Таатта, Дьааҥы, Дьокуускай бастыҥ экологтара

07.12.2017
Бөлөххө киир:

«Саха сирин эколога» бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ экологтарын туһунан салгыы билиһиннэрэбит.

edersaas.ru

«Тыытыллыбатах айылҕабытын харыстыахха!»

Айылҕа харыстабылын Таатта­тааҕы салаатын ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Владлен Николаев үлэтин туһунан маннык кэпсиир:

Оҕо сылдьан ГАИ иниспиэк­тэрэ буолуохпун баҕарарым. Ол эрээри төрөөбүт дойдубар туһаны аҕалар сыалтан, бэтэринээр идэтин талбытым. Бэйэм Өлөөнтөн төрүттээхпин. Ыстаадаларга бэтэринээрдэр тиийбэттэриттэн олохтоохтор бэйэлэрэ табаларын эмтииллэрин көрөрүм. Инньэ гынан, бэтэринээр буоларга сананан, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэммитим. Ол кэнниттэн икки сыл «Өлөөн» сопхуоска бэтэринээрдээн баран, Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр көспүтүм. 2006 сылтан айылҕа харыстабылын эйгэтигэр үлэлиибин. Дойдубут тыытыллыбатах айылҕатын харыстыырга, араҥаччылыырга бары күүспүтүн уурабыт. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Айылҕаны кытары оҕо эрдэхпиттэн алтыһан кэллим. Ураты харыстанар айылҕалаах сирдэри болҕомтоҕу ылыы өссө күүһүрүөхтээх. Тулалыыр эйгэбит чөл туруктаах буолуутугар, ураты харыстанар сирдэр ситимнэрин тэрийэн айылҕабытын хайдах баарынан хаалларарга, кыылын-сүөлүн байытыахтаахпыт.

Строительнай уокурук эколога – Альберт Иванов

Судаарыстыбаннай иниспиэк­тэр Альберт Иванов Айылҕа харыстабылын Дьокуускайдааҕы кэмитиэтигэр 1992 сыллаахтан үлэлиир. Кини аҕата Николай Егорович СӨ айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ олоҕун төрөөбүт дойдутун сирин-уотун, айылҕатын харыстааһыҥҥа анаабыта. Арааһа, ол иһин да буолуо, соҕотох уола Альберт кини суолунан барбыта.

Альберт Николаевич кэпсииринэн, аҕата кинини кыра эрдэҕиттэн рейдэлэргэ илдьэ барара. Онон эколог идэтин баһылаары, бастаан Тобольскайдааҕы балык бырамыысыланнаһын техникумугар уонна Новосибирскайдааҕы уу тырааныспарын академиятыгар үөрэммитэ.Билигин кини көрүүтүгэр-истиитигэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратын Строительнай уокуруга киирэр. Уокурук 1309 га иэннээх сири баһылыырын таһынан, 55630 киһи олорор. 325 предприятие баар. «Олохтоохтор бөҕү мээнэ, түбэһиэх тоҕоннор, улахан сыбаалкаҕа кубулуталлар. 2017 сыл саҕаланыаҕыттан Строительнай уокурукка оннук 17 сир баара биллибитэ. Хомойуох иһин, маннык сыбаалкалар ахсааннара элбии турар», – диэн Альберт Николаевич кэпсиир.

Дьааҥы экстремал-эколога — Виталий Миронов

Дьааҥытааҕы айылҕа харыстабылын ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Виталий Миронов Алдан оройуонун Чагдатыттан төрүттээх. Төрөппүттэрэ учууталлар буолан, олорор сирдэрин хаста даҕаны уларыппыттара. Ол курдук Горнай Бэрдьигэстээҕин оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Спордунан умсугуйан туран дьарыктанара. Көҥүл тустуунан, хайыһарынан, гимнастиканан үлүһүйэрэ. Аармыйа кэнниттэн летнай училищеҕа үөрэнэн, авиаэтэрээккэ үлэлээбитэ. 1981 сыллаахха Уһук Илиннээҕи политехническай институту бүтэрбитэ.

Дьааҥы оройуонугар геологическай-чинчийэр үлэҕэ сылдьыбытым. Ол сырыттахпына саҥа тэриллибит улуустааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтигэр куонкурус биллэрбиттэрэ. Мин оҕо эрдэхпиттэн айылҕаҕа чугас буоламмын, бу үлэ миэхэ аналлаах диэн быһаарыныы ылан, 1999 сыллаахха бэрэссэдээтэлинэн буолбутум, – диэн кэпсиир.

Кэлин сарбыйыыга түбэһэн, төттөрү геологияҕа төннө сылдьан баран, биэнсийэҕэ тахсан баран судаарыстыбаннай иниспиэктэринэн үлэлии киирбитэ. Виталий экстремальнай туризмынан дьарыктанар. Дьааҥы улууһун экстремалларын бөлөҕүн салайбыта отучча сыл буолла. 1983 сыллаахха Верхоянскай – Дьокуускай хайысхатынан бэлэсипиэтинэн бастакы сүүрүүнү оҥорбуттара.

Мария Мигалкина: «Кыһыннары уу хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиибит»

Айылҕа харыстабылын Дьокуус­кайдааҕы кэмитиэтин ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна Мария Мигалкина Дьокуускай куорат оскуолатын биир бастыҥ үөрэнээччитинэн биллэрэ. Математика учуутала Марияны экономист, оттон химия преподавателэ хайаан даҕаны химик буолуохтааххын диэн сүбэлииллэрэ. Оттон эдьиийэ биолого-географическай факультекка үөрэнэ киирэригэр «агитациялаан», кыысчаан ХИФУ-га БГФ-га киирбитэ.

Мария Андреевна биир эрэ үөрэҕинэн муҥурдаммакка, салгыы муниципальнай салайыы судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн, аны билигин Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар билиитин-көрүүтүн чиҥэтэ сылдьар.

Дьокуускай куоракка Өлүөнэттэн ураты өссө 14 күөл киирэр. Кирдээх хаары мунньар полигону эмиэ чинчийэллэр. Манна көҥүлэ суох суоппардар уоран бөҕү-саҕы тоҕор идэлээхтэр. Мария икки оҕо тапталлаах ийэтэ. Дьиэ кэргэнинэн чөл олоҕу тутуһаллар, сайын айылҕаҕа тахсан сынньаналларын туохтааҕар да ордороллор. Былырыын Байкалга диэри дьиэ кэргэнинэн массыынанан баран, дуоһуйа сынньанан кэлбиттэрэ. Оҕолорун айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэр.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0