«Табаҕалар ыллыыллар» аһымал кэнсиэргэ ыҥыраллар

Ааптар: 
12.03.2020
Бөлөххө киир:

Сарсын, кулун тутар 13 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «Табаҕалар ыллыыллар» диэн аһымал кэнсиэр буолар. 

Аһымал кэнсиэр ыарахан ыарыыга ылларан Кореяҕа эмтэнэ барар биир дойдулаахтарыгар, эдэркээн, икки оҕолоох ийэҕэ Анна Прокопьевна Бурнашеваҕа көмөлөһөр, өйөбүл буолар соруктаах тэриллэр.

Кэнсиэр иннинэ, 17.00 чаастан, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарбыт тыа сирин аһын-үөлүн чэпчэки сыананан атыылааһын дьаарбаҥката буолар. Мэҥэ хаҥаластар биир дойдулаахтарын, бар дьону күүс-көмө, өйөбүл буола кэлэргитигэр ыҥыраллар. «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс».

Бу киэһэ буолар кэнсиэргэ СӨ үтүөлээх артыыстара Сахая, Александр Бурнашовтар, Ольга Захарова, Яков Слепцов-Эркин, Дмитрий Кырдал, Мотрена Сыромятникова, Мария Никитина, Табаҕатааҕы народнай хор, «Төлөн» эр дьон народнай ансаамбыла, «Алгыс», «Иэйии», «Иэйиичээнэ» — дьахталлар вокальнай ансаамбыллара, «Айылгы» үҥкүү бөлөҕө, «Кылыһах»  фольклорнай бөлөх, «Чугдаарар чуораанчык» оҕо вокальнай ансаамбыла, Дьокуускай куоракка олорор Табаҕаттан төрүттээхтэр, устудьуоннар, барыта 93 киһи кыттыыны ылыаҕа. Кэнсиэр уус-уран салайааччыта СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Павел Егоров.

Билиэти Дьокуускай куорат бары каассаларыттан, тарҕатааччылартан, «Сэргэлээх уоттара» культура кииниттэн, эбэтэр tesserus нөҥүө киирэн ылыаххытын сөп. Сыаната  500 солкуобай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0