Табаҕалар аһымал кэнсиэр тэрийдилэр

Ааптар: 
14.03.2020
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Дьокуускайга «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «Табаҕалар ыллыыллар» диэн аһымал кэнсиэр буолла.  

Аһымал кэнсиэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтин олохтоохторо икки оҕо тапталлаах ийэтэ Анна Бурнашева ыарахан ыарыыга ыалдьан Кореяҕа эппэрээссийэлэнэригэр көмөлөһөр, өйөбүл буолар соруктаах сомоҕолоһон, турунан туран бу курдук тэрийбиттэр.

Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарбыт сибиэһэй аһын-үөлүн, уран тарбахтаахтар тикпит, баайбыт таҥастарын-саптарын, оҥорбут киэргэллэрин  аҕалан чэпчэки сыанаҕа атыылаатылар. Биир дойдулаахтара, урбаанньыт Артем Иванов көмөлөһөн кырылыы кыынньыбыт сүүстэн тахса иһит кымыһы атыыга биэрбитэ хамаҕатык барда. Кэнсиэр эмиэ үрдүк тэрээһиннээхтик барда. Бэлиэтээн эппиттэринэн, аҥаардас кэнсиэргэ Табаҕаттан барыта 93 киһи кыттыбыт. Ону таһынан, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтара кытыннылар, күүс-көмө, өйөбүл буоллулар. Саалаҕа дьон-сэргэ, мэҥэ хаҥаластар, толору муһуннулар.

«Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс». Мустубут дьон: «Кыыспыт, дойдулаахпыт, Аанчыкпыт туһугар. Саха киһитин санаата күүстээх. Хайаан да этэҥҥэ буоллар диэн Үрдүк Айыылартан көрдөһөбүт», — дэһэллэр.

Анна төрөппүттэрэ улаханнык долгуйан  туран,  тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, кэлбит дьоҥҥо, нэһилиэктэрин, улуустарын бары олохтоохторугар,  акцияны сүүрэн-көтөн тэрийбит хамыыһыйаҕа, нэһилиэк дьаһалтатыгар, кыыстарын бииргэ үөрэммит доҕотторугар,  «Ситим» культура киинигэр, күүс-көмө буолбут бары аймахтарыгар-урууларыгар, ыалларыгар, доҕотторугар, үтүө санаалаах бар дьоҥҥо өйөбүллэрин, көмөлөрүн иһин махтанна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0