Таатталар бэйэлэрин бородууксуйаларын билиһиннэрэллэр

Ааптар: 
13.10.2017
Бөлөххө киир:

Алтынньы 12-14 күннэригэр “Строительнай” ырыынак Кыһыл дьиэтин Быыстапкалыыр саалатыгар  “Тааттаҕа оҥоһулунна” диэн бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар оҥоһуктарын, астарын-үөллэрин  билиһиннэрэллэр.

edersaas.ru

Ол курдук, Таатта Баайаҕатын «Баай Ас» ТХПК аҕалбыт сибиэһэй эт астара бастакы күн хамаҕатык атыыга бардылар.

Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ иллэрээ күннээҕи сибиэһэй идэһэ этин, буотараҕын, хаанын “амсатыкка” диэн куорат дьонугар кэһии гынан лоскуй-лоскуй суулаан аҕалбыттарын, атыылаааччылар көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэрэн кэбистилэр.

Саха национальнай таҥастарын баайар Лидия Тимирдяева бэйэтин дьиэ кэргэнин таҥыннарбыт таҥаһын быыстапкаҕа аҕалан туруорбутун үгүс киһи сөҕө көрдө.

Сахалыы харысхаллары оҥорор тыйаатыр худуоһунньуга Иван Малышев интэриэһиргээбит дьоҥҥо 500 солк. маастар кылаас оҥордо.

Куорат олохтооҕо Галина Михайлова чаас аҥаарын иһигэр Иван көмөтүнэн харысхал оҥорон, бэйэтигэр бэлэх оҥорбутун илэ көрөн итэҕэйдим.

“Таатта” эрэдээксийэтин үлэһиттэрэ бэйэлэрин тэрилтэлэригэр кинигэ, сурунаал арааһын бэчээттииллэр эбит. Дьон “Талба Таатта” сурунаалы интэриэһиргээн атыыластылар.

Былырыын “Сири-уоту киэҥ эйгэҕэ таһаарыы” диэн тиэмэҕэ бырайыак суруйан грант ылан, Москваҕа анаан үөрэнэн кэлбитим.

Атын регионнар бу хайысханан сүрдээх күүстээх уонна түмүктээх үлэни ыыта олороллор эбит. Кинилэр уоппуттарын кытта билсэн, атастаһан кэлэн баран, улууспут аатын-суолун сураҕырдар өрүппүтүн ырытан көрбүппүт. Ол кэннэ: “Таатталар киэн туттар сүүрээммит   култуурабыт эбит”,диэн  бигэ санааҕа кэлбиппит. Онно олоҕуран “Тааттаҕа оҥоһулунна” диэн тосхолу тутуһарга санаммыппыт. Ол курдук, 50-ча сылы быһа Борис Неустроев-Мандар Уус тимиринэн уһаныыга уонна саха орнаменыгар үлэлээн, бу эйгэ сайдарыгар суолталаах олугу уурбута. Таатта улууһа мас уонна тимир уустарынан, уран тыл маастардарынан биллэр. Онон бу тэрээһини тэрийээччилэр: “Биһиги биир дойдулаахтарбыт айар-тутар, оҥорон таһаарар сатабыллара бэйэ дьарыктаах буолуутугар уонна дохуот киллэриитигэр туһаайыллыахтаах эбит”, диэн санааҕа кэлбиппит. Бу иннинэ улууспутугар “Тааттаҕа оҥоһулунна” диэн бырайыагы олоххо киллэрэн, анал быыстапка оҥорбуппут. Онно Таатта мүөтэ, чэйэ, оонньуурдара, араас оҥоһук, кинигэ, сурунаал  курдук сонун сүүрээннэри булбуппут. Ол эбэтэр бэрт үгүс дьоҕурдаах уонна сатабыллаах “сулустарбытын” арыйбыппыт. Үгүс киһи бу маннык тэрээһиннэртэн кынаттанан, бэйэлэрин дьоҕус мастырыскыайдарын аһан үлэлэтэн эрэллэр. Ол аата биһиги биир дойдулаахтарбытыгар патриотическай өйү-санааны уһугуннардыбыт диэн үөрэбит. Киин куоракка кэлэн, Таатта дьонун-сэргэтин оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын билиһиннэрэн туран, биһиги холобурбутун атын улуустар батыһаллара буоллар диэн холобур көрдөрдүбүт. Бу тэрээһин кыттыыллахтара: «Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо: “Мин олохтоох түөлбэбэр туох туһалааҕы оҥорон таһаарыахпын, дьарыктаах буолан, олохпун хайдах тупсарыахпын сөбүй?” – диэн патриоттуу санаатын уһугуннардаҕына, “Саха сиригэр оҥоһулунна” хамсааһын тэтимнээхтик сайдыа этэ дии санаалаахпыт, – диэн санаатын үллэстэр быыстапканы тэрийээччи, Тааттааҕы култуура управлениетын салайааччытын солбуйааччы Марианна Степанова.

Куорат олохтоохторо тэрээһиҥҥэ сылдьан, ким туохха наадыйарынан бэрт элбэх туһалааҕы атыыласта.  Ол курдук, учуутал Маргарита Павлова сир аһыттан оҥорон атыылыыр чэйин, утаҕын амсайан баран, бэрт элбэх киһи атыыласта. Мин көрөн турдахпына куорат олохтооҕо Варвара Иванова: «Таатта отун чэйин  амсайан баран, сөбүлээтэхпинэ өссө сакаастыам»,–  диэн моонньоҕон сэбирдэҕин уонна кучу чэйдэри ылла.

Оттон 2 саастаах Айылхан Барабанов Олоҥхо куукулаларын уруһуйун көрөн баран, дьэрэкээн ойууну сэргээччи буолан, бу тэрээһиҥҥэ эмиэ актыыбынай кыттыыны ылла.

Онон ким интэриэһиргээбит дьон «Тааттаҕа оҥоһулунна» диэн талааннаах, дьоҕурдаах дьон оҥоһуктарын кытта билсэн, наадалааххытын булан, атыылаһыҥ.

Оннооҕор Индия курдук ыраах сиртэн  кэлэн, атыы-эргиэн быыстапкатын тэрийэллэр дии. «Таатта талааннаахтара дуо?» дэнэр бренди, бэйэбит дьоммутун өйүөҕүҥ! Быыстапка алтынньы 14 күнүгэр — баскыһыанньаҕа түмүктэнэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0