Таатта оройуонугар “Харбалаах” массыына суолунан сырыы тохтоото
10.05.2022
Сааскы халаан “Харбалаах” массыына суолун икки учаастагын алдьатта. Суол оҥорооччулар уу түстэҕинэ суолу чөлүгэр түһэриэхтэрэ.
“Тааттаавтодор” кылаабынай инженерэ Егор Харайданов иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээҥҥиттэн суолу оҥорооччулар массыына суолун 3 км уонна 6 км ууну туттулар.
“Билиҥҥи туругунан уу кэлэ турар. 3 км 1 миэтэрэ диаметрдаах турбаны таһынан барда. Иккис турба толору ноҕоруускалаах үлэлиир. Уу түстэҕинэ суолу чөлүгэр түһэриэхпит”, — диэтэ кини.
“Управтодор” тэрилтэ “Харбалаах” массыына суолунан айаны быстах кэмҥэ тохтоторгутугар көрдөһөр.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1