РФ эргиэнин, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ профтех үөрэхтээһинин туйгуна, Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов 75 сааһынан, Тааттаҕа Дьохсоҕон нэһилиэгэр «Тарбаахаптыын астыахха» диэн күөн күрэс сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэхтэһиигэ түөлбэлэртэн иккилии киһи кытынна. Бу туһунан сиһилии нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Галина Другина иһитиннэрдэ.
— Тэрээһин Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр буолла. Саха сирин, киэҥ Арассыыйа, тас дойдулар дьоннорун-сэргэлэрин хайҕалларын ылыан ылбыт ааттаах-суоллаах улахан асчыт, кэнчээри ыччаты бу үрдүк ирдэбиллээх идэҕэ уһуйааччы Иннокентий Иннокентьевич суруйан үйэтиппит кинигэлэринэн, «Саха төрүт аһа — норуот култууратын сорҕото» диэн ааптар бэргэнник эппит тылынан быыстапка тэрилиннэ. Быыстапканы М.А.Петров аатынан нэһилиэк бибилэтиэкэтэ тэрийдэ.
Салгыы хамаандалар бэриллибит сорудаҕынан дьиэҕэ астаан аҕалбыт астарын састаабын, хайдах астанарын билиһиннэриилэринэн куонкурус саҕаланна. Иккис сорудаҕынан, күрэстэһээччилэр көрөөччүлэр көрөн олордохторуна, тутатына саламаат астаатылар. Үһүс түһүмэххэ, бэйэ баай фантазиятынан соботтон бүлүүдэ арааһын астаан аҕалбыттарын көрдөрдүлэр. Бүтэһиккэ «Өбүгэбит аһын төһө билэҕин» диэн биэс ыйытыыга хоруйдаан илин-кэлин түһүстүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ 4-с разрядтаах асчыттар: Акулина Седалищева, Семен Габышев, Лия Бочонина үлэлээтилэр, сыаналаатылар. Сөптөөх быһаарыылары таһаараары уустук үлэни көрүстүлэр. Күөн күрэс кыттыылаахтара астаан аҕалбыт астара минньигэһэ, киэргэтиитэ кырасыабайа, саламааты туттан-хаптан астыыллара түргэнэ-тарҕана, сандалыларын киэргэтиитэ кэрэтэ барыта эргиччи кыһаммыттарын, ис сүрэхтэриттэн болҕомтолорун ууран түбүгүрбүттэрин көрдөрдө. Көрөөччүлэр куонкурустаһааччыларга ытыстарын тыаһынан көмө, өйөбүл буоллулар, бииртэн-биир минньигэс астары амсайан астыннылар, дуоһуйа сынньаннылар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан «Өркөн өй» анал ааты Киин түөлбэттэн кыттааччылар Лариса Попова уонна Виктория Васильева ылан үөрүү-көтүү буолла. «Бастыҥ композиция» номинацияҕа Лыабачаайы олохтоохторо Ньургустаана Харайданова уонна Наталья Попова тиксэннэр дьоннорун-сэргэлэрин эҕэрдэлэрин туттулар. «Эриэккэс көстүү» хаһаайыттарынан Боробул түөлбэттэн Марфа Арылахова уонна Екатерина Татаринова буоланнар дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар. «Бастыҥ саламаат» Саар ыаҕас» түөлбэттэн Туйаара Матвеева уонна киэн туттар бастыҥ асчыппыт хаан-уруу аймаҕа Вероника Тарбахова ылан уруйданнылар-айхалланнылар. Манна эдэр ийэлэр саламааты түргэнник астааннар көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, үөртүлэр. Итиэннэ кинилэр саламааттарын амсайбыттар олус хайҕаатылар. Долгутуулаах күрэс «Кылаан чыпчаал» диэн үрдүк аатын Таатта түөлбэттэн кыттыыны ылбыт Александра Аммосова уонна Мария Карбаканова ыланнар үөрүүлэрэ үрдээтэ. Куонкуруска кыттыбыт хаһаайкаларга анал ааттарын туоһулуур суруктар уонна бэлэхтэр туттарылыннылар, — диэн сырдатта.
Галина Николаевна кэпсээбитинэн, үөрүүлээх дьоро киэһээни Майя Беленкова иилээн-саҕалаан ыыппыт.
Сынньалаҥ киэһээни Иван Бабанов салайааччылаах ВИА, «Үҥкүү дууһам алыба» диэн Илин эҥээрдээҕи куонкуруска «Бастыҥ сюжеттаах үҥкүү» анал хаһаайкалара, Марфа Дорофеева салайааччылаах «Саһарҕа» үҥкүүһүт эбээлэрин намыын үҥкүүлэрэ, «Бриллиантовые нотки» бэстибээл-куонкурус «Гран-при хаһаайыттара «Күлүмчээн» оҕо үҥкүүтүн ансаамбыллара киэргэппиттэр. Эдэр хореограф Саргылаана Кардашевская туруорбут аныгылыы сэргэх үҥкүүлэрэ, нэһилиэк ырыаһыт эр дьоно бырааһынньыгынан кэрэ аҥаардары, көрөөччүлэри эҕэрдэлээһиннэрэ үөрүү аргыстаммыт, ытыс тыаһынан арыалламмыт. Сүүйүүлээх оонньуу бу киэһээни өссө эбии сэргэхсиппит. Ол курдук, киирии билиэтинэн Икеа сибэкки уурар полкатын нэһилиэк олохтооҕо Яков Бочонин тутан ылбыт. Кондитер Татьяна Петрова астаабыт минньигэс тортарын Матрена Андросова, Николай Карбаканов сүүйбүттэр.
—Бу курдук Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Изабелла Жараева салалтатынан, ытыктыыр киһибит Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов төрөөбүт күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит, чаҕылхай бырааһынньыктан үөрдүбүт, астынныбыт. Бука бары күндү биир дойдулаахпытыгар туох баар үтүөнү, кэрэни, кытаанах доруобуйаны, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, сырдык санаабыт алгыс буолан арыаллыы, арчылыы сылдьарыгар эрэнэбит. Сэргэх тэрээһинтэн бары үөрдүбүт-көттүбүт, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, М.А.Петров аатынан бибилэтиэкэ