Эдэр табаһыттар биир мөлүйүөннүү солкуобайы ыллылар

Бөлөххө киир:

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов быһа эпиир кэмигэр эрэгийиэн эдэр табаһыттарын өйүүр бырагыраама туһунан иһитиннэрдэ.  

«Арктика 13 оройуонугар олорор таба иитиитинэн түөрт сылтан итэҕэһэ суох дьарыктанар 35 сааһын туола илик дьоҥҥо төлөбүр көрүллэр. Төлөбүр биирдэ эрэ бэриллэр. Эдэр табаһыт биэс сыл устата тустаах хайысха сайдарыгар үлэлиэхтээх. Бу үп эдэр киһи табанан дьарыктанар оройуонугар олорор усулуобуйатын тупсарарыгар көрүллэр«, — диэн миниистир быһаарда.

Кини этэринэн, Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 11 мөлүйүөн солкуобай 11 киһиэхэ биирдии мөлүйүөнүнэн бэриллэригэр көрүллүбүт. Онон, номнуо 11 табаһыт бу бырагыраамаҕа хапсан, тустаах үптэрин ылбыттар.

edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0