Аҕыйах хонуктааҕыта Чөркөөх мусуойугар, Туора Күөл Булгунньахтаах алааһыгар “Моя планета” канал Георгий Никонов салалталаах “Пути великих свершений” бырайыагынан Саха сирин XVIl-XVIII үйэтээҕи устуоруйатын туһунан документальнай киинэ устуутугар Таатта улууһун уустара, иистэнньэҥнэрэ, асчыттара көхтөөхтүк кытыннылар.
Тимир уустара Сарыал Билюкин, Леонид Васильев, Эдуард Вырдылин тимири уһаарар оһоҕу Мандар Уус сүбэтинэн оҥордулар, тимир уһаарыытын тэрийдилэр. Эдэр ыччат Уйусхаан Степанов, Айсен Антоев, Евгений Большаков уопуттаах уустары кытта бииргэ үлэлэлээтилэр, уустук тимир уһаарыытын ньыматыгар үөрэннилэр.
Туой оҥоһуктарга маастар Ульяна Матвеева, технология учуутала Николай Степанов туой буһарыллар оһохторун тутууга тэҥҥэ сырыттылар, туой оҥоһук арааһын билиһиннэрдилэр
Мас уустара Федор Чярин утумнааччытынаан Василий Лопатинныын чороон кыһыытыгар, мандар оһуор түһэриитин ньыматын сырдаттылар. Таатта улууһугар бренд буолбут талахтан оҥоһуктарга маастар Василий Сабарайкин талах олоппос оҥоруутун ньымаларын арыйда.
Иис-күүс эйгэтигэр үйэлээх үгэстэр сырдатылыннылар. Ол курдук, норуот маастара Наталья Андросова “Сүктэр кыыс таҥаһын” икки көрүҥүн көрдөрдө. Чөркөөхтөн туос тигээччилэр түмсүүлэрэ Лидия Богатырева салайааччылаах туос тигиитин ньымаларын, иҥииртэн сап оҥоруу, кылы хатыы, таспа туос тигии технологиятын сырдаттылар.
Туора Күөлтэн “Өбүгэ таҥаһа” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Изабелла Элякова уонна маастар Марфа Сидорова тириини таҥастааһын ньымаларын уонна айанньыттар таҥастарын толору көрдөрдүлэр. Маны сэргэ тирииттэн тигиллибит кыыс оҕо таҥастарын сырдаттылар.
Сахалыы мааны аһы-үөлү күөх окко дэлэччи Мариам Горохов салайар “Тотоойу” кафе тэрийдэ.
Икки күннээх таһаарыылаах айар үлэбитин Галина Давыдова, Яна Винокурова хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттилэр.
Саха норуотун культуратын сырдатар, сатабылаах дьарыкпытын тутан сылдьар уустарбытыгар, иистэнньэҥнэрбитигэр, асчыттарбытыгар барҕа махтал тылларбытын аныыбыт. Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ “Моя Планета” федеральнай канал биэриитигэр бары кыттыбыт дьоммутугар-сэргэбитигэр бэйэҕит кылааккытын киллэрбиккитигэр истиҥник махтанабыт. Киинэ устааччылар уустар, иистэнньэҥнэр, ас астааччылар үлэлэрин, үктээһин миэлиҥсэни, мэлииппэни, сир үллэриитин мунньаҕын үйэтиттилэр. “Uus, iis, as fest” бырайыакка бэлэмнэнии чэрчитинэн тимири, уустар, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, Чөркөөх дьаһалтата, мусуой кэлэктиибэ буолан оһохтору баҕа өттүнэн босхо оҥоһулунна. Тимири уһаарар оһох Мандар Уус сорудаҕынан “Кутаама” үрэххэ, үйэ анараа өттүгэр турбут оһох куопуйата оҥоһулунна. Документальнай киинэҕэ Таатта улууһугар уһуллубут элбэх матырыйаал киирэригэр усулуобуйа оҥоһулунна. Аны кэтэһэбит эрэ. Барыгытыгар ситиһиини, дьолу соргуну баҕарабыт.
Норуот айымньытын дьиэтин пресс-киинэ
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартысканы: Г.Вырдылин ыытта.