Таатта Игидэйигэр куолуһуттар күрэхтэстилэр

Ааптар: 
22.03.2020
Бөлөххө киир:

«Куолу» араатардар күрэстэрэ өрө көтөҕүллэн туран, 24-с төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Быйыл «Куолу» күрэһи төрүттээбит бырайыак ааптара, энтузиаст учуутал Анна Павловна Варламова төрөөбүтэ 70 сылыгар ананна.

Анна Павловна Варламова — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа бастыҥ учуутала, РФ бэрэсидьиэнин гранын стипендиата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

«Куолу» араатартар күрэстэригэр Игидэй нэһилиэгэр кыратыттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ бары кытталлар. Ол курдук, быйыл «Теремок» уһуйааҥҥа барыта аҕыс уһуйаантан аҕыс оҕо, аҕыс иитээччи күөн көрүстэ. Оскуола оҕолорун ортотугар аҕыс оскуолаттан барыта 65 үөрэнээччи үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, омуктуу) араатардаата. Маны таһынан, тоҕус улахан киһи кыттыыны ылла, үс дьиэ кэргэн күрэстэстэ. Онон, бу күн уопсайа Дэбдиргэҕэ 81 киһи кытынна.

Тэрээһин аан бастаан Анна Павловна өр сылларга нэһилиэк мусуойун үлэлэппитин, саҥалыы тыынынан туспа дьиэҕэ арыйыы сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Мусуойга кини аата иҥэрилиннэ. Алгыһы этиини Софрон Егорович Оросин ылыннарыылаахтык толордо. Мусуой дьиэтин аһыыга нэһилиэк баһылыга Руслан Алексеевич Захаров, исписэлиис Александра Семеновна Жулева, олохтоох уус Алексей Дмитриевич Харайданов сыраларын ууран, күүстэрин холбоон, сиэдэрэй оҥоһуулаах олус үчүгэй мусуойу нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар.

Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан полит-сыылкатааҕы мемориальнай мусуой дириэктэрэ Н.Е. Попов, улуус баһылыгын солбуйааччы И.А Сивцева, Игидэй нэһилиэгин мусуойуон бастакы төрүттээччи Мария Семеновна Максимова буоллулар. Мария Семеновна Игидэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аатын сүктэ. Маны таһынан, Анна Павловна дьиэ кэргэнэ, аймах-билэ дьоно, дьүөгэлэрэ кыттыыны ыллылар.

А.Ф.Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр сэрии бэтэрээнэ Алексей Тарасовка анаммыт дьүһүйүүнү көрүү буолла. Сүрүн оруолу нэһилиэк баһылыга Руслан Алексеевич  Захаров итэҕэтиилээхтик оонньоото.

Дьэ, күнүс биир чаастан сыаллаан-соруктаан кэлбит «Куолу» араатардар күрэстэрэ үс тылынан тигинэччи саҕаланна. Араатардыы кэлбит оҕолор илин-кэлин эрбии тииһин курдук түһүспүтүнэн бардылар. Уһун эрийсиилээх киирсии кэнниттэн хайысхаларынан түмүк маннык таҕыста.

Уһуйаан саастаах оҕолорго:

«Бастыҥ куолуһут» — Саша Кайгородов (Игидэй);

1 миэстэ – Диана Данилова (Уолба);

2 миэстэ – Дьулус Винокуров (Чычымах);

3 миэстэ – Анита Понаморева (Туора Күөл);

«Хомоҕой тыллаах» анал аат — Алеся Бабанова (Боробул, «Мичил» оҕону сайыннарар киин);

«Тобуллаҕас толкуйдаах» анал аат – Рома Романов (Баайаҕа).

Иитээччилэргэ:

«Бастыҥ куолуһут» —  Парасковья Николаевна Петрова («Сулусчаан» оҕону сайыннарар киин, Ытык Күөл);

1 миэстэ — Клара Александровна Дедюкина («Теремок» уһуйаан, Дэбдиргэ);

2 миэстэ — Анна Николаевна Захарова («Кэскил» уһуйаан, Туора Күөл);

3 миэстэ —Вера Васильевна Белолюбская («Ньургуһун» уһуйаан, Баайаҕа);

«Хомоҕой тыллаах» анал аат — Мотрена Михайловна Андросова («Мичил» оҕону сайыннарар киин, Боробул);

«Тобуллаҕас толкуйдаах» анал аат — Варвара Кимовна Малышева (Чычымах).

Алын сүһүөххэ уолаттар күрэстэһэллэр. Барыта сэттэ уол күөн көрүстэ, түмүк маннык таҕыста:

«Бастыҥ куолуһут» — Никита Дягилев , 3 кылаас (Игидэй, салайааччы А.И. Захарова);

1 миэстэ — Сеня Никитин, 4 кылаас (Чөркөөх, салайааччы Ф.Е. Баява);

2 миэстэ — Арсен Яковлев, 2 кылаас (Чөркөөх, салайааччы М.В. Лукачевская);

3 миэстэ — Айхал Кривошапкин (Игидэй, салайааччы А.И. Захарова);

«Хомоҕой тыллаах» — Дьулус Аввакумов, 2 кылаас (Чөркөөх, салайааччы М.В. Лукачевская);

«Айар алыптаах» — Арылхан Марков, 2 кылаас (Игидэй, салайааччы А.И. Захарова);

«Тобуллаҕас толкуйдаах» — Родомир Власов, 2 кылаас (Чөркөөх, салайааччы М.В. Лукачевская).

Сахалыы тылынан орто сүһүөх оҕолорго түһүмэххэ 37 үөрэнээччи кытынна:

«Бастыҥ куолуһут» — Селена Большакова, 6 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата, салайааччы М.Е. Павлова);

«Хомоҕой тыллаах» — Лада Матаннанова, 8 кылаас (Игидэй, салайааччы Г.В. Лопатина);

«Айар алыптаах» — Айта Аргунова, 6 кылаас (Игидэй, В.К. Ефимова);

«Тобуллаҕас толкуйдаах» — Саша Герасимов, 5 кылаас (А.Е.Мординов аатынан лицей, салайааччы О.П. Андросова);

1 миэстэ — Ваня Спиридонов, 8 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы О.П. Андросова);

2 миэстэ — Сережа Плотников, 6 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата, салайааччы М.Е. Павлова);

3 миэстэ — Олег Баннов, 6 кылаас (Игидэй, салайааччы В.К. Ефимова).

Сахалыы тылынан үрдүкү сүһүөхтэргэ:

«Бастыҥ куолуһут» — Аида Степанова, 9 кылаас (Игидэй, салайааччы В.К. Ефимова);

«Хомоҕой тыллаах» — Айсен Егоров, 9 кылаас (Чычымах, салайааччы Г.Д. Егорова);

«Айар алыптаах» — Марина Спиридонова, 9 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы О.П. Андросова);

«Тобуллаҕас толкуйдаах» — Альберт Попов, 9 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы О.П. Андросова);

1 миэстэ — Максим Дягилев, 10 кылаас (Игидэй, салайааччы Г.В. Лопатина);

2 миэстэ — Алина Никонова, 9 кылаас (Уолба, салайааччы С.И. Рахлеева);

3 миэстэ — Арслан Мандаров, 9 кылаас (Баайаҕа, салайааччы С.В. Жиркова);

«Бастыҥтан бастыҥ» — Айсен Егоров, 9 кылаас (Чычымах, салайааччы Г.Д. Егорова).

Нуучча тылынан «Куолу» күрэһигэр орто сүһүөххэ барыта 8 оҕо кытынна:

«Лучший оратор» — Селена Большакова, 6 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолата, салайааччы Н.В. Петрова);

1 миэстэ — Алина Захарова, 6 кылаас (Игидэй, салайааччы М.П. Ермолаева);

2 миэстэ — Айсар Ермолаев, 6 кылаас (Игидэй, салайааччы М.П. Ермолаева);

3 миэстэ — Олег Баннов, 6 кылаас (Игидэй, салайааччы М.П. Ермолаева);

«Красивый русский язык» — Лира Аргунова, 5 кылаас (салайааччы М.П. Ермолаева);

«Оригинальная речь» — Айсулу Винокурова, 7 кылаас (Баайаҕа, салайааччы В.Е. Мандарова);

«Оригинальная речь» — Айта Аргунова, 6 кылаас (Игидэй, М.П. Ермолаева);

«Убедительная речь» — Данил Иванов, 7 кылаас (Баайаҕа, салайааччы В.Е. Мандарова).

Нуучча тылынан үрдүкү сүһүөххэ барыта 6 үөрэнээччи күөн көрүстэ:

«Лучший оратор» — Марина Спиридонова, 9 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы Л.Д. Сысолятина);

1 миэстэ, «Самая богатая речь» — Айгуль Захарова, 8 кылаас (Игидэй, салайааччы С.С. Дягилева);

2 миэстэ — Максим Дягилев, 10 кылаас (Игидэй, салайааччы С.С. Дягилева);

3 миэстэ — Альберт Попов, 9 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы Л.Д. Сысолятина);

«Красивый русский язык» — Эльза Лопатина, 9 кылаас (Игидэй, салайааччы М.П. Ермолаева);

«Убедительная речь» — Ваня Спиридонов, 8 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы Л.Г. Колодезникова).

Английскай тылынан күрэскэ барыта 10 үөрэнээччи барыта кытынна.

5-6 кылаастарга түмүк маннык таҕыста:

«Лучший оратор» — Рада Харитонова, 6 кылаас (Чөркөөх, салайааччы В.И. Харитонова);

2 миэстэ — Артем Старостин, 5 кылаас (Чөркөөх, салайааччы В.И. Харитонова);

3 миэстэ —Майя Ефремова, 6 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуола, салайааччы В.П. Огонерова);

3 миэстэ — Юра Максимов, 5 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуола, салайааччы В.П. Огонерова);

«Лучшие» предложения» — Алина Таппырова, 5 кылаас (Уолба, салайааччы С.И. Кусатова);

«Грамотная речь» — Валера Слепцов, 5 кылаас (Чымнаайы, салайааччы С.Е. Максимова);

«Выразительная речь» — Сарыал Федоров, 6 кылаас (Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуола, салайааччы В.П. Огонерова).

7-8 кылаастарга:

«Лучший оратор» — Айгуль Захарова, 8 кылаас (Игидэй, салайааччы А.В. Габышева);

«Лучшие предложение» — Иван Спиридонов, 8 кылаас (Тааттатааҕы лицей, салайааччы Я.И. Попова).

9-11 кылаастарга:

1 миэстэ — Арслан Мандаров, 9 кылаас (Баайаҕа, салайааччы З.Р. Луковцева);

2 миэстэ — Алик Попов, 9 кылаас (Тааттаттааҕы лицей, салайааччы Я.И. Попова).

Дьиэ кэргэн конкурсугар барыта 3 дьиэ кэргэн кытынна:

1 миэстэ — Екатерина Юрьевна, Маша Рахлеевтар, Уолба нэһилиэгэ.

2 миэстэ — Егор Алексеевич, Арылхан Марковтар, Игидэй нэһилиэгэ.

3 миэстэ — Любовь Николаевна, Маша, Алина, Сайыына, Айыына, Жора Захаровтар, Игидэй нэһилиэгэ.

Улахан дьоҥҥо барыта 9 киһи кытынна:

«Бастыҥ Куолуһут» — Л.Н. Андросова, «Иэйии» түмсүү салайааччыта (Игидэй нэһилиэгэ);

1 миэстэ — А.К. Аргунова, Игидэй;

2 миэстэ — С.А. Иванова, Игидэй;

3 миэстэ — В.А. Кузьмин, Игидэй;

«Айар алыптаах» — А.И. Аргунова, Игидэй;

«Хомоҕой тыллаах» — В.К. Ефимова, Игидэй;

«Сатабыллаах саҥалаах» — О.С. Дьяконова, Ытык Күөл;

«Тобуллаҕас толкуйдаах» — М.Е. Павлова, Ытык Күөл;

«Устар ууну сомоҕолуур тыллаах» — О.П. Андросова, Ытык Күөл.

Дьэ, бу курдук тыл биһигэр — Игидэйгэ «Куолу -2020» араатардар күрэстэрэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Анна Павловна Варламова аатын үйэтитиигэ аймахтара сыллата биэс тыһыынча солкуобай сууммалаах стипендия аныыллар. Кыыһа Нарыйа ийэтэ төрүттээбит бырайыагын үйэтитиигэ сыллата күүскэ ылсарын бэлиэтиир наадалаах. Аймахтарын түмэ тардан тэрээһин ыытыллыытыгар кыттыһаллар. Ол курдук, эдьиийдэрэ Акулина Павловна Колмогорова, Надежда Николаевна Варламова сыллата күүс-көмө буолаллар, анал бириис олохтууллар. Чычымахтан Анна Павловна балта Людмила Андреевна Егорова сыл ахсын оҕотун Айсены кыра сааһыттан кытыннарар.

Учууталбыт Анна Павловна төрүттээбит «Куолу» араатардар күрэстэрин бырайыага инникитин өссө да элбэх дьону түмэ туруо диэн эрэнэбит. Эһиил 25-с үбүлүөйдээх сыла буоларын санатан туран, араас улуустартан баҕалаах оҕолору, салайааччылары эрэнэ күүтүөхпүт.

Варвара Ефимова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

Хаартыскалар — «Куолу» тэрийээччилэриттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0