«Таатта» бааҥҥа хаалбыт харчыны Сбербаан уонна «Восточнай» КБ төнүннэриэхтэрэ
Нэһилиэнньэ уурдарыытын страховкалыыр ааҕыныстыба уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ департамена иһитиннэрэринэн, «Таатта» бааҥҥа уурдарыылаах дьон харчытын төннөрөр агент-бааннар талылыннылар.
edersaas.ru
РФ бары субъектарыгар олорор «Таатта» баан уурдарааччыларыгар Сбербаан уонна «Восточнай» КБ страховой харчыны төлүөхтэрэ. Бу испииһэккэ арай Красноярскай кыраай Уяр куоратын, Крым Өрөспүүбүлүкэтин, федеральнай суолталаах Севастополь куорат олохтоохторо хапсыбаттар. Крым нэһилиэнньэтигэр уурдарыылаах харчыны РНКБ баан төнүннэриэ.
Санатан эттэххэ, уурдарыыны страховкалааһын чэрчитинэн, 1 мөл. 400 тыһ. солк. суумаҕа диэри харчыны физическэй сирэйдэргэ, ол аата чааһынай дьоҥҥо уонна биирдиилээн урбаанньыттарга ИП-ларга төнүннэриэхтэрэ.
Страховкалааһын ситимигэр ХЭТ тэрилтэ урбаанньыттара киирбэттэр. Онон кинилэр сайабылыанньалара суруйбут күннэриттэн 30 хонук иһигэр быһаарыллыаҕа.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru