«Сатабыл» диэн ааттаах эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ ытык Таатта улууһугар таһаарыылаахтык үлэлиир.
edersaas.ru.
Оскуола үөрэнээччилэрин уон икки айар холбоһуктарын киинниир тэрилтэҕэ барыта 600 тахса оҕо дьарыктанар. «Сатабыл» эбии үөрэхтээһин научнай сабыдыллаах буоларын туһугар ХИФУ Педагогическай институтун этнокультурнай лабораториятын кытары Сөбүлэһии түһэрсэн үлэлиир. «Сатабыл» салайааччыта Анна Васильевна Портнягина үлэтин-хамнаһын туһунан маннык кэпсиир:
– Ытык Күөлгэ Пионердар дьиэлэрэ 1974 с. от ыйын 1 күнүгэр Алексеевскай (оччолорго Таатта оройуона маннык ааттанара) оройуон ситэриилээх кэмитиэтин уурааҕынан тэриллибитэ. Дириэктэринэн Голикова Клавдия Васильевна анаммыта эрээри кыра оҕолоох буолан кылгастык үлэлээбитэ, 1975-1979 cс. Большакова Мария Иннокентьевна уонна Бакрамова Александра Ильинична, 1979-1988 сс. Богатырева Людмила Романовна үлэлээбиттэрэ. Биир бириэмэҕэ Моисеева Лидия Никифоровна дириэктэрдии сылдьыбыта. Пионердар дьиэлэрэ салгыы эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин быһыытынан, Макеева Галина Романовна, Сартаева Евдокия Ивановна, Бурцев Семен Семенович салалталарынан үлэлээбитэ.
– «Сатабыл» диэн ааты хаһан ылыммыккытый?
– Оҕону дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар эрэллээх бигэ тирэхтээх, төрөөбүт дойдутун таптыыр, үлэни ытыктыыр уонна сатыыр эйгэтин тэрийэр сыаллаах «Сатабыл үөрэҕэ» диэн оҕону араас сатабылларга уһуйар педагогическай технологияны научнай өттүттэн иилээн-саҕалаан, технология быһыытынан тарҕатыынан дьарыктаммыт педагогическай наука кандидата, биллиилээх педагог Петр Петрович Кондратьев сөбүлэҥин ылан, кини үлэтинэн сирдэтэн, 2015 сыллаахха «Сатабыл» диэн ааттаммыппыт.
– Быйыл 45 сыллаах үбүлүөйгүт чэрчитинэн туох тэрээһиннэри былаанныыгытый?
— Бастатан туран, тэрилтэбит историятын үйэтитиэхпит, ол сүнньүнэн айар холбоһуктар «Пионерияттан саҕалаан Сатабылга» диэн чинчийэр-үйэтитэр үлэни ыыта сылдьаллар. Ытыктыыр бэтэрээннэрбитин, араас сылларга дьарыктаммыт оҕолорбутун түмэ тардан, кинилэр ахтыыларынан тэрилтэ сайтыгар виртуальный мусуой оҥоруохпут. Уҥа флангаҕа сылдьар пионерскай этэрээттэр тэриллибит, улууспут биллэр уустарын, иистэнньэҥнэрин олорор сирдэринэн туристическай маршруттары тэрийиэхпит, ол түмүгүнэн методическай хомуурунньуктары, босуобуйалары бэчээттэтиэхпит. Сыл түмүгүнэн тэрилтэ 45 сылын бэлиэтиир «Сатабыл түһүлгэтэ-Оҕо сайдар эйгэтэ» диэн үбүлүөйдээх тэрээһин буолуоҕа.
Анжелика Алексеева, «Саха сирэ» edersaas.ru. сайтка анаан.