Таатта улууһугар бэҕэһээ, сэтинньи 26 күнүгэр, И.Г.Федосеев аатынан Оҕо успуордун оскуолатын уораҕайыгар төрүт оҕунан ытыыга күрэхтэһии буолан ааста.
Уопсайа тоҕус нэһилиэктэн 38 кыттааччы кытынна: 14 дьахтар уонна 24 эр киһи. Ол курдук, дьахталларга куобаҕы, куһу уонна тииҥи ытыыга Чөркөөх нэһилиэгиттэн Екатерина Вырдылина тэҥнээҕин булбата. Эр дьоҥҥо эмиэ куһу, куобаҕы уонна тииҥи ытыыга Ытык Күөлтэн Николай Эляков бастаата.
Таатта улууһун успуорка кэмитиэтин тус архыыбын хаартыската
Уопсай түмүгүнэн кыайыылаахтар маннык таҕыстылар:
Дьахталларга —
1 миэстэни — Екатерина Вырдылина (Чөркөөх)
2 миэстэни — Ольга Кусатова (Уолба)
3 миэстэни — Сардаана Баишева (Уолба)
Эр дьоҥҥо —
1 миэстэни — Николай Эляков (Ытык Күөл)
2 миэстэни — Виктор Тистяхов (Ытык Күөл)
3 миэстэни — Ньургустан Тистяхов (Харбалаах)
Хамаанданан түмүк:
1 м. Ытык Күөл (86 очукуо)
2 м. Чөркөөх (84 очукуо)
3 м. Уолба (81 очукуо)