Ыам ыйын 31 күнэ – Табахтан аккаастаныы аан дойдутааҕы күнэ.
– Арассыыйаҕа оҕолор 55,3 бырыһыаннара табахтаабат эрээри, табахсыт тэҥэ дьон (пассивнай) ахсааныгар киирэр. Ол аата, ити оҕолор табах буруотунан тыыналлар. Дьиэлэрин иһигэр, оптуобус тохтобулларыгар дьон көҥүл табахтыырын көрө сылдьаллар уонна ханна баҕарар табахтыахха сөп эбит диэн толкуйга кэлэллэр.
Америкаҕа оҥорбут чинчийиилэрин түмүгүнэн, сыл аайы 4 тыһыынча обургу оҕо табах тардар, кинилэртэн 2 тыһыынчата куруук тардааччыларга киирсэр. Ол аата «пассивнай» табахсыт оҕо биир сигарета кэнниттэн бастайааннай табахсыт буолуон сөп.
ххх
Табах састаабыгар – 4 тыһыынча, табах буруотугар 5 тыһыынча химическэй эттик баар. Онтон 400-һэ – дьааттаах, 60-на сэллиги үөскэтэр эттиктэр. Никотин – табах састаабыгар баар дьааттартан биирдэстэрэ. Биир сигаретаҕа 10 мг, ардыгар итинтэн элбэх никотин баар. Бу дьаат наркотикка тэҥнээх. Никотин хааҥҥа түргэнник киирэр, киһи уорганнарыгар мунньустар. Ол түмүгэр тымыр «истиэнэтин» алдьатар, онно сыа мунньустар, тымыр үлэтэ кэһиллэр. Ол иһин, хаан баттааһына үрдүүр, сүрэх, тымыр ыарыыта бэргиир. Табах сымалата буруону кытта киирэн, тыынар уоргаҥҥа хаалар. Сымалаҕа баар эттиктэр искэн ыарыытын үөскэтэллэр. Искэн ыарыытыгар тиэрдэр эттиктэринэн бензол, кадмий, мышьяк, никель, хром уо.д.а. буолаллар.
Табахсыт киһи күн аайы угаардаах гаастан сүһүрэр. Угаардаах гаас хааҥҥа баар гемоглобины кытары сибээстээх буолан, уорганнарга кислороды биэрбэт. Ол иһин, сүрэх, мэйии үлэтэ кэһиллэр. Табахсыт киһи тымыра кыарыыр, сүрэҕэ ыалдьар, инфарктыан, инсуллуон сөп.
Табахсыттар 70% бу куһаҕан дьаллыгы быраҕыан баҕарар да, кыайан бырахпат – 5% эрэ быраҕар. Никотин, наркотик курдук күүстээх буолан, оннук күүскэ дьайар.
Табахсыттар аан бастаан боруобалаан кэриэтэ тардаллар. Онтон ылларан баран, кыайан бырахпаттар. Табахсыт киһи мэйиитигэр химическэй, биологическай уларыйыылар баралларын түмүгэр хааҥҥа домафин диэн вещество үөскүүр. Оччоҕуна, табахсыт киһи настарыанньата тупсар. Киһи төһөнөн ылларар да, организма элбэх табаҕы көрдүүр. Табахсыт киһи тииһэ тыҥырахтарын өҥө саһархай өҥнөөх буолар.
Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин чахчытынан, аан дойду үрдүнэн:
– 1,26 миллиард киһи табахтыыр, онтон 47% – эр дьон, 12% — дьахтар;
– Хас алта сөкүүндэ аайы 1 киһи өлөр;
— Арассыыйаҕа сыл аайы 300 тыһ. киһи табах содулуттан өлөр.
Оҕо күүтэр дьахтар табахтыыр буоллаҕына, оҕото улааппат, ыарыһах оҕо төрүүр. Табах киһи олоҕун 10-15 сылынан кыччатар, олоҕун хаачыстыбата мөлтүүр.
Табахтан аккаастаныы улахан тулууру, чугас дьон көмөтүн ирдиир. Табахсыт чугас дьоно табаҕы хайдах бырахпыттарын туһунан кэпсээннэрэ, холобурдара олус туһалаах. Табаҕын бырахпыт киһи доруобуйата тупсар, аһылык амтанын араарар буолар, таҥаһыттан, айаҕыттан куһаҕан табах сыта сүтэр. Харчыта мээнэ барбат, 1 сылга табахсыт киһи кырата 11-25 тыһыынчаҕа диэри харчыны барыыр. Элбэх табаҕы тардар киһи кыралаан кыччатыахтаах, оччоҕуна улахан охсуута, ыарыыта суох быраҕар. Билигин табахтан аккаастанарга элбэх көмө эмтэр бааллар. Учаастактааҕы быраастаргытыттан сүбэлэтиҥ. Спордунан сүрэҕэ суох эрэ киһи дьарыктаммат бириэмэтэ кэллэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьон туһугар элбэх спорт эбийиэктэрин тутар. Табахтыаҥ иннинэ: «Табахтааһын миэхэ туох үчүгэйи, куһаҕаны аҕаларый?!» – диэн бэйэҕиттэн ыйыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru