Тааттаҕа сураҕа суох сүппүттэргэ пааматынньык аһылынна

Бөлөххө киир:

Тааттаҕа сураҕа суох сүппүтэргэ пааматынньык аһылынна. Бу туһунан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Улуу Кыайыы 77 сылыгар Ытык Күөлгэ Кыайыы болуоссатыгар сураҕа суох сүппүттэргэ пааматынньык аһылынна. Бу күн төһө да ардаатар, бэтэрээннэр, сэрии оҕолоро, улуус салалтата, олохтоохтор кыттыыны көхтөөхтүк ылбыттар. Пааматынньыгы Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров уонна Ытык Күөл сэлиэнньэтин баһылыга Егор Павлов арыйдылар.
Пааматынньык уратыта – саатын умса туппут, умса көрөн турар саха саллаатын тула сэттэ туруйа эргийэ көтөр. Ол тула түөрт мэҥэ таас, ол тааска сураҕа суох сүппүт саллааттар ааттара суруллубут.

Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, мүнүүтэ чуумпуран туруу кэмигэр халлааҥҥа 40-ча хаас көтөн ааспыт. Онуоха олохтоохтор ити сураҕа суох сүппүт саллааттарбыт куттара быһыылаах диэн сабаҕалаабыттар.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0