Бэҕэһээ, 2017 сыл ахсынньы 31 күнүгэр, Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтин таһыгар суол быһылаана таҕыста.
СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениета иһитиннэрбитинэн, ити күн киэһэ 17.00 чаас саҕана, «Халыма» федеральнай суол 229-с километрыгар УАЗ массыына сылгылары ааһа бараары, уруулун кыайан салайбакка түҥнэстибит.
Ол түмүгэр, массыына инники олбоҕор курунан баанан олорбут 15 саастаах кыыс хомурҕанын тоһуппут.
Билигин бу чахчынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: News.Ykt.Ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1