Тааттаҕа ыраах айан суоппардара дьиэ кэргэттэригэр тирэнэллэр

Ааптар: 
07.01.2020
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ «Таатта-дальнобой» түмсүү ыраах айан суоппардарын оҕолоругар уонна сиэннэригэр бырааһынньык тэрийэн, сыллааҕы бастакы былааннаах үлэлэрин саҕалаатылар.

edersaas.ru

Күлүмүрдэс киэргэллээх харыйа тула хоробуоттаары уонна сынньанаары «Сарыал» Култуура киинигэр оҕолор, төрөппүттэр, эбээлэр,эһээлэр эрдэттэн муһуннулар. Бары маскарааттарын кэтэн, бырааһынньыктааҕы тэрээһин саҕаланна. Киин үлэһиттэрэ оҕолорго анаан саҥа дьыллааҕы остуоруйаны көрдөрдүлэр. Онтон оҕолорго араас оонньуулары тэрийдилэр, үҥкүүлэттилэр.  Саамай кэтэһиилээх, алыптаах түгэнинэн Тымныы оҕонньор Хаарчаанатынаан киириилэрэ буолла. Оҕолор кинилэри хоһоон, үҥкүү, ырыа кэһиилээх көрүстүлэр. 70 оҕо бары уочаратынан талааннарын көрдөрөн, Тымныы оҕонньортон минньигэс бэлэх туттулар.

Маскараттаах оҕолор бары бэлэх ылан үөрдүлэр. Сотору кэминэн оҕолор барахсаттары  минньигэс астаах остуолга ыҥырдылар.

Кырачааннар төрөппүттэрин, эһээлэрин уонна эбээлэрин кытта бырааһынньыктарын кэмигэр түмсүү салайааччыта Никифор Кутугутов эҕэрдэ тыл эттэ.  Ситиһиилээх суоппардарга суолталаах наҕараадалары туттарда.

Түмсүү түһэ Светлана Игнатьева  ыраах айан суоппардарын дьиэ кэргэттэрэ туох баар тэрээһиҥҥэ тэҥҥэ ис сүрэхтэриттэн кыттыһалларын бэлиэтээтэ уонна: «Эһиги  түмсүүбүт сайдарын туһугар өйөбүлгүтүнэн, биһиги  улууспутугар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ холобурга сылдьар түмсүүнэн буоллубут.

Урукку кэмнэргэ тус-туһунан сылдьыбыт суоппардар, билигин түмсүүлээх буолан, тирэхтээх, сарсыҥҥыларыгар эрэллээх курдук сананаллар. Дьон тэҥэ үлэлэрэ сыаналанан, үгүс наҕараадаҕа тигистилэр. 

Саамай кылаабынайа, түмсүүбүт — дьиэ кэргэн төлкөтүн төрдө буолара көһүннэ«, — диэн суоппардар дьиэ кэргэттэригэр махтанан туран, инникитин түмсүү өссө сайдарыгар, кэккэтэ хаҥыырыгар ыҥырда.

Ыраах айан суоппардара бастакы тэрээһиннэрэ бэрт көхтөөхтүк ааста. Кыралыын-улаханныын бэлэх, наҕараада ылан,  бары дьиэлэригэр үөрэ-көтө тарҕастылар. Дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээбит тэрийээччилэр аны саҥа үтүө дьыала тэрээһиннэри тэрийэргэ ылыстылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — ыраах айан суоппардарын «Таатта-дальнобой» түмсүүтүн архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0