Таатта лиссиэйигэр саҥа түмсүү баар буолла

Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин дьоно-сэргэтэ үтүө сонунтан сэргэхсийдэ. Улуустааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ «Вахта памяти»  аахсыйа иитинэн, бэртээхэй тэрээһини саҕалаатылар. Бу туһунан Николай Блахировтан ыйыталастым.


Кыһа кыһамньыта

Урутаан эттэхпинэ, Николай Николаевич Блахиров лиссиэйгэ 2009 сылтан физкультура уонна ОБЖ учууталынан үлэлиир.  Лиссиэйи дириэктэр Алексей Александрович Неустроев, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Вера Юрьевна Михайлова сатабыллаахтык салайаллар. Лиссиэй иллээх, түмсүүлээх кэлэктиибэ бары үлэҕэ, тэрээһиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. Хас биирдии учуутал ис сүрэҕиттэн кыһаллан, оҕо болҕомтотун тардан, уратыны тобулан айымньылаахтык  үлэлиир.  Манна география учуутала Ольга Васильевна Корякина өссө оччолорго «Экстрим» диэн ааттаах лааҕыры тэрийбитэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Билигин бу лааҕыр үлэтин Николай Николаевичтыын иккиэн көмөлүүллэр.  Лааҕырга 9—11 кылаас үөрэнээччилэрэ сылдьаллар. Элбэх айаннаах буолан, оҕолор доруобуйаларын туругун көрөн, кыахтарын-күүстэрин тургутан, төһө тобуллаҕас толкуйдаахтарын  үөрэтэн баран айаҥҥа-сырыыга, толооҥҥо илдьэ бараллар. Биллэн турар, киэҥ көҕүстээх, эйэҕэс, аламаҕай, сүрэхтээх үлэһит буолуу ирдэнэр. Урукку өттүгэр сайын ахсын Сиинэнэн, Маттанан, Буотаманан, Үөһээ Амманан, Алданынан устубуттар. Кэлин Амманан айанныыллар, сибээс үчүгэйдик хабар сиригэр сылдьаллар.

Итини таһынан, улууска ыытыллар «Снежный барс» оонньууга лиссиэй хамаандата хаста да бастаан турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ да балачча ситиһиилээхтик кытталлар. Дьэ, ити курдук, лиссиэй билии-көрүү таһымын үрдэтэри сэргэ, олоххо бэлэмнээх, барыга кыһамньылаах, чэгиэн, чиргэл оҕолору бэлэмнииргэ болҕомтотун уурар.

Улууска бастакынан

Биһиги улууспут военкоматын, Тааттатааҕы баһаарынай сулууспа этэрээтин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэрбит, чуолаан, уолаттары иитэн-үөрэтэн таһаарарбытыгар улахан көмөлөөх. Аны билигин, улууспутугар аан бастакынан оскуолабыт иһинэн «Эдэр карбышевецтар» түмсүү тэрилиннэ. Сыалбыт-сорукпут, уолаттары байыаннай дьыалаҕа билиилээх-көрүүлээх, үрдүк таһымнаах, ирдэбилгэ толору эппиэттиир кыахтаах буолалларын курдук үөрэтии, уһуйуу. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото туталларын, ханнык да ыксаллаах быһыыга-майгыга киһи эрэнэр дьонун, халыҥ хаххалары, суон дурдалары эрдэттэн иитэн-такайан таһаарыы. Байыаннай инженер буоларга интэриэһи үөскэтии, — диэн этэр Николай Николаевич.

Кэпсээбитинэн, саҥа этэрээккэ 6-7-с кылаас оҕолорун сүүмэрдииллэр. Оттон ахсыстартан үөһээ кылаас оҕолоругар «Таатта» диэн байыаннай-патриотическай кулууптаахтар. Бу кулуубу уон сыллааҕыта эмиэ О.В.Корякина тэрийбит. 2010 сылтан муоһаны Н.Н.Блахировка туттарбыт.

Бу «Эдэр карбышевецтар» улуустааҕы военкомат көҕүлээһининэн  тэрилиннэ. Военком Николай Михайлович Андреев үөрэнээччилэри кытары көрсүһүүгэ бу хамсааһыҥҥа кыттыһар, үлэлэһэр оскуолалар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр баалларын, туох тэрээһиннэри ыыталларын кэпсээтэ. Москваҕа байыаннай инженердэри бэлэмниир кыһаҕа Саха сирин уола үөрэнэрин эппитин, оҕолор наһаа кэрэхсээтилэр, сэҥээрдилэр. Эбиитин: «Баҕар, хаһан эмэ, эһиги ортоҕуттан биир эмэ оҕо байыаннай инженер буолуоҕа» диэн сүргэлэрин улаханнык көтөхтө. Онон уоллуун, кыыстыын бары сууласпытынан түмсүүгэ киирээри туруннулар. Биллэн турар, баҕалаахтары барыларын ылыахпыт эрээри, ГТО нуоруматын туттарыахтара, сыал ытыахтара, күрэхтэһиилэргэ кыттыыларын кэтээн көрүөхпүт. Военком Николай Михайлович үөрүүлээх быһыыга-майгыга Москваттан ыыттылар диэн бэлиэтээн этэн туран, дохсун ытыс тыаһыгар туттарбыт анал формаларын, бастатан туран, ситиһиилээхтэргэ, бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ биэртэлиэхпит, — диэтэ, итиэннэ Москваҕа байыаннай инженердэри бэлэмнииргэ, бииргэ үлэлэһэргэ, уопсайынан байыаннай дьыалаҕа үөрэтэргэ-такайарга сибээс олохтоммутун, устааптаныахтаахтарын, дуогабар түһэрсиэхтээхтэрин иһитиннэрдэ.

Хамсааһын саҕаланна

—Ити чэрчитинэн, бастатан туран, оскуолабытыгар оҕолору түмэн миитин тэрийдибит. Түмсүү туох сыаллаах-соруктаах буолуоҕун, тугу үлэлиэхпитин, туох үтүө дьыаланан дьарыктаныахпытын сөптөөҕүн кэпсэттибит. Бу иннинэ, биһиги оскуолабытыгар үөрэнэр оҕолортон ким эһээтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбытын испииһэктээбиппит.  Ол испииһэгинэн, оҕолор Сэрии бэтэрээннэрэ эһээлэрэ олорбут дьиэлэригэр тиийэн, өйдөбүнньүк мемориальнай дуоскалары ыйааннар, бар дьоннорун улаханнык үөртүлэр, долгуттулар.

Онтон Хадаайыга сылгыһыт Егор Чорбоев баазатыгар анаан-минээн сатыы хааман тиийэн ирэ-хоро сэһэргэһии бэйэтэ туспа үчүгэй, астык буолла. Егор Егорович оҕолору истиҥник, үөрэ-көтө көрүстэ. Сылаас чэй иһэ-иһэлэр оҕолор сылгы сахаҕа сүдү суолталааҕын, сылгыны иитии, көрүү-харайыы, сылгыһыт хайдах тэринэн олорорун туһунан хаһаайын кэпсээнин сэҥээрэн, сэргээн иһиттилэр, ыйытыылары биэрдилэр. Салгыы таһырдьа сыал ытыытыгар күрэхтэһии күүрээннээҕэ буолла.

Оҕолор ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн улаханнык үөрэн, астынан, билигин өссө туох үтүөнү оҥоробут, ханна кыттабыт, саҥа түмсүүлэммиппитин хаһан көрдөрөбүт, билиһиннэрэбит диэн толкуйга түстүлэр. Дьиҥэр, мантан саас хаалбыт үөрэх күннэригэр номнуо ханна кыттыахтаахпытын, тугу гыныахтаахпытын былааннаабыппыт.

Ол курдук, ыам ыйын 9 күнүгэр түмсүү оҕолоро парадка кыттыахтара. Мантан саас биэс күн айылҕаҕа тахсан байыаннай түмсүүгэ сылдьыахпыт. Ону сэргэ, оскуолабытыгар «Зарница» оонньуу-күрэхтэһиини тэрийиэхпит, — диэн сырдатта.

* * *

Быйыл кыһын СӨ ДОСААФ тэрилтэтэ, СӨ ыччат дьыалаларыгар министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай комиссариат  «Эдэр карбышевецтар» РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин байыаннай инженердэрин байыаннай-патриотическай хамсааһыннарын эрэгийиэннээҕи салаатын тэрийэргэ сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Ол чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар этэрээттэр тэриллиэхтээхтэрэ этиллибитэ. Оскуолалар бу хамсааһыҥҥа кыттыһан, үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар.

Манна даҕатан эттэххэ, Дмитрий Михайлович Карбышев — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, генерал-лейтенант. Арассыыйа куораттарыгар кини аатын сүгэр байыаннай кэлэктииптэр, үөрэх тэрилтэлэрэ, тимир суол ыстаансыйалара, уулуссалар, бульвардар бааллар.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0