«Хомус дьүрүһүйэр тыаһа саппаҕырбыт санааны сайгыыр, күүһү-уоҕу, эрчими биэрэр, киһини уратытык уоскутар, уйуһутар уратылаах» диэн дьон мээнэҕэ эппэт. Маныаха саха хомуһун туһунан 19-с үйэ ортотугар нуучча айанньыттара, чинчийээччилэрэ үлэлэригэр суруйбуттара элбэх. Иван Худяков «Краткое описание Верхоянского округа» хомуурунньугар сахалар хомуска күргүөмүнэн оонньуулларын туһунан бэлиэтээн турар. Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Бэрэсидьиэнэ 2011 сыллаахха Хомус күнүн сыл ахсын бэлиэтиир туһунан ыйааҕа тахсан турар. Итинтэн ыла, тэрээһин сайдан, кэҥээн, далааһыннанан, анал күнүн сэргэ, өссө Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, онтон да атын күннэргэ күөн күрэс быһыытынан ыытыллара кэрэхсэнэр.
Бэҕэһээ, Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр, хомусчут дьиэ кэргэттэргэ «Дьиэ кэргэн алыба — хомус» диэн бэртээхэй күөн күрэс буолла. Күрэхтэһии Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалера, ырыаһыт, үҥкүүһүт, артыыс, саха фольклорун тарҕатааччы Лука Николаевич Турнин төрөөбүтэ 102 сылыгар ананна. Бу иннинэ саайтка бэрт кылгастык күөн күрэс буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрэн турабыт. Онон бу сырыыга куонкурус хайдах ааспытын туһунан Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Алена Сабарайкинаттан чопчуластым.
— Күөн күрэскэ Баайаҕаттан, Ытык Күөлтэн, Туора Күөлтэн, Дьохсоҕонтон, Чычымахтан, Кыйыттан барыта тоҕус дьиэ кэргэн ох курдук оҥостон, эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн кытынна. Онон бары да эрбии тииһин курдук эгил-тэгил кииристилэр. Өссө киһи үөрэн уонна киэн туттан бэлиэтиирэ баар, тэрээһиҥҥэ эдэр ыччаттар, оскуола оҕолоро, эдэр төрөппүттэр ордук турунан кытыннылар. Маныаха маастарыстыба үрдээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ Лука Турнин аатынан куонкурус стипендиаттара Айтал Мырсанов, Ирина Охлопкова, улуустааҕы Ыччат уонна дьиэ кэргэн салаатын начаалынньыга Иван Иванов болҕомтолорун ууран үлэлээтилэр.
Хомус түһүлгэтигэр Чычымахтан Анна Канаева салайааччылаах «Күбэй» хомусчуттар бөлөхтөрө ыҥырыллан ыалдьыттаабыта тэрээһини өссө сэргэхситэн биэрдэ. Манна даҕатан эттэхпинэ, Анна Николаевна Лука Турнин үөрэнээччитэ, импровизатор-хомусчут. «Күбэйдэр» бу үөрүүлээх, долгутуулаах тэрээһиммит дуорааннаах түһүлгэтигэр мустубут бары кыттааччылары, кэрэхсээн, сэргээн кэлбит истээччилэри истиҥник эҕэрдэлээн туран хомустаан дьүрүһүттүлэр, сүрэҕи-быары долгуттулар уонна Лука Николаевич Турниҥҥа анаабыт хоһооннорун ис сүрэхтэриттэн долгуйан туран дорҕоонноохтук аахтылар.
Салгыы, 1959 сыллаахха Саха сирин ыччатын 2-с бэстибээлигэр Лука Турнин Таатта ыччатыгар туруорбут дьүһүйүүтүттэн Тыараһа нэһилиэгин ыччаттара быһа тардан хомуска оонньообуттара ытыс тыаһынан арыалланна. Өссө саастаахтары оччотооҕу кэми санатан улаханнык долгутта. Эдэрдэр аҕам саастаах дьонноругар, историяҕа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара, уруккуну сэргииллэрэ, үөрэтэллэрэ, билэргэ-көрөргө дьулуһаллара уонна эппиэтинэстэригэр ылынан ис сүрэхтэриттэн турунан туран дьарыктаммыттара тута көһүннэ, үрдүктүк сыаналанна. Онон бар дьон, истээччилэр махталларын, хайҕалларын ылыахтарын ыллылар.
«Бары уруһуйдуубут» бырайыагынан Харбалаахтааҕы оҕо искусствотын оскуолата тэрийбит хайысхата улаханнык биһирэннэ. Манна хомус дьүрүскэнин уонна хоһоону дьүөрэлээн истэ олорон, тутатына уруһуйдуур дьарыкка барыта 30-ча киһи кытынна. Сүрүннээн айылҕа кэрэтин, көтөрү-сүүрэри, кылыгырыы устар ыраас ууну, хомуһу чаҕылхай өҥнөрү туттан уруһуйдаабыттарын кэрэхсии көрдүбүт. Манна кыттыбыттар бары биир киһи курдук: «Дьикти, үчүгэй. Киһи иэйиитэ киирэр эбит. Толкуй, санаа бөҕө буолаҕын», — дэстилэр.
Хомуска оонньуурга үөрэтэр маастар-кылааһы ыалдьыттарбыт Айтал Мырсанов уонна Ирина Охлопкова ыыттылар. Манна түһүлгэҕэ мустубут дьон бука бары кэриэтэ анаан-минээн үөрэннилэр. Эдэр ыччат уонна оскуола оҕолоро улаханнык кэрэхсииллэрэ, кыһамньыларын ууран үөрэнэ сатыыллара барыбытын үөртэ, — диир Алена Алексеевна.
Ытыс тыаһынан доҕуһуолламмыт күөн күрэс түмүгүнэн, I үрдэлгэ Чычымахтан аат ааттаан кэлэн кыттыбыт Кириллиннэр дьиэ кэргэн чиҥник үктэнэн уруйдаммыттар-айхалламмыттар. II бочуоттаах үрдэлгэ Кыйы ыала Окоемовтар тахсан үөрүү-көтүү өрөгөйө буолбут. III үрдэлгэ Туора Күөлтэн кустук курдук куоһанан, ох курдук оҥостон кэлбит Борисовтар тахсан дойдулаахтарын улаханнык үөрдүбүттэр.
Маны сэргэ анал ааттар бэриллибиттэр. Ол курдук, «Үгэһи тутааччы» анал аат Апросимовтар дьиэ кэргэҥҥэ (Баайаҕа) бэриллэн эҕэрдэ эриэккэһин туппуттар. «Этигэн хомус» — Халыевтар уонна Гладкиннар (Дьохсоҕон), «Иэйиилээх айымньы» — Теряковтарга (Ытык Күөл) иҥэриллэн долгуйуу, үөрүү бөҕө буолбут.
—Көхтөөх кыттыыны ылбыт кыттааччыларбытыгар, күүс-көмө, өйөбүл буолбут улуустааҕы култуура управлениетыгар, салайааччы Гаврил Вырдылиҥҥа, фольклор исписэлииһигэр Майя Егороваҕа, улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн салаатыгар, салайааччы Иван Ивановка, ыалдьыттарга Айтал Мырсановка, Ирина Охлопковака, «Бары уруһуйдуубут» бырайыагы иилээн-саҕалаан ыыппыт Людмила Ефремоваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Алена Сабарайкина бэлиэтээн эттэ.
Тэрийээччилэр аныгыскы күөн күрэс бырагырааматыгар эбии саҥа сүүрээни киллэрэргэ, өссө элбэх дьиэ кэргэни кытыннарарга сүбэлэспиттэр.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru