫт, табыллыбАтах таптал» диэн олус үчүгэй кинигэ тахсыбыт эбит. Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр, “Киин” киинэ тыйаатырын аттыгар баар “Айар” маҕаһыыныгар аҕыйах мөһөөх сыанаҕа атыылана турар эбит.
Татьяна Поскачина-Татыйык диэн, көрдөххө, саҥа ааптар быһыылаах. Дьэ, тыл-өс мааны. Бастаан арыйан баран таттаран аахтым ээ! Саҥа үөрэҕин бүтэрэн тыаҕа учууталлыы кэлбит учуутал кыыс иэдээҥҥэ түбэспитэ дуу, дьолун таба тайаммыта дуу, аахтаххытына билиэххит, бу манна барыта сиһилии кэпсэнэр. Киһи уйадыйыах түгэннэрэ элбэх. Баҕар-баҕарыма, аахпытыҥ, төбөҕөр илдьириппитиҥ толкуйдатар эбит. Ол иһин, бу санаам таһырдьа талаһан эһиэхэ туһаайан суруйан эрэбин.
Итинэн сирэйдээн, бу үлүгэр Саха сиригэр учуутал сийиэһэ буолаары турдаҕына, кэпсэтиигэ ыҥыраары гынабын. Олус үчүгэй тиэмэни “Айардар” дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарбыттар. Тапталтан туора турбут суох. Ууһуур-үксүүр кыһалҕа биһиги омукка билигин да сонунтан түспэт. Демография боппуруоһа күүскэ ыгар. Сиэр-майгы дьыалата ыал аайы, мэлдьи ыстанар ыас курдук, киэһэ аайы мэлиллэрин сүрэхпинэн сэрэйэ саныыбын. Онон, быһата, маннык уустук түгэҥҥэ тыыннаах киһи түбэһэрэ чахчы баар суол.
Ол эрээри, эдэр учуутал кыыс, бэйэтиттэн 5-6 сылынан балыс, буолаары буолан, салайар кылааһыгар үөрэтэ сылдьар, субу саҥа улаатан эрэр, ситэри ситэ илик уолу кытта… таптаһара хайдаҕый? Өй-санаа өттүнэн хайдаҕый? Сиэргэ батар дуо? Сахалыы толкуйдаах, мындыр ыырдаах итиниэхэ тугу этиэн сөбүй?
Онон, доҕоттор, саҥа кинигэ тула мустан ырытыһа, кэпсэтэ түһүөҕүҥ. Санаабыт дуу, санаабатах дуу толкуйбутун түмэн, ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар быһа соҥнообокко даҕаны этэн кэбистэхпитинэ, туһаны аҕалыа, ханнык эмэ түгэҥҥэ сөпкө дьаһанарга сүбэ-ама да буолуон сөбө дии саныыбын. Эһиги? Туох диигитий?
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Таптал ФЕДОРОВА