Таатта улууһа былаанын толорон, атыыга оттуурга эрэллээх

16.08.2017
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар ааспыт нэдиэлэ сэрэдэтигэр, чэппиэригэр күһүҥҥүлүү наҕыллык ньиккирэччи самыырдаан баран, субуотаҕа этиҥнээх ардах ыаҕастаах уунан саба кутан ааста. Ол даҕаны буоллар, Таатта хоһуун отчуттара былааннаах отторун 66,5 бырыһыанын толороннор, кэбээйилэр кэннилэриттэн саппай уопсан иһэллэр. Бастакы Ыспааһабы 24284 туонна кэбиһиилээх көрүстүлэр.

edersaas.ru


Олохтоох дьоннуун кэпсэтиигэ: «Алдан, Амма өрүстэр уонна Таатта үрэх тардыыларыгар олорор буоламмыт, былыт кэллэр эрэ, түспэккэ ааспат», – дииллэр эрээри, быйыл сайын кураан сибикитэ биллибит. Ол үрдүнэн Амма хочото нүөл буолан, Харбалаах, Чымынаайы, Чычымах ыаллара оту баспыттар. Оннооҕор Таатта Чөркөөҕөр бааһынай хаһаайыстыбалаах Халгаевтар ааспыт сылларга 20-лии рулону ылар сирдэриттэн быйыл сайын икки бүк элбэҕи ыла сылдьалларын кэпсээтилэр. Ол – урукку сииктээх сирдэр куураннар, көлүйэлэр уоланнар, уолбалар тахсыбыттарыттан.

Таатта улууһа бэйэтин былаанын таһынан 1,5 тыһ. туонна оту хоту Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы, Абый уонна ыаллыы Уус Алдан улуустарыгар атыыга анаан бэлэмниир соруктаах. Хаһаас фондаҕа 15 хаһаайыстыба оттуоҕа. Холобур, Октябрьскай нэһилиэгэр (Чөркөөххө) «Кэскил» ХЭУо үөһээ дьааҥыларга 400, «Дьолуо» ТХПК өймөкөөннөргө 300 туонналыыны атыылыыр былааннаахтар. Мантан уратытын улуус бааһынай хаһаайыстыбалара 50-нуу, 100-түү туонналыынан бэлэмниэхтэрэ.

Улуус кылаабынай агронома Евгения Пинигина бигэргэтэринэн, ардах аһара атахтаабатаҕына, атырдьах ыйын иһинэн 36531 туонна былааннаммыт оту толорор уонна атыыга 1,5 тыһ. туонна оту чөкөтөр кыах баар. Кырдьык, айаннаан иһэн көрдөххө, Мэҥэ уонна Чурапчы алаастара саһарчы куурбут-хаппыт буоллахтарына, Таатта улууһугар үрэхтэрин-өрүстэрин хоннохторо-быттыктара көҕөрөн олороллор. Бэл, эрдэ охсуллубут хадьымал ото иккиһин охсуллуох буолбут.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитигэр: Чычымахха Амма хочотугар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0