Арассыыйа күнүгэр Тааттаҕа 12 онлайн-аахсыйа ыытылынна.
edersaas.ru
Бырааһынньыктааҕы бырагырааманы улуус дьаһалтатын, оҕону, ыччаты иитэр-үөрэтэр эйгэ исписэлиистэрэ таҥан оҥордулар. Ол курдук, быйыл «Уран тыл» олохтоох ааптардар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 10 сылыгар анаан тэрээһин ыытылынна. «Сатабыл» эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин көҕүлээһининэн кэрэ көстүүнү хаартыскаҕа түһэрии күрэхтэһиитэ тэрилиннэ.
Улууска сүүрбэттэн тахса араас омук олорор. Ытык Күөллээҕи «Сарыал» култуура киинэ улууска олорор омуктар астарын астаан видео-куонкурус ыытта. Муусука оскуолатын үҥкүү кылааһын салайааччыта Элеонора Маркова тэрийиитинэн Арассыыйа омуктарын үҥкүүлэрин хамсаныыларынан флешмоб буолла. 70 оҕо көхтөөх кыттыыны ылла.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн, оройуоннааҕы киин балыыһа тиэргэнигэр уус-уран самодеятельность бэртээхэй кэнсиэрин тэрийдилэр.
Кэнсиэргэ ылбаҕай ыраларын, сылаас истиҥ махталларын тиэртилэр “Өрөгөй”, “Айыллаана” вокальнай ансаамбыл солистара, норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ.
Коронавирус сыстыганнаах ыарыытын утары охсуһар, бохсор быраастарга «Эмчиккэ махтал!» көмө аахсыйанан, тэрилтэ иккис төгүлүн кыттыһан, уустук усулуобуйаҕа үлэлиир дьоҥҥо өйөбүл буоллулар.
Кэнсиэри эмчиттэр балыыһаттан тахсыбакка эрэ көрдүлэр.
«Бэйэҥ олорор уулуссаҥ устуоруйатын кэпсээ» тэрээһини Ытык Күөллээҕи литературнай уус-уран түмэл ыытта. Аныгы кэм ыччата уулуссаларын аатын билиигэ күрэстэстилэр. Чөркөөхтөөҕү Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан история-этнография түмэлэ Арассыыйа сайдыытыгар Саха сирэ киллэрбит кылаатын туһунан быыстапка оҥорбута, болҕомтону улаханнык тарта.
Бу курдук, өссө да араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытан, таатталар Арассыыйа күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru