Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Саҥа ааттар” талааннаах оҕолорун куонкуруһугар (үгэс быһыытынан, сыл аайы тохсунньуга ыытыллар), хореография көрүҥэр Таатта улууһун оҕолоро ситиһиилээхтик кытыннылар, үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Куонкуруһу А., Н. Посельскаялар ааттарынан хореография коллеһа тэрийэн ыытта. Балаһыанньа быһыытынан, икки турга оҕолор классическай балеттартан вариациялары уонна преподаватель бэйэтин туруоруутугар атахтарын төбөтүгэр пуанта кэтэн, хореография бары элеменнэрин туһанан үҥкүүлүөхтээхтэр.
Хореография көрүҥэр ыраахтан-чугастан, араас улуустартан уопсайа 38 үҥкүүһүт оҕо кэлбит. Ирдэбил сыллата үрдээн иһэр. Холобур, тыа сиригэр олорор, үөрэнэр оҕолор балетнай оскуола үөрэнээччилэриттэн туох да итэҕэһэ суох бэлэмнэнэн кэлбит буолуохтаахтар.
Ол курдук, бу куонкуруска Таатта улууһуттан Харбалаахтааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын үҥкүү кылааһын преподавателэ Туйаара Константиновна Кононова икки үөрэнээччитэ — Эльвира Бабанова уонна Данияр Зайыркулов ситиһиилэннилэр. Эльвира бастакы турга «Спящая красавица» балеттан Фея Нежности партиятын, иккис турга учуутала П.Чайковскай муусукатыгар «Куоска» диэн үҥкүүнү туруорбутун, уобараһын олус үчүгэйдик аһан, пуантаҕа эрэллээхтик үктэнэн, профессиональнай таһымнаах үҥкүүнү көрдөрөн, дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын уонна сэҥээриитин ылыан ылла. Данияр Дворжак муусукатыгар «Петрушка» уонна Шостакович “Вальс. Шутка” муусукатыгар үҥкүүтүн көрөөччүлэр да, дьүүллүүр сүбэ да астыннылар. Хореография курдук искусство уустук көрүҥэр оҕо киһиэхэ Петрушка уобараһын арыйан көрдөрөр сүрдээх ыарахан. Хамсаныы элеменнэрэ уустуга элбэх дьарыгы, сыраны эрэйэр. Бу барыта учуутал кыһамньылаах, таһаарыылаах үлэтин түмүгэ эмиэ буолар. «Саҥа ааттар» куонкурус кыра уонна ортоку бөлөҕөр быйыл, чуолаан, бу оҕолор талыллыбыттара Таатта улууһун эдэр талааннара сайдан иһэллэрин көрдөрөр. Эльвира кыралар бөлөхтөрүгэр маҥнайгы миэстэни, Данияр ортоку бөлөххө иккис миэстэни ыллылар. Онон сыралара үтүө түмүктэрдэнэн, үөрэн-көтөн,аны салгыы «Бал юных дарований» кыттыыны ылбыттара.
Туйаара Константиновна Кононова Харбалаахтааҕы музыка оскуолатыгар 2002 сылтан бэрт айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиир. Кини «Тэлээрис» образцовай үҥкүү ансаамбылын салайааччыта. Норуоттар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыттыылаахтара уонна кыайыылаахтара. Туйаара Константиновна — уопуттаах преподаватель. Кини хас үөрэтэр оҕотугар ийэлии сыһыанынан талааннарын аһар, сайыннарар. Ол педагог -хореограф талаана буолар. Үҥкүүлэрэ ис сүрэҕиттэн тахсар буоланнар, көрөөччү биһириир. «Северный арабеск — 2016» куонкурус «Лучший народный танец» номинациятын хаһаайката, маны таһынан «Лучший преподаватель по хореографии» ааты эмиэ ылбыта. Бу курдук сыллата саҥа ааттар, саҥа талааннар тахса туруохтара диэн биһиги эрэлбит улахан.
Татьяна Тыллар, Дьокуускайдааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ.
Хаартыскаларга: Харбалаахтааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ Эльвира Бабанова, Данияр Зайыркулов преподавателлэрэ Т.К.Кононовалыын уонна дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ З.Н.Поповалыын; Данияр “Петрушканы” үҥкүүлүүр.