Саҥа дьыллааҕы остуолгар: таба этиттэн каре

22.12.2019
Бөлөххө киир:

Хас биирдии хаһаайка Саҥа дьылы көрсөр аптаах түүн остуолугар саҥаны, уратыны астаан, дьиэлээхтэрин, ыалдьыттарын үөрдүөн баҕарар. Саха дьонугар бырааһынньыктааҕы остуолбутугар хайаатар даҕаны эт, хортуоска баар буолуохтаах диэн өйдөбүллээхпит.


Мааны остуолгутугар “Тыгын Дархан” эрэстэрээн шеф-повара, биллэр асчыт Иннокентий Тарбаахап ырысыабынан таба этиттэн каре оҥороргутугар сүбэлиибит.

Эһиэхэ наада:

Кареҕа – таба ойоҕоһо, эриэппэ луук, мас арыыта, муора тууһа, хара биэрэс, петрушка, черри помидор;

Гарнирга – хортуоппуй, тыква.

  1. Таба ойоҕоһун сууйан, луук, петрушка бысталаан кутабыт. Петрушка сэбирдэҕин буолбакка, умнаһын бысталаан аска куттахха амтана быдан биэрэр диэн асчыттар сүбэлииллэр. Эккэ муора тууһун таммалатабыт, хара биэрэстиибит уонна мас арыытынан булкуйабыт. Бу аата – эти маринадтаатыбыт. Маринады холодильникка угабыт, биир-икки күнүнэн эккэ амтаны биэриэхтээх.

2. Маринадтаммыт эппитин мас арыытынан сотобут уонна гриль-хобордооххо эргитэ сылдьан ыһаарылыыбыт. Икки өттүттэн иккилиитэ, онтон ойоҕосторун эмиэ ыһаарылыыбыт. Киэргэтиигэ черри-помидордары аҥаардаан, ыһаарылыыбыт.3. Гарнирга анаан пюре оҥоробут. Тыкваны үтэбит – хаҕын ыраастыыбыт, сиэмэтин хостуубут уонна аһын духуопкаҕа буһарабыт. Ол кэнниттэн буспут хортуоппуйу кытта булкуйабыт, мэһийэбит, туустуубут.4. Табыллыбыт аспытын помидорунан, тимьян отунан киэргэтэн тэриэлкэҕэ уурабыт. Эккэ сөбүлүүргүтүнэн соус кутуоххутун сөп.

Айтана Аммосова бэлэмнээтэ.
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0