Таатта эр дьоно түмсэр

Ааптар: 
26.02.2019
Бөлөххө киир:

​ Талыы-талба Тааттаҕа​ үгүс саха саарыннара төрөөн-үөскээн, өрөспүүбүлүкэ  сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ.

edersaas.ru

Репрессия ыар тыына ытык Тааттаны күүскэ хаарыйбыта, сүүһүнэн үтүө дьоммут суорума суолламмыттара, ыар дьылҕаламмыттара. Ол содула өргө диэри улуус сайдыытын атахтаабыта. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники бириэмэҕэ эр киһи оруола лаппа намтаабыта Таатта улууһугар эмиэ сыһыаннаах. Бу ыарахаттары туоратар инниттэн күүстээх аҥаардары түмүүгэ, кинилэр бэйэ бодолорун тардыныыларыгар улууска балай эмэ үлэ ыытыллар. Бу үлэни улуус аҕа баһылыга Михаил Соров  иилээн-саҕалаан ыытар. Сыралаах үлэ түмүгэ кэм-кэрдии аастаҕына көстүө турдаҕа.

Ол да буоллар, син кыра хамсааһыннар, уларыйыылар буолан эрэллэрэ киһини үөрдэр. Улууска нэһилиэктэринэн эр дьону түмүү үлэтэ ыытыллар. Аҕыйах хонуктааҕыта Тыараһа нэһилиэгин күүстээх аҥаардара ийэ ууларыттан хамсаан, «Табык» диэн ааттаах сүбэни тэриннилэр. Оттон табык диэн аһара улахан тыастаах тэрили былыр сахалар аҕа ууһугар алдьархай ааҥнаан эрэрин сэрэтэр сыалга тутталлара.​ Олунньу 22 күнүгэр улуус 14 нэһилиэктэриттэн 248 эр киһи мустан 5-с сугулааны тэрийэн ыыттылар.

Манна «Үс түмсүү» салайааччылара Иннокентий Макаров, Петр Турнин, Моисей Мордовской кыттыыны ыллылар.
​ Аҕа​ дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр ытык Таатта эр дьонун өрөгөйө буолла. Саха арена-4 тэрийбит хапсаҕайга күрэхтэһиитигэр ытык Таатта уолаттара 70 киилэҕэ диэри тустан  Игнат Андросов, 90 киилэҕэ диэри тустан Александр Халыев муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.

Александр Халыев бииргэ үөрэммит табаарыһа Суздалов Спира бу күрэхтэһиигэ Таатта баата тардан, латырыайаҕа сүрүн бирииһи — матасыыкылы сүүйдэ. Ону таһынан, эмиэ бу күн греко-римскэй тустууга Таатта Туора Күөлүттэн төрүттээх Рустам Туласынов өрөспүүбүлүкэҕэ 1-кы миэстэни ылла. Олунньу 24 күнүгэр И.А. Халдеев бирииһигэр хапсаҕай күрэхтэһиитигэр бэтэрээннэргэ 70 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга Таатта маастара Иван  Барбасытов бастаата. Оттон абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын Баайаҕаттан төрүттээх спорт маастара Николай Иванов​ финалга аан дойду кылаастаах спорт маастарын Александр Птицыны кыайан ылла уонна аптамаат саа хаһаайынынан буолла.  Бу барыта тренердэр уонна улуус тустууга федерациятын (сал. Прокопий Рахлеев) өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ боксаны төрүттээбит киһинэн Тааттаттан төрүттээх үтүөлээх тренер Арсен Петров буолар. Таатта өрөгөйүн биир күн иннинэ  бокса федерациятын кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта түбэһиэхчэ буолбатах курдук. Суолталаах тэрээһини Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов иилээн-саҕалаан ыытта. Улуус боксаҕа федерацията олунньу 23 күнүгэр эмиэ сэмэй ситиһиилэннэ. Антон Сивцев 62 кг өрөспүүбүлүкэҕэ финалга бүтэй Бүлүү ааттааҕын кыайан Таатта өрөгөйүн өссө үрдэттэ.

Эмиэ бу күн Сэргэлээх уоттара култуура киинигэр Ытык Күөлтэн төрүттээх Анна Андрееваҕа көмөлөһөр сыаллаах аһымал кэнсиэр буолла. Бу түһүлгэни Дьокуускайга олорор Туора Күөллэр түмсүүлэрин көҕүлээһининэн Таатта​ түмсүү тэрийэн ыытта.​ Кэнсиэри  урут Таатта улууһун култууратын салайааччытынан үлэлээбит Лариса Аввакумова  бэрт үчүгэйдик иилээн-саҕалаан ыытта. Кэнсиэргэ улуус баһылыга Михаил Соров уонна Таатта улууһун түмсүүтүн салайааччыта Владимир  Аржаков кыттыыны ыллылар уонна тыл эттилэр. Таатта өрөгөйүн салгыы үрдэтэн, бу тэрээһиҥҥэ сомоҕолоһуубут үтүө түмүктээх буолла. Кэнсиэргэ уонна көмө дьааһыктарга уопсайа 528 000 солк. хомуллан, Анна ийэтигэр туттардыбыт. Онон 5 оҕо амарах ийэтэ эмтэнэн атаҕар турарыгар ботуччу көмө оҥоһулунна.
​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ ​ Улуус эр дьоно спорт эрэ өттүгэр ситиһиилээх буолбатахтар. Ол курдук, быйылгы Дархан Уус быыстапкатыгар улуус уустара Борис Неустроев — Мандар Уус салалтатынан тэрээһиннээхтик кытыннылар. Уран оҥоһуулаах быһах күрэҕэр «Ытык дабатыы» диэн үлэтинэн Тарабукин Сергей 1 миэстэни ылла. Ньурбаҕа автобиатлон күрэҕэр талах курдаах Таатта уолаттара Васильев Иван, Александр Жараев бастакы миэстэни ыллылар. Онон бу аҕыйах күҥҥэ уолаттарбыт ситиһиилэриттэн үөрэбит, астынабыт.

Бу ситиһиилэр кэлэллэригэр уһун сыралаах үлэ, элбэх толкуй уонна сахалыы итэҕэл олук уураллар. Оттон ытык Таатта саха итэҕэлигэр оһуобай миэстэни ылар. Дэлэҕэ даҕаны, оонньуу курдук этиэхтэрэ дуо, Тааттаҕа сылдьыбатах саха — саха буолбатах диэн. ​ Омукпут итэҕэлин биир сүрүн бэлиэтэ, саха архитектуратын чыпчаала Моҕол ураһа буолар. Улуу убайбыт Суорун Омоллоон кэс тылын толорон,​ саха духуобунаһын академига Борис Неустроев салалтатынан Баайаҕаҕа Моҕол ураһаны тутуу уһун сыралаах үлэтэ ыытылла турар. Бу улахан кэскиллээх үлэҕэ улуус, өрөспүүбүлүкэ  олохтоохторо ким тугу кыайарынан күүс-көмө буолаллар. Баайаҕалар Моҕол ураһаны 2020 сылга тутан бүтэрбит киһи диэн ыра санаалаахтар. Күүстээх аҥаардары кытта үлэҕэ биир саҥа хайысханан Ытык-Күөлгэ эр дьон «Алгыс» түмсүүлэрин тэриллиитэ буолла.
Таатта өҥ буора талааннаах дьонунан тутайбат. Саха улуу олоҥхото ​ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» айыллыбыт биһигинэн Дьүлэй нэһилиэгэ буолар. Ол иһин буолуо, нэһилиэккэ талааннаах дьон элбэх. Аҥаардас  Куһумууннар биир дьиэ кэргэн дьоллоох Дьокуускай куорат дьогдьойор саалыгар Өксөкүлээх киинигэр кулун тутар 2 күнүгэр кэнсиэр туруораары сылдьаллара да үгүһү этэр.

Ааспыт сыл биир дойдулаахпыт, улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай өрөгөйө буолбута, сахалыы саҥалаах барыта үөрбүтэ-көппүтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай тыйаатыра кулун тутар 27 күнүгэр Ойуунускай “Улуу Кудаҥса” испэктээгин Саха академическай тыйаатырыгар туруорар. Куорат олохтоохторун, биир дойдулаахтарбытын Таатта тыйаатыра тэриллибитэ 60 сылынан туруоллубут испэктээккэ сылдьыаххыт диэн эрэнэбит.

  — Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана быйылгы сылы Сомоҕолоһуу сылынан биллэрбитин өйөөн, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ, — диэн ыҥырабыт.

Иван НЕУСТРОЕВ,

Таатта улууһун боксаҕа федерациятын бастакы бэрэсидьиэнэ, Туора-Күөл нэһилиэгин түмсүүтүн салайааччыта.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0