Таатта дьоһун мааны Далбара

24.03.2022
Бөлөххө киир:

Маргарита Егоровна Павлова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, түөрт оҕо күн күбэй тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, Таатта улууһун дьоһун-мааны Далбар Хотуна.

edersaas.ru

Маргарита Егоровна дьоллоох оҕо сааһа төрөөбүт түөлбэтигэр Ытык Күөлгэ күөх окко күөлэһийэн, ача алааска оонньоон, биллибэккэ ааспыта. Ийэлээх аҕата түөрт уол ортотугар сылдьар кэрэчээн кыыстарын Ританы үлэнэн иитэн-такайан, судургутук улаатыннарбыттара. Дьиэ ис-тас үлэтигэр оҕолор бары эмдэй-сэмдэй сылдьан, күүс-көмө буолан, уол-кыыс диэн арахсыбакка күргүөмүнэн сылдьаллара. Рита соҕотох кыыс буолан, аһы-үөлү дьаһайсара, ынаҕы элэҥнэччи ыыра, тарбыйах аһатара. Айылҕаҕа сир астаан, от оттоон-мастаан, сибиэһэй салгыҥҥа муҥхалаан, аҕатын кытта сылдьарын күндүтүк саныыр.
Оччотооҕу кэм оҕолоро тиэргэҥҥэ лапталаан, былаах былдьаһан, похуоттаан, сасыһа оонньоон, күрүө үрдүнэн-аннынан, атах сыгынньах сылдьан, чэгиэнник, сэргэхтик бириэмэлэрин атаараллара.


Кини орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Алын кылааска Мария Гаврильевна Слепцова ааҕарга-суруйарга уһуйбут билиитэ чиҥээн, үрдүкү кылаастарга ыарырҕаппатаҕа. Святослав Тихонович Макаров саха тылын уруогар лоп-бааччы быһаарарын умнубат. Вера Никитична Лягушина үлэ уруогар иистэнэргэ, ас астыырга олус өйдөнүмтүө гынан быһааран үөрэтэрин астына ахтар. Марфа Матвеевна Аммосова география уруогун үөрэ-көтө, мичилийэн, ис иһиттэн сырдаан, оҕолор болҕомтолорун тардара. Иннокентий Петрович Чьямов ыытар математика уруогар сөбүлээн дьарыктанара. Владимир Ильич Кононов көҕүлээн, кылаас таһынан саахыматтаан, дуобаттаан, успуорт күрэхтэһиилэригэр көхтөөхтүк кыттара.
Улахан олох аартыгын уһуйаантан саҕалаан, метеостанцияҕа өр сылларга техник-метеоролог идэтин баһылаабыта. «Социалистическай үлэ кыайыылааҕа» үрдүк аатын ылары ситиспитэ.
Дьылҕа хаана таайан, сиргэ түспүт сэрэбиэйинэн, олоҕун аргыһын көрсөн, Егор Иннокентьевич Павловтыын сөбүлэһэн, ыал буолан, уруу маанытын оҥорбуттара. Саха ыалын сиэринэн дьиэ-уот туттан, талбыт курдук үс туруйа уолланан, биир кыталык кыыс оҕолонон, Ийэ буолар үрдүк аатын сүкпүтэ. 1987 сыллаахха холоонноох доҕоро Уолбаҕа управляющайынан анаммытыгар, бары көһөн тиийэн, эдэр саастарыгар сүүрбэччэ сыл таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара. Оҕолор улаатан, үөрэххэ баҕалара дириҥээн, бары Таатта гимназиятын биир киэн туттар выпускниктара буолан, олохторун суолугар бигэтик киирэн, үрдүк үөрэх кыһатын баһылаан идэлэринэн үлэлииллэр.
Маргарита Егоровна Ытык Күөлгэ Алампа аатынан маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын учууталынан айымньылаахтык үлэлиир. СӨ үтүөлээх учуутала Мария Николаевна Колесова сүбэлээн-амалаан, дириҥ билиилээх, үрдүк категориялаах учуутал буоларыгар оҥкулу оҥорбута. Маргарита Егоровна тумус туттар биир идэлээҕэ Мария Николаевнаҕа сөҕүрээбэт махталын аныыр. Төрөөбүт ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэринэн, үөрэтэр оҕолорун Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх буоларга, сахалыы куттаах-сүрдээх, сиэрдээх майгылаах, өбүгэлэрин үгэһин тутуһарга өрүү өйдөтөр, сиһилии билиһиннэрэр. Чиҥ билиини ылалларыгар акылаат ууран, ис сүрэҕиттэн кыһаллан, олоххо бэлэмнээх буолалларын, киһилии киһи буолалларын ситиһэр. Үөрэнээччилэрин Тааттаҕа, Дьокуускайга, Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ, ааҕыыларга, куонкурустарга кытыннаран, төрөппүттэр дириҥ махталларын ылыан ылар.

Оскуолаҕа чугас алтыһар дьүөгэтэ Галина Семеновна Старостиналыын бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, оҕолору сайыннарарга үлэлэһэллэр. Үөрэх эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ Ксения Анисимовна Хатылыкова өр сылларга дууһатын сылааһынан, иэйиитин илгэтинэн бэриниилээхтик үлэлээбит «Албан аат» мусуойун хоһун Маргарита Егоровна эппиэтинэһигэр сүктэрбиттэрэ. Мусуой үлэтин ис хоһооно муора байҕалын курдук дириҥ буоллаҕа эбээт. Оскуола 110 сылын көрсө истиэндэлэри таҥан, Ксения Анисимовна мунньубут матырыйаалынан тиэмэлэринэн наардаан, оскуола кэлэктиибэ көмөлөөн, “Оскуола устуоруйата” бырайыагынан хас да кинигэ бэчээттэнэн тахсан үйэтитилиннэ.
Ону таһынан, Маргарита Егоровна “Чэбдигир” кулуубу иилээн-саҕалаан үлэлэтэр. Манна оҕолор оту-маһы үргээн, илиилэринэн тутан-хабан, Таатта үрэх кытылларыгар чэлгийэ үүммүт сибэккилэр ааттарын билэн, доруобуйаҕа туһалааҕын өйдөөн, үөрэтэн “Таатта чэйэ” диэн нобуор оҥорон, атыыга киэҥ араҥаҕа таһааралларын мындырдык салайар.
Таатта улууһугар чөл олоҕу өрө тутан, дьон-сэргэ сэргэхтик сылдьарын туһугар туруулаһар. Бырайыак чэрчитинэн хаалыктаах хаамыы ньымаларыгар үөрэтэр инструктор идэтигэр анаан-минээн үөрэнэн, баҕалаах дьону мунньан, тэрийэн, сүбэлээн-амалаан, үтүмэн киһини уһуйда. Хаамааччылар барҕа махталларын ылыан ылар.
Маргарита Павлова уйгулаах олоҕо күннэтэ барҕаран, үлэтэ-хамнаһа тупсан, үрдүк чыпчааллары дабайар. Дьиэ кэргэнигэр уҕараабат таптал уйаланар, сиэн оҕо саҥата чаҕаарар. Күнтэн күн саҥа арыйыылартан саҕыллан, үлэни өрө тутар туруу үлэһиккэ Уруй олохтоннун, Айхал ананнын, Дьол тосхойдун!

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан САНДААРА

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0