Тааттаҕа Михаил Боппосов быйыл балбаахтан оҥоһугун оҥорбот буолла

Бөлөххө киир:
Михаил Боппосов тус архыыбын хаартыската туһанылынна © sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/mihail-bopposov-byjyl-balbaahtan-onohugun-onorbot-buolla/

Таатта улууһун олохтооҕо Михаил Боппосов өрөспүүбүлүкэҕэ уран тарбахтаах ууһунан биллэр. Кини хас үүнэр саҥа сыл ахсын сыл бэлиэтин балбаахтан оҥорон дьону сөхтөрөөччү.

Биһиги Михаил Трофимовичка сибээскэ тахсан быйыл сыл бэлиэтин оҥороҕун дуо диэн сураспыппытыгар, кини номнуо гороскоп уон икки бэлиэтин оҥордум, онон быйыл тохтуубун диэн санаатын үллэстибитэ.

Михаил Боппосов балбаахтан оҥоһуктара өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторун сөхтөрөрүн ааһан, кинини үтүктэн оҥорооччулар эмиэ бааллар. Ол курдук, кэлиҥҥи сылларга сыл бэлиэлэрин хаартан, муустан, балбаахтан оҥорон социальнай ситимҥэ тарҕатар дьон элбэх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0