Таба тириититтэн — кинигэ

Ааптар: 
10.08.2019
Бөлөххө киир:

1994 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Холбоһуктаах нациялар генеральнай ассамблеялара Норуоттар икки ардыларынааҕы аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар күннэрин олохтообута.

edersaas.ru

Онтон ыла 25 сыл устата бу суолталаах тэрээһини Саха сиригэр эйэ-дэмнээхтик олорор омуктар аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин кытта бииргэ бэлиэтииллэр.

Быйылгы «Кочевье-2019» национальнай үгэһи, итэҕэли, сиэри- туому тутуһан ыытыллар бырааһынньыкка өрөспүүбүлүкэ 17 улууһуттан 1500 киһи кэлэн кыттыыны ылла.

Маны таһынан, Уһук Хотугу уонна Сибиир биэс эрэгийиэниттэн бэрэстэбиитэл кэлэн, Саха сирин норуоттарын түмэр бырааһынньыгы киэргэттэ. Тэрээһини аһыыга тыл этиитигэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Лена Иванова:

— Биһиги тыйыс килиимэттээх усулуобуйаҕа олорон өрүһүммүт кытаанах санаалаах норуоттартан төрүттээх дьоммут. Ол да иһин төрүт омуктарбыт дэнэбит. Биһиги төрөөбүт сирбититтэн-уоппутуттан силис тарпыт омуктарбыт. Онон олох бары ыарахаттарын  тулуйан, кэскиллээх  саҕахтары  саҕабыт, — диэн бэлиэтээтэ.

Орджоникидзе болуоссатыгар ыытыллыбыт тэрээһини төрүт омуктар сэлэлээн хаамыылара аста. Онтон күнү быһа улуустартан сылдьар айар бөлөхтөр, киин куорат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, араас омук түмсүүлэрин общиналара киин сценаҕа тахсан, бэйэлэрин чаҕылхай талааннарын билиһиннэрдилэр. Норуот талааннаахтарын быыстапката мустубут дьону сэҥээртэ.

Үгүс киһи болҕомтотун ордук Эбээн Бытантай уонна Өлүөхүмэ улуустарын тарбахтарыгар  талааннаах дьонун айар быыстапкалара тарта. Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгин төрүт олохтооҕо Надежда Хузаирова таба тириитин имитэн, бэртээхэй кинигэ оҥорбут.

— «Кинигэ оҥорон көрбүт киһи…» диэн санаа эмискэ киирбитэ. Бу биир таба тириититтэн тахсыбыта. Кууурдан, субалаан баран, имиппитим. Эбээн омугун таҥаһа-саба, туттар мала-сала — барыта тирииттэн оҥоһуллар. Онон» аны кинигэ кытта оҥоруохха сөп эбит» диэн, бу дьону көҕүлүүр толкуйу олоххо киллэрдим. 

Ордук аппликацияны оҥорорго элбэх бириэмэ барар. Бастаан толкуйбун уруһуйдуубун, онтон тириигэ «түһэрэбин». Бу кинигэбин оҥорон таһаарыыга  балтараа ый кудук барда. Уруһуйдаан тириигэ түһэрии, онтон килиэйдээһин — киһи бириэмэтин сиир аҕай. Кинигэбэр аппликация уруһуйдарбын тириинэн быһан оҥорон килиэйдиибин.

Бу — саамай  үлэлээҕэ. Туттар килиэйдэрим  — «Момент»уонна  ПВА, — диэн кэпсиир Надежда Хузаирова. 

Оттон Өлүөхүмэ Тээнэтиттэн сылдьар эбии үөрэхтээһин педагога, эбэҥки тылын уонна литературатын учуутала Ляна Яковлева оҕолорго  төрүт омуктарын култууратын уонна абыычайын үөрэтэллэрин, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэстэрин  үөрэтэр, билиһиннэрэр. Туостан оҥоһуллубут батаҥаны сэргии көрөн ыйыппыппар, Ляна Алексеевна маннык быһааран биэрдэ:

— Бу тэрил эбээннии  «инмэрук» дэнэр.  Хатыҥ туоһуттан оҥоһуллар. Национальнай таҥаһы, иһити-хомуоһу тигэр «Эгдэрэл» диэн куруһуогум оҕолорун кытта тикпиппит. Бу көс омуктар таһаҕастарын, астарын, араас бытархай тэриллэрин табаҕа ындыыланан тиэйэ сылдьар бэрэмэдэйдэрэ. Быыстапкаҕа бу  тэрили олус сонургуу көрдүлэр.

Биһиги ыраахтан сылдьар дьон олус бэрт бырааһынньыгы киин куорат хабыллар ортотугар анаан тэрийбиттэрин олус сөбүлээтибит. Араас омук дьоно Сомоҕолоһуу сылыгар бары биир иллээх дьиэ кэргэн курдук бииргэ сылдьарбыт, бэйэ-бэйэбит култууратын, абыычайын билиһиннэрэрбит олус бэрт!

Тэрээһин сээдьэ куонкуруһунан түмүктэннэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, манна ыччаттар ордук хото кытыннылар.

Норуоттар икки ардыларынааҕы аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар күннэрэ быйыл 25 сылын бэлиэтиирин ааһан кэккэ араас суолталаах ис хоһооннонно. Ол курдук, тэрээһиннэр төрүт норуоттар тылларын сылыгар, бастакы олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев 70 сааһыгар уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннах норуоттарын Ассоциацията 30 сылыгар  ананнылар.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0