Таатта Чөркөөҕөр тыы оҥорор уол олорор

Ааптар: 
11.05.2021
Бөлөххө киир:

Бу соторутааҕыта Таатта улууһугар “Бастакы көҕөн” аахсыйа кыайыылааҕар былаастыктан оҥоһуллубут дьоҕус, уурбут-туппут курдук тыыны бэлэх ууммуттарын көрөн бэркэ сэргээбитим. Тыы барахсан саха киһитигэр сайынын илимнииргэ, саас, күһүн кустуурга абыраллаах тэрил. Бу тыыны ким оҥорбутай диэн улуус баһылыгын солбуйааччы Егор Ноеноховтан ыйыппыппар, «Тыы оҥорор уол Чөркөөххө олорор» диэн баран төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитэ. Тыа сиригэр толору хааччыллыыны киллэрэр, септик, уу хаһаанар баахтары, тыылары оҥорор «Талба» чааһынай тэрилтэ салайааччыта, 27 cаастаах Артем Семеновы кытта кэпсэттим.

ТАЛААНТАН ҮӨСКЭЭБИТ “ТАЛБА”

2013 сыллаахха аҕам тэрийэн саҕалаабыта. Бу тэрилтэбэр билигин биэс үлэһиттээхпин. Үлэбит сүрүн сүнньүтэ – тыа ыалын дьиэтигэр толору хааччыллыыны киллэрии буолар. Тааттаҕа, Чурапчыга, Томпоҕо, оннооҕор Дьокуускайга тиийэ чааһынай дьиэлэргэ душ, туалет оҥорон септик тардыытынан дьарыктанабыт. Сүрүн үлэлиир матырыйаалбыт былаастык буолар. Бу былаастыктан уу кутар баахтары, хотон ноһуомун таһар чэпчэки ыйааһыннаах дьоҕус баалынайдары оҥоро сылдьан, эмискэ толкуй киирбитэ, арай бу матырыйаалтан тыы оҥорон боруобалаатахха, хайдах буолуой диэн. Биһиги санаатыбыт да тута олоххо киллэрэргэ санаммыппыт. Ити толкуйбутун кытта бэйэҕэ туһанар дугданы оҥостуу санаата эмиэ киирбитэ. Тыыбытын оҥорон баран наһаа астыммыппыт: сүгэргэ-көтөҕөргө ыйааһына чэпчэкитэ, эрэ­һиинэ тыы курдук үрдэрэн бириэмэни бараабакка, судургута ордук диэн биһирээбиппит. Дьон көрөн сакаастаан барбыта. Тэрилтэбит Таатта улууһун Чөркөөҕөр баар. Гарааска баазаланан олорон оҥоробут, сакаас киирдэҕинэ, улуустарынан сылдьан үлэлиибит.

СУДААРЫСТЫБАТТАН КӨМӨ – БЭЙЭ ДЬЫАЛАТЫГАР ТИРЭХ

2014 сыллаахха улуус дьоҕус тэрилтэлэргэ көмөлөһөр анал бырагырааматыгар кыттан 450 тыһыынчаны туттар тэрилбитин атыылаһарбытыгар көмө ылбыппыт. Мин саныахпар, бас­таан бэйэ дьыалатын саҕалыыр дьоҥҥо маннык көмө тирэх, төһүү күүс буолар. Хас биирдии киһиэхэ бэйэ дьыалатын тэринии хаһан баҕарар уустуктардаах буолар, ылбычча туох да чэпчэкитик бэриллибэт. Ол курдук, пандемия улаханнык мэһэйдээтэ, оттон уопсайынан этэр буоллахха, сакаас киирдэҕинэ эрэ харчылаһар кыахтааххын. Онон барыта бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах. Эн төһө күүскэ үлэлииргиттэн, дьон эн оҥоһуктаргын төһө сакаастыырыттан. Сылтан сыл аайы тэрил, матырыйаал сыаната ыараан иһэр. Онон бу сыананы сиппэт буолуу бэйэ дьыалатын тэриммит дьоҥҥо, өҥө оҥоруутунан дьа­­рыктанар киһиэхэ саамай улахан уустук дии саныыбын. Ол эрээри, дьиэни толору хааччыллыылаах оҥоруу өҥөтүгэр кэлиҥҥи кэмҥэ дьон наһаа наадыйар буолла. Тыа сиригэр бэлэм ­уулаах-хаардаах олорор, суунар-тараанар усулуобуйаҕа дьон дьону көрөн ымсыырар, онон оҥорторо сатыыр. Тыа сиригэр бу кыаллар буолбутун сайдыы биир улахан көрүҥүнэн бэлиэтиэххэ наада. Урукку өттүгэр дьон куоракка аҥаардас уу-хаар, унитаз, душ туһуттан талаһар эбит буоллаҕына, билигин бу тыа сиригэр кыаллар дьыала. Оттон дьоҕус оҥоһуктар, тыы туһунан этэр буоллахха, дьон дьонтон истиһэн, оннооҕор хоту улуустартан кытта са­­каас киирэн турар­даах. Сылга 50-60 тыыны сакааска оҥоробут. Киһи тугу эрэ саҕалаатаҕына, атын толкуй эмиэ киирэр. Онон ылсыбыт дьыала хаһан баҕарар ситэ­риилээх уонна үтүө түмүктэрдээх буоларыгар итэҕэйэбин.

ДЬИЭ КЭРГЭНИМ

Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Мин ыал улахан оҕотунабын. Икки бырааттаахпын уонна игирэ балтылардаахпын. Ийэм ос­­куолаҕа үҥкүү учууталынан үлэлиир. Аҕам Чөркөөх нэһилиэгин баһылыга, 2013 сыллаахтан үлэлэппит биисинэһин 2019 сыллаахха миэхэ биэрбитэ. Ол иннинэ аҕабын кытта куруук илии-атах буолан көмөлөһө сылдьыбыт уонна бэйэм идэбинэн тутуу үөрэхтээх буоламмын, бу үлэҕэ балачча уопутурбутум. Билигин хамнас аахсар биэс үлэһиттээхпин. Тус дьиэ кэргэн билиҥҥитэ тэринэ иликпин. Киһи эдэр эрдэҕинэ саамай үлэлиир-хамсыыр кэмэ дии саныыбын. Бэйэ дьыалатын тэринии олоххо суолу тэлии диэн сахалыы өйдөбүллээхпин.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0