Таатта улууһугар, Ытык Күөлгэ, сылы түмүктүү сэргэх күннэр үүннүлэр. РФ Тыйаатыр сылынан нэһилиэккэ «Даача» микро-оройуонугар Таатта народнай тыйаатырын бастакы режиссера, САССР үтүөлээх артыыската Ирина Михайловна Максимова үтүө аатын үйэтитэн, кини аатынан уулусса аһылынна. Бу туһунан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин иһитиннэрдэ.
—Арассыыйаҕа — Тыйаатыр, СӨ Сомоҕолоһуу сылларынан уонна Таатта народнай тыйаатырын 60 сылынан, бастакы режиссер, САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Ирина Максимова төрөөбүтэ 100 сылынан, Ытык Күөлгэ тыйаатыр кыбартаала баар буолла. Ирина Михайловна аатынан саҥа уулуссаны арыйыы үөрүүлээх сиэригэр-туомугар ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар. Кинилэр Саха сирэ киэн туттар ытык дьонун аатын өрө тутарбыт, кэнчээри ыччат билэригэр-көрөрүгэр анаан үлэлэһэрбит иһин махтаннылар. Маннык хайысханан үлэлээһин үтүө холобур буоларын бэлиэтээтилэр.
Саҥа уулусса САССР народнай артыыһа Анна Егорова аатынан уулуссаттан саҕаланар. СӨ народнай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан уулуссаны кытары кэккэлэһэ сытар. Бу нэһилиэк дьоно-сэргэтэ кэрэхсии, сонургуу көрөр сиригэр-уотугар ыччат дьон сөбүлээн тохтуура, олохсуйара, дьиэ-уот туттара элбииригэр эрэл улахан.
Түгэнинэн туһанан, саҥа кыбартаал аһылларыгар болҕомтолорун уурбут, сүүрбүт-көппүт, кыһамньыларын уурбут дьоммутугар, нэһилиэк баһылыгар Егор Павловка, нэһилиэк дьокутааттарыгар, бэрэссэдээтэл Александр Шариҥҥа улахан махталбытын тиэрдэбит, — диэн эттэ.