1990 сыллартан эрэллээхтик үлэлээн кэлбит олохтоох дьон итэҕэлин ылбыт чааһынай баан аҕыйах хонук иһигэр эстэр турукка киириэ, дьон харчытын сатаан устуо суоҕа диэн түһээн да баттаппат этибит. Онтубут биир күн иһигэр элбэх киһи тус уурдарыытын, урбаанньыттар тэрилтэлэрин харчытын, быһа холоон, 7 млрд солк. сүтэрдилэр.
edersaas.ru
«Таатта» баантан үлүгэрдээх харчы эмискэ сүтэн хаалан, салалтата ханна куоппута биллибэккэ, килийиэннэр уурдарыыларын сатаан ылбакка, улахан аймалҕан тахсан, дойду Киин баана лицензияны былдьаан ылла. Хастыы да мөлүйүөнү уга сыппыт Дьокуускай куорат урбаанньыттарыгар ити улахан охсууну уонна хоромньуну аҕалла.
ХЭУо тэрилтэлээх урбаанньыттар харчылара нэһилиэнньэ уурдарыытын страховкалааһыҥҥа хапсыбат. Ол аата судаарыстыба кинилэр сүтэрбит харчыларын төннөрөр эбээһинэһэ суох курдук буолан тахсар. Мантан сылтаан сүрэх ыарыыта буолан, биир түүн иһигэр саамай кырата дьон баттаҕа маҥхайа сыста.
Аны «Таатта» бааны моҥкуруут ыыттахтарына, иэс сотуллан, урбаанньыттар харчылара төннүбэт. Онон, бары кыаҕы туһанан, моҥкурууттааһыны тумнан, атын быыһанар суолу тобулар наадалааҕын этэллэр.
«Тэрилтэ хамнаһа, маҕаһыын, автомойка куортама, кирэдьиит, ипотека төлөнөр харчыта барыта хаалла. Өссө от ыйын 3 күнүгэр нолуогабайга, пенсионнайга ыыппыт харчыбыт тустаах сиригэр тиийбэккэ ханна эрэ ыйанан хаалбыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтата көмө оҥоруохпут дииллэр даҕаны, ким да харчытын билиҥҥитэ төттөрү ыла илик. Баан быстах кэмҥэ үлэлиир дьаһалтата сайабылыанньа суруттарбыттара уонна эппиэтин 30 күн күүтүҥ диэбиттэрэ. Ким даҕаны бааҥҥа укпут харчыбыт төннөрүн туһунан эппэт. Сорох дьон ыксаан аһыы утахха умса түһэн, кыһыыларын-абаларын онон таһааран эрэллэр, онтон сылтаан куһаҕан түбэлтэ эрэ тахсыбатар ханнык»,
— диэн этэллэр бааҥҥа уочаракка турар дьон.
Манна туран киһи араас үһү-тамах сураҕы-садьыгы барытын истэр. Оннук дьон кэпсэлинэн «Таатта» баан салалтатыттан биирдэстэрэ ыарахан ыарыынан ыалдьан, соруйан тэрилтэ харчытын устан Израильга куотан барбыт үһү. Соҕотох киһи хайдах да миллиардынан үбү устар кыаҕа суох, онон, хас да кыттыгастаах эрдэттэн быланнаммыт банковскай афера диэн сыаналыыллар. Оттон иккис киһи Москва куоракка баар бизнесменнэр баан активын, харчытын барытын тас дойдуга таһаардылар диэн этэр.
Уочаракка дьон кэпсэтиитин истэ туран, иккис этээскэ тахсан, быстах кэмҥэ анаммыт дьаһалтаны кытта кэпсэтээри гыммыппын үрдүк уҥуохтаах бөдөҥ-садаҥ харабыл үлэһитэ суолу туора турунан кэбистэ. Бэрт кылгастык кими да киллэрбэтин туһунан эттэ.
Хайыахпыный, төттөрү уочараттаан турар дьон быыһыгар киирэн, ким туох кыһалҕалааҕын кэпсэтэбин.
Санация наада
Евгений Кривошапкин, «Капитал» тутуу хампаанньатын дириэктэрэ:
— «Таатта» бааҥҥа счеппутугар дьоммут хамнаһа, матырыйаал атыылаһар харчыбыт сыппыта. Ол эмискэ суох буолан хаалла. Өссө от ыйын 5 күнүгэр баан килийиэннэриттэн 2-тэн тахса тыһыынча сайабылыанньа киирэ сытар этэ. Биһиги бары күүспүтүн түмэн, харчыбытын төнүннэриэхпитин баҕарабыт. Ол туһугар бааны моҥкуруут ыыппакка, хайдах эрэ тилиннэрэр ньыма булан, төлөһөр кыаҕын чөлүгэр түһэрдэххэ, үп-харчы үлэһиттэрэ этэллэринэн, санация оҥордоххо баан өрүттэн, килийиэн харчытын төнүннэрэр кыахтаныа этэ.
Атын бааннары кытта тэҥнээн көрдөххө, нэһилиэнньэ уурдарыытын бырыһыана үрдүк буолан, дьон кыбартыыраларын, атын баайдарын-дуолларын атыылаан туран, харчыларын укпуттара таах халлааҥҥа көтөн хаалла. Элбэх киһи шок ылан баран сылдьаллар, холобур, мин 17 үлэһитим ааспыт ыйдааҕы хамнастарын ылбакка олороллор.
Сурах хоту иһиттэххэ, VIP-килийиэннэр баан эстэрин билэн, үптэрин 1-2 ый иннинэ ылбыттар. Ол аата маннык балаһыанньа тахсара син эрдэттэн биллибит уонна боростуой дьону сэрэппэтэхтэр. Лицензия былдьаммытын кэннэ быстах кэмҥэ анаммыт дьаһалтаны кытта кэпсэтээри киирэ сатаабыппытын тута полицияны ыҥырбыттара. Онон, туох да кэпсэтии тахсыбатаҕа. Билигин харчыбыт төннөрүн ким да мэктиэлээбэт. Урбаанньыт дьыалатын ситиһэригэр харчы наада, онто суох туох да быһаарыллыбат. Биһиги нолуогу барытын төлөөн, үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьыбыппыт. Бырабыыталыстыба араас суоллары көрдөөн, биһиги боппуруоспутун сатаан быһаарбат буоллаҕына, салгыы нолуок төлөөн, бүддьүөтү хааччыйарбыт наадалаах дуо? Ол иһин дьон илии баттааһынын хомуйан, миитиҥҥэ тахсар санаалаахпыт.
Чааһынай автомойка хаһаайката бу ыйга куортамын харчытын, дьонун хамнаһын хайдах төлүөн билбэт. От ыйын 3 күнүгэр сууйар химия атыылаһар харчытын Хабаровскайга ыыппыта тиийбэтэх, баан ылбыт эрээри, харчы ханна сүппүтэ биллибэт, счеттара сабыллан турар.
Социальнай ситимнэргэ «Yum-Yum» (Ям-Ям) бэлэм аһылыгы аадырыска илдьэр сулууспа, Aloha (Алоха) гавайскай кухня ресторана, «Чердак» бар уо.д.а. куортамнарын, дьон хамнаһын төлүүр харчыта суох хааланнар, куорат олохтоохторо кинилэри өйөөн, өҥөлөрүнэн туһаналларыгар ыҥырбыттар.
Маннык кыһалҕаҕа түбэспит урбаанньыттар бары мустан, илии баттааһын хомуйан, от ыйын 27 күнүгэр күнүс 15 ч. Ленин болуоссатыгар миитиҥҥэ тахсар санаалаахтар.
От ыйын 13 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын улахан саалатыгар «Таатта» бааҥҥа үптэрин сүтэрбит 400 урбаанньыт муһуннулар даҕаны, Киин баан бэрэстэбиитэлэ тугу эмэ быһаара кэлбэтэ. Борокуратуура уорганын үлэһитэ харчыны уорбут буруйдаах дьоҥҥо холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.
Кыахпыт муҥура суох буолбатах
Марина Богословская, туризм, атыы-эргиэн уонна урбаан министирин солбуйааччы:
— Эрдэ быһа холоон ааҕан көрүүнэн, өрөспүүбүлүкэ икки тыһыынчаттан тахса урбаанньыттара «Таатта» бааҥҥа тэрилтэлэрин харчытын счекка уган олорбуттара. Кинилэр бары үлэһиттэригэр хамнас төлүөхтэрин наада. Биһиги кинилэргэ туох баарынан көмөлөһөргө бэлэммит эрээри, министиэристибэ кыаҕа муҥура суох буолбатах, ону таһынан коммерческай бааҥҥа орооһор кыахпыт суох.
Айсен Николаев: «Көмөлөһөр дьаһал ылыахпыт»
Нэһилиэнньэ уурдарыытын страховкалыыр ааҕыныстыба Сбербаан уонна «Восточнай» КБ нөҥүө дьон уурдарбыт харчытын от ыйын 19 күнүттэн саҕалаан төнүннэриэҕэ. Страховкаҕа 1 мөл. 400 тыһ. солк. суумаҕа диэри харчылаах физическэй сирэйдэр, ол аата чааһынай дьон уонна биирдиилээн урбаанньыттар ИП-лар киирсэллэр. Ити сууматтан элбэх үбү уонна урбаан ХЭУо тэрилтэлэрин харчытын сокуон быһыытынан страховка толуйбат.
Ил Дархан э.т. Айсен Николаев:
«Страховканан көмүскэммэтэх юридическай сирэйдэр үптэрэ ортотунан 2 млрд. солк. Бааҥҥа харчыларын уура сыппыт дьоҕус урбаан интэриэһин көмүскүүргэ үлэ бара турар. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө оҥорорго тустаах дьаһал ылыахпыт».
Түмүккэ
Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ 15 млрд. солк. итэҕэстээх олорор, итиниэхэ эбиискэ урбаанньыттар сүтэрбит миллиардынан үптэрин бүддьүөккэ сүктэрдэххэ, учууталлар-быраастар хамнастара төлөнөрө, кыстыкка бэлэмнэнии, соҕурууттан табаары тиэйэн аҕалыы улахан боппуруос буолуо. Онон, Сахабыт сиригэр сир баайын хостуур ыйга хастыы да мөлүйүөн хамнастаах топ-менеджердээх бырамыысыланнас хампаанньалара бу кыһалҕаттан туора турбакка, баантан эмсэҕэлээбит урбаанньыттарга дьиҥэр көмөлөһөр кыахтаахтар. Ол иһин үптээх-харчылаах улахан тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлииллэрин иһин социальнай эбэһээтэлистибэлэрин күүһүрдэн, дьоҥҥо көмөлөһөллөрүн курдук оҥорон, ытык иэстэрин умнубаттарын санатыахха баара.
Ону таһынан, кыһалҕаҕа ыктарбыт дьону кэлэр 3 сылга өрүттүөхтэригэр диэри бары нолуоктан босхолоотоххо, урбааны сайыннарарга бырыһыана суох кирэдьиит көрдөххө улахан көмө буолуо этэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru