2020 сылга Таатта улууһугар 49 ыал социальнай хантараакка олоҕурбут судаарыстыба көмөтүнэн туһаныаҕа. Ол аата, кырата 200-тэн тахса киһи олоҕун хаачыстыбата тупсуохтаах. Биһиги улууска социальнай хантараакка олоҕурбут көмөнү дьиҥ-чахчы көдьүүстээхтик туһанан, дьыаланы салгыы сайыннарбыт дьоммут элбэхтэр. Олохтоохтор бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, бу көмөнөн туһаныахтарын баҕаран, уочараттыыр буоллулар», — диэн Таатта улууһунааҕы нэһилиэнньэ социальнай харалтатын управлениетын салайааччыта Михаил Тарасов этэр.
edersaas.ru
ШИНОМОНТАЖТААХ НИКОЛАЙ
Ытык Күөл олохтооҕо Николай Харитонов кэргэнэ Анна Елисеевналыын доруобуйаларынан хааччахтаах араҥаҕа киирсэллэр, быйыл оскуоланы бүтэрэр саастаах биир кыыс оҕолоохтор. Ыал аҕата Николай тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, уруккуттан нэһилиэгин дьонугар массыына оҥорсор дьарыктаах эбит. Онон судаарыстыба көмөтүн туһанан, бэйэтигэр чугас дьыаланы – шиномонтаж арыйан үлэлэтэр баҕалаах Ытык Күөл сэлиэнньэтин дьаһалтатыгар сайаапка биэрбит.
«Сайаапкабын хамыыһыйа бигэргэтэн, судаарыстыбаны кытта социальнай хантараак түһэрсэн, уруккуттан ыра гыммыт бэйэм дьыалабын арыйар кыахтаммытым. Былырыын саас 179 тыһыынчаны ыламмын, тута бу маҕаһыын буолан турбут дьиэни уларытан, вулканизатор, көлүөһэни балансировкалыыр тэрили, атын да бытархай тэриллэри ыламмын, күһүөрү шиномонтажпытын арыйбыппыт. Кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт, кыралаан эбии ситэрэ-хоторо сылдьабын. Дьон син кэлэн оҥорторор. Мантан саас көлүөһэ уларытыытын кэмигэр элбиэхтэрэ диэн күүтэбит. Үлэлии түһэн баран, салгыы массыынаны өрөмүөннүүр өҥө оҥорорунан дьарыктанар баҕа санаалаахпын», — диэн Николай Харитонов кэпсиир.
КАФЕЛААХ ОЛЬГА
Ытык Күөл ортотугар туспа дьиэҕэ «Чэмэлиинэ» диэн кафе арыйан үлэлэтэ турар Ольга Саввинова Новосибирскай куоракка инженер-технолог үөрэҕин бүтэрэн баран, Дьокуускай куорат “Полярная звезда” эрэстэрээнигэр, минньигэс аһынан биллэр “Холбос” остолобуойугар асчытынан үлэлээбит.
«Сатыырым эрэ ас астааһына, онон дойдубар төннөн кэлэн баран, тугу гыныахпын сөбүй диэн толкуйдуу барбатаҕым. Социальнай хантараак түһэрсэн, бэйэ дьыалатын арыйыахха сөп диэни истээт, харахпар бу кафем көстөн кэлбитэ. 2018 сыллаахха хамыыһыйа иннигэр биисинэс-былааммын көмүскээн, 150 тыһыынча солкуобайы туппутум. Сонно тута оһох, остуол, устуул, иһит-хомуос ылынан, сотору кэминэн кафебыт арыллыбыта. Кафены арыйарбар, баҕа санаалаах этим – иккис этээһи тутан, дьоҕус баҥкыаттары тэрийэр, күнүс дьон көрсөн кэпсэтэн, кофе иһэн ааһар чуумпу сирин оҥорор туһунан. Ол баҕа санаабын быйыл Дьахтар күнүн иннинэ толороммун, сүргэм көтөҕүллэн сылдьабын. Онон, салгыы күүстээх үлэ күүтэр», — диэн Ольга Саввинова үөрүүтүн үллэһиннэ.
ТУОРТААХ ЕКАТЕРИНА
Ытык Күөлгэ, ону ааһан Таатта атын да нэһилиэктэригэр, Дьокуускай куоракка минньигэс туорду астыырынан биллэр эдэр ийэ Екатерина Петрова биһигини түбүктээх үлэтин быыһыгар көрүстэ. Екатерина туорт арааһын астыырга, оҕо көрөн олорон бэйэтэ интэриниэтинэн үөрэммит. Бастаан дьиэ кэргэнигэр, төрөппүттэригэр астыыр эбит.
«Харчыга дьоҥҥо астаан атыылыам диэн санаа охсуллан да ааспат этэ. Сөбүлүүр, сатыыр дьыалаҕынан социальнай хантараак нөҥүө бэйэ дьыалатын арынаҥҥын, дохуот аахсыаххын сөп диэн Ытык Күөл дьаһалтатын исписэлииһэ эппитэ. Бастаан көннөрү истэн эрэ кэбиспитим, кырдьыга, докумуон хомуйарбын сүрэҕэлдьии санаабытым. Онтон дьаһалтаттан эрийэн хос ыйыппыттарыгар, өс киирбэх биисинэс-былаан оҥорон, докумуоннарбын хомуйан илдьэн туттаран кэбиспитим. Улахан уустуга суох дьыала эбит этэ. Хамыыһыйаҕа туорпун астаан илдьэммин, былааммын үллэстибитим уонна ол киэһээ бырайыагым бигэргэммитин туһунан истэн, оҕо көрөн олорбут дьиэ хаһаайката бэйэ дьыалаланар буолан хаалбытым. Кэргэммин кытта куораттан наадалаах тэрили – анал оһох, холодильник, туорт оҥорор мииксэр, блендер уонна да атын тэриллэри ылан аҕалан, инстаграмҥа страница арыйан үлэлээн барбытым. Билигин сакаас тохтоло суох киирэр, дьон мин туортарбын билэр. Онон, үлэ баар, дохуот аахсабын. Салгыы урбаанньыт буолан, туспа сыах арыйан үлэлэтэр баҕалаахпын», — диэн Екатерина санаатын эттэ.
“БИҺИЭХЭ ЧУГАС ЫАЛБЫТ КЭРИЭТЭЛЭР”
Таатта улууһунааҕы нэһилиэнньэ социальнай харалтатын управлениетын социальнай төлөбүр салаатын салайааччыта Саргылаана Николаева уонна исписэлиис Зоя Боппосова социальнай хантараак ылбыт дьоннорун чугас ыалларын курдук кэпсииллэр.
«Бастаан отчуот тутарбыт, онно хайаан да алтыһарбыт, кэлин да наар билсэ турабыт, дьоммут сонуннарын кэпсээн ааһаллар, сүбэ-ама да ылаары таарыйааччылар», — диэн этэллэр.
БЭКЭЭРИНЭЛЭЭХ ВАСИЛИСА
Билигин таһаарыылаахтык үлэлии олорор дьонноруттан 2018 сыллаахха Баайаҕа нэһилиэгэр бэкээринэ арыйан үлэлэппит Василиса Хатылаеваны бэлиэтииллэр. Бу улуус кииниттэн 90 килэмиэтир ыраах сытар нэһилиэк сайыҥҥы өттүгэр ардахха суола быстан, тастан сибээһэ суох олорор түгэннэрэ элбэх эбит. Бэйэлэрэ бэкээринэтэ суох буоланнар, килиэп боппуруоһа сытыытык турар эбит. Василиса Хатылаева дойдутугар бэкээринэ үлэлэтэн, билигин кыһалҕа быһаарыллыбыт. Салгыы бу элбэх оҕолоох ыал нэһилиэк дьонун ыраас уунан хааччыйыыга ылсаары сылдьар эбит.
ЫРААС УУЛААХ СЭМЭН
Ытык Күөлгэ нэһилиэнньэҕэ ыраас ууну атыылаан, үгүс биир дойдулаахтарын муус ылар түбүктэн босхолообут «Куула-аква» тэрилтэ салайааччыта Семен Тимофеев эмиэ бу дьыалатын социальнай хантараак көмөтүнэн саҕалаабыт. «Билигин Тимофеев уута суох сатаммат буоллубут», — диэн олохтоохтор этэллэр.
БААҺЫНАЙ ХАҺААЙЫСТЫБАЛААХ НЬУРГУСТААНА
Оттон 2018 сыллаахха кэтэх хаһаайыстыбаны кэҥэттээри, хотон өрөмүөнүгэр диэн социальнай хантараак түһэрсибит Ньургустаана Жулева билигин бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбаны тутан олорор.
САЛГЫЫ САЙДАЛЛАРЫТТАН ҮӨРЭБИТ
«Бастаан утаа социальнай хантараакка олоҕурбут судаарыстыба көмөтүн тиэрдэргэ дьону кытта үлэни социальнай харалта управлениета бэйэбит ыытар эбит буоллахпытына, 2018 сылтан боломуочуйа муниципальнай тэриллиилэргэ бэриллибитэ. Бу – сөптөөх быһаарыы диэн сыаналыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, ким туох дьарыктааҕын, бу дьон салгыы ылсан төһө дьарыктанар кыахтааҕын, баҕалааҕын нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ ордук билэллэр. Онон, бэриллэр үбү-харчыны дьиҥ-чахчы көдьүүстээхтик туһанар дьоҥҥо таба тайанарбыт үксээтэ. Нэһилиэктэргэ талыллан кэлбит дьону хас биирдиилэрин бэйэбит хамыыһыйабытыгар эмиэ ыҥыран ырытабыт. Хамыыһыйаҕа дьарыктаах буолуу кииниттэн, урбаан салаатыттан, тыа хаһаайыстыбатын салалтатыттан, инбэлииттэр уопсастыбаларыттан бэрэстэбиитэллэри ыҥыран, сүбэ-ама биэрэбит. Онон, дьоммут социальнай хантараак көмөтүнэн дьыала арынан баран, салгыы урбаанньыт буолуохха сөбүн, дьарыктаах буолуу кииниттэн эмиэ туох көмө баарын барытын билэн тахсаллар. Бу эмиэ туһалаах дьыала, биһигиттэн саҕалаан салгыы сайдан барбыт дьоммут үгүстэр», — диэн Таатта улууһунааҕы нэһилиэнньэ социальнай харалтатын управлениетын салайааччыта Михаил Тарасов кэпсээтэ.
Социальнай хантараакка олоҕурбут судаарыстыба көмөтө Саха сиригэр оҥоһуллар буолбута быйыл тохсус сыла. Социальнай көмө бу миэрэтэ нэһилиэнньэҕэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин нөҥүө тиэрдиллэр. Бу кэм устата тыһыынчанан киһи судаарыстыба утары уунар көмөтүн туһанан, бэйэ кыаҕын тургутан көрдө. Бастаан утаа бэйэлэригэр эрэммэт санаалаах дьон дьиэ кэргэннэрин туруктаах олоххо таһаарар баҕаттан, бу көмөттөн тирэнэн иннин диэки эрэллээхтик хардыылаата. «Киһиэхэ дьиҥ-чахчы көмөлөһүөххүн баҕарар буоллаххына, балыгы бэйэтин буолбакка, күөгүнү утары уун» диэн этии оруннааҕа бу дьон холобуругар көһүннэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыскалар: СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга
министиэристибэтиттэн.