Таатталар Ельциҥҥэ бэлэхтэрэ

01.02.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн — Арассыыйа бастакы Бэрэсидьиэнэ Борис Николаевич Ельцин төрөөбүтэ 88 сыла. Кини Уралга Бутка оройуонугар олунньу 1 күнүгэр 1931 сыллаахха күн сирин көрбүтэ.


Кини урут хаһан да дойду салалтата болҕомтоҕо ылбатах эрэгийиэнигэр, Саха сиригэр, иккитэ кэлэ  сылдьыбыта. Ол кэлиитэ Саха сирин уу хараҕынан көрөн, норуоту сирэй көрсөн, дьиҥ кыһалҕаны быһаарсыы уонна ону туоратарга үлэлэһии этэ. Бастаан, 1990 сыллаахха, Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн олорон. Иккиһин, 1993 сыллаахха, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ буолан баран. СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт ыһыахха Тааттаҕа ыҥырыытынан.

Cаха тыллаахха, урааҥхай сирэйдээххэ самаан сайын муҥутуу ситэн-силигилээн, күөх торҕоҕо сууланан кэрэтийэн турдаҕына ыытыллар улуу тунах ыһыахха, таатталар ыраахтан кэлбит ыалдьыттары уруйдуу-айхаллыы, бары сиэри-туому тутуһан үрдүк таһымҥа көрсүбүттэрэ. Кыынньар кымыһынан айах туппуттара. Олоҥхонон уруйдаабыттара.

Оттон дойду бастакы Бэрэсидьиэнигэр, бар дьон ортотугар, уран тарбахтаах Людмила Габышева тикпит саха таҥаһын, норуот маастара Федор Чээрин оҥорбут үрүҥ көмүс курун  бэлэхтээһиннэрэ саамай долгутуулаах уонна үйэлэргэ умнуллубат түгэнинэн буолбута. Маныаха бу уран тарбахтаах маастардар биир мээрэйэ суох сөрү-сөп гыммыттара ордук сөхтөрбүтэ. Бүгүн Борис Николаевич Ельцин төрөөбүтэ 88 сылынан, ити туһунан ахтан-санаан аастыбыт.

«Мээрэйин бэйэҥ бил»

Үрдүк квалификациялаах педагог, “Учууталлар учууталлара”, уран тарбахтаах маастар Людмила Всеволодовна Габышева бу туһунан маннык кэпсиир:

—Ити кэмҥэ мин Томпоҕо үлэлии сылдьарым. Биир күн кыра балтым Аня эрийэн ыһыахха Ельцин кэлэрин, бэлэмнэнии бөҕө буола турарын, кини “Кыыс Куо куонкуруска кыттарын, өссө биир балтым Мотрена (технолог идэлээх) Ельцини аһатарга эппиэттээҕин, о.д.а. элбэҕи кэпсээтэ. “Куонкуруска кыттарбар таҥас тигэриҥ буоллар”, — диэн көрдөстө.

Мин балтыбар көмөлөһөөрү, үлэбин үмүрүтэ охсоот, Таатталаатым. Тиийэн таҥас-сап атыылаһаары гыммытым, маҕаһыын адьас кураанах. Толкуйдаан баран, билэр дьонноохпун диэн култуура управлениетыгар тиийдим уонна онно үлэҕэ хабыллан хааллым. Ыксал бөҕө буолбуттар. “Ельциҥҥэ таҥас тигиэххэ наада”, — диэт, саҥардар да бокуой биэрбэккэ, таҥас туттаран баран, дьиэбэр массыынанан илдьэн кэбистилэр. Били, балтыбар уустаан-ураннаан тикпит киһи дии сылдьыбытым, кэнники тэбилиннэ. Бэйэм Ельциҥҥэ таҥас тигэр түбүгэр түстүм. Аны размерын ким да билбэт. Толкуйдаа уонна тик да сабаас, мээрэйин бэйэҥ билэ сатаа диэн буолла.

Ыксал бөҕө. Тыйаатырдартан таҥаһы киэргэтээри саһыл ыллым. Этэрбэһэ суох сылдьарынан сону уһун гыннахпына сатаныыһы диэн толкуйдаатым. Хата, ити кэмҥэ Саха сирин биллэр асчыта Иннокентий Тарбахов кэллэ. Polaroidка Ельцинниин түспүтүн көрдөрдө. Онно кини Ельциҥҥэ саннынан сылдьар. Оттон мин Иннокентий Иннокентьевичтыын тэҥмит. Инньэ гынан, ол хаартысканан сирдэтэн, быһа холуйан таҥаспын быстым.

Аны, киэргэтэргэ тимир бүлтэстэр наада буолан турдулар. Оччолорго оннугу ким да оҥорбот. Онон сон киэргэлин сарыыны быһа кырыйан, анныгар атын өҥнөөх таҥаһы уган ойуулуурга быһаарынным. Сарыыга уруһуйдаан биэрбиппин, балтыларым тэһитэ кырыйааччы буоллулар. Сарыыбын дьиэбитигэр баар массыынабыт тикпэт, онон бытовойга илдьэн сүүрдэбин. Быыспар балтым таҥаһыгар ылсабын. Итинник, “оргуйан” олоробут. Ыһыахпыт чугаһаан истэҕин аайы, эппиэтинэстээх сорудаҕы өйдөөннөр, мээрэйдэнэн көрөргө диэн саамай бөдөҥ дьону: Николай Муруновы, Петр Андросовы аҕалтаатылар. Онтубут тоһоҕоҕо ыйаабыт курдук буолан иһэр. Дьэ, оннук түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн, туох баар ииспин барытын икки нэдиэлэ курдугунан бүтэрбитим. Тута сөрөөн ылбыттара. Сураҕа анал приборунан бэрэбиэркэ оҥорбуттар үһү.

Дьэ, кэтэһиилээх ыһыахпыт күнэ үүннэ. Мин долгуйан хайдах да буолуохпун билбэппин. “Сиэҕэ кылгас буолбатар ханнык” диэн ону эрэ санаан тахсабын. Чугастан көрүөхпүн наһаа баҕарабын да, тырыбына тобус-толору киһи. Хата, оччолорго оройуоҥҥа үөрэх отделыгар сэбиэдиссэйдиир Атос Реасович Кулаковскай көрөн ыҥырда. Онон үөһээттэн көрөр дьолго тигистим.

Түһүлгэҕэ Борис Ельцин киириитэ ураты буолла. Ытыс тыаһа тохтообокко өргө диэри арыаллаата. Ол кэнниттэн, СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев уонна улууспут баһылыга Г.М.Артемьев истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Салгыы сахалыы сону Ельциҥҥэ кэтэрдии сиэрэ-туома буолла. Мин наһаа долгуйаммын, сүрэҕим тыаһа кулгаахпар иһиллэр курдук. Баартыйа урукку үлэһитэ Алексей Турнин сону ылан сахсыйда, көннөрдө. Оттон Ельцин маннык бэлэҕи күүппэтэх буолан, улаханнык соһуйда, кэннинэн чугуруҥнаата уонна кэттэ.  Дьэ доҕоор, соммут да, курбут да сөрү-сөп буолан биэрдилэр. Итини эрэ кэтэһэн олорбут түһүлгэ ыалдьыттара бары үөрүү-көтүү, уруй-айхал бөҕө буола түстүлэр.

Ити улахан ыалдьыты сахалыы таҥыннарыы түгэнин хаартыскаҕа түһэрэннэр, тас дойдуларга тиийэ хаһыаттарга таһаарбыттар этэ. Тэлэбиидэнньэ устан үйэтиппитэ.

Быһа холуйан, сэрэйэн көрөн

Норуот маастара, СӨ маастар-педагог Федор Чээрин куру оҥорбутун туһунан кэпсиир.

—Баһылык Георгий Артемьев төлөпүөнүнэн эрийэн Арассыыйа ыраахтааҕытын таҥыннарарга кур наада диэн сорудахтаабыта. Төһө уһуннааҕы оҥорорбун ыйыппыппар,  “арааһа, 1 м.15 сөп буолар ини” диэн буолла. Ону бэйэбэр мээрэйдэнэн көрбүтүм, 1,05-пин. Онно “Бэйи эрэ, Ельцин бөдөҥ киһи эбээт. Хайдах да ити кыра буолсу” диэн толкуй киирдэ. Хата, тэлэбиисэргэ кини Михаил Николаевтан төһө улаханын көрөн, онон сирдэтэн, быһа холуйан 1 м. 37 см уһуннаах гына чочуйбутум. Кэтитэ 8 см курдук. Матырыйаала бэйэбиттэн. Оруос Баай куругар майгылатан оҥорбутум.

Аны ол кэмҥэ анды саҕаланна. Мин буоллаҕына хайдах да гынан, бултаатахпына эрэ табыллабын. Онон сүрүнүн оҥороот, ыраах андылыы баран хааллым. Хаһан кэлиэхпэр диэри, ыһыахпыт бу ыган кэллэ. Хайыахпыный, кэлээт да үлэм үрдүгэр түстүм. Икки хас күн түүннэри бардым. Оччолорго Мандар Уус мастарыскыайыгар уһанабын. Араадьыйанан Ельцин ханна кэлбитин истэ олоробун.

Бүтэрээт, кэтэһэн турар улахан “Урал” вахта массыынанан сарсыарда аҕыстан Баайаҕаттан Ытык Күөлгэ “көтүттүбүт”. Хайдахтаах да суолу аахсыбакка айаннаан Ытык Күөлгэ порт таһыгар тиийиибитигэр, вертолет кэлэн түстэ. Ону көрө олорон мин, хойутаппакка тиэрдэ оҕустарбын диэн ыксыыбын аҕай. Табаарыһым аахха тиийэн сууна-тараана оҕустум, маҕан ырбаахы кэттим, оҥоһукпун салапааҥҥа уктум уонна паарка диэки “түһүнэн” кэбистим.

Тиийбиппит Ельциммит тырыбынаҕа тахсыбыт, паарка иһэ дьонунан толору. Бэрээдэги араҥаччылааччылар сыаптыы турбуттар, кими да киллэрбэттэр. Дьэ, ыксал буолла. Биһиги Мандар Уустуун иккиэн ыллыбыт да бокуойа суох паарка кэннинэн эргийэ сүүрдүбүт. Хата, дьолго, онно ким да көрбөтүгэр күрүө быыһынан киирэн хааллыбыт. Ол киирэн олохтоох дьаһалта исписэлииһигэр тиийэн быһаардыбыт, Георгий Михайлович Артемьевка тиэрдэргэ көрдөстүбүт да, Ельцин харабыллара туох да иһин киллэттэрбэтилэр. Ол ыксалга туран, Ирина Бояринованы көрөн аны киниэхэ сүүрдүм. Кини оччолорго Тааттаҕа дьаһалтаҕа үлэлиирэ. Тиийэн этэрбин кытары, Ирина Николаевна тылын ылыннаран, дьэ ол харабылларбыт суумкалаах киһини ыҥыран аҕала оҕустулар. Ол киһибит суумкатын иһэ тобус-толору прибор, бороһуога арааһа элбэх. Бэрэбиэркэ бөҕөтүн оҥордо уонна көҥүл биэрдэ.

Ол кэнниттэн, аны, Мандар Уустуун иккиэн оҥоһуктарбытын туттаралларын хайдах гынан көрөбүт диэн толкуйга түстүбүт. Миэстэбит суох, тырыбына кэннигэр турабыт.  Ол туран, “күндү ыалдьыттары сценаҕа ыҥырабытр” диэни иһиттибиэт-истибэтибиэт, ыллыбыт да бокуойа суох тырыбына 4-5 миэтэрэ үрдүктээх туруору маһынан хатаастыбытынан бардыбыт. Уонна оннук ыйанан, тутуһан туран көрдүбүт ээ.

Мин курум сөп түбэһэрэ дуу, суоҕа дуу диэн долгуйуу кытаанаҕа. Арай, кэтэрдибиттэрэ, лып курдук олоро түстэ. Таҥаһа бука барыта сөп буолла. Ону көрөөт, Мандар Уустуун иккиэн утарыта бэйэ-бэйэбитин көрсө түстүбүт, үөрүүбүтүттэн тугу да кыайан саҥарар кыахпыт суох, айахпыт ыпсыбат  уонна тэбис-тэҥҥэ улахан баҕайытык “һуу!” дэһээт, аллараа диэки курулаһа турдубут.

Көхсүм чэпчээн, санаам көтөҕүллэн, үөрүүбүттэн атаҕым сиргэ да үктэммэт кэриэтэ буолан  пааркаттан тахсан баран истэхпинэ олохтоох дьаһалта исписэлииһэ ситэн кэлэн: “Кур оҥорбут маастар ханнаный диэн Ельцин ыйытар. Тиийэ охсор үһүгүн”, — диэн буолла. Аны онно төттөрү киирээри гыммытым, били, сыаптаан турар харабылларбыт киллэрэр аат суох. Оччолорго улууспут дьаһалтатыгар үлэлиир Степанида Николаева быһааран, син биир эрээти мүччү көттүбүт. Оттон иккистэр киллэрбэтилэр. Сатаатар сахалыы таҥныбатаҕым. Аны илиибэр көмүспүн уган аҕалбыт салапаан суумкабын тута сылдьабын.  Сыаптаан турааччылартан ыстанан кэллилэр да, миэхэ бокуой биэрбэккэ эргитэ тардаат, көхсүбүн сүр күүскэ кымаахтаан дуу, хайдах дуу, киһи кыайан хамсаабат буоларын курдук эрийэ тардан баран, төттөрү “утааран” кэбистилэр. Хайыахпыный, бардаҕым дии. Биир-икки күн ааспытын кэннэ, көхсүм кыһыйар курдугун иһин, туох ааттаах буолла диэммин сиэркилэҕэ көрбүтүм, киһи соһуйуон курдук күөх баламах буолбут этэ. Онон оннук ыһыахтаан турабын.

* * *

Улуу убайбыт Ойуунускай сүүс сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар, сүдү ытыктабыл бэлиэтинэн ыҥырыллыбыт Арассыыйа аҕа баһылыга Борис Николаевич Ельцин  улаханнык астынан, үөрэн барбыт сураҕа сири-дойдуну тилийэ көппүтэ. Оттон биһиги аар-саарга аатырбыт уран тарбахтаах киэн туттар дьоммут иистэммит иистэрэ, чочуйбут чочуйуулара биир мээрэйэ суох сөрү-сөп буолбутуттан ордук улаханнык дьолломмуттара.

Арассыыйа аҕа баһылыгар Борис Ельциҥҥэ маастардар: Людмила Габышева киһи эрэ көрөн астынар сахалыы таҥаһын тикпитэ, Мандар Уус удьурхайтан мааныттан мааны бэйэлээх шкатулка, Федор Чээрин дэйбиир бэртээхэйин уонна үрүҥ көмүстэн кур киэнэ кырасыабайын, астыгын чочуйан оҥорон таһаарбыттара.

Саха сатаабатаҕа суох диэн мээнэҕэ эппэттэр. Мындыр өйдөөх, кыраҕы харахтаах, сатабыллаах, ураты буочардаах уран тарбахтаах дьон тугу кыайбатахтара баарай.

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн уонна  Людмила Габышева, ФедорЧээрин архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0