Олоҥхо алыптаах хомуһунун иҥэриммит, Таатта уонна Эдьигээн улуустарын, Чөркөөх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, ЮНЕСКО стипендиата, Ийэ Олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 90 сылын көрсө, ытык Таатта дьоллоох туонатыгар олус сэргэх, бэртээхэй тэрээһин буолла. Бу туһунан биһиэхэ улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салаатын фольклорга исписэлииһэ Майя Егорова кэпсээтэ.
—Тапталлаах улууспут айар-тутар ытык-мааны дьоно, талааннаах ыччаттара, сатабыллаах салайааччылара өрө көтөҕүллэн, сомоҕолоһон, турунан туран өрөөбүт уостарын өһүлэ, хоммут уостарын хоҥноро Ытык Күөлгэ Былатыан Ойуунускай аатынан норуодунай тыйаатырга Олоҥхо долгутуулаах дьоро түһүлгэтигэр муһуннулар. Былырыыҥҥы күөн күрэс кыттыылаахтара Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун толорууга илин-кэлин түһүспүттэрэ. Быйыл, икки күн устатыгар ыытыллыбыт дуорааннаах тэрээһиҥҥэ, Бүөтүр Решетников — Көһөҥө Бүөтүр олоҥхолорун толорууга күрэстэстилэр. Дуорааннаах түһүлгэҕэ уопсайа 10 нэһилиэктэн 88 киһи олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр.
Бу күрэскэ олоҥхоһут дьонноох-сэргэлээх Дьохсоҕон нэһилиэгэ күүстээх бэлэмнэниилээх, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбитэ тута көһүннэ. Дьохсоҕоннор эрэллээхтик бастаан, кыайыы-көтүү өрөгөйүн туттулар. Иккис бириистээх миэстэҕэ кыайыы кынатыгар олорсорго оҥостон, сыалланан-соруктанан кэлбит Чычымах нэһилиэгин олоҥхоһуттара тахсан эҕэрдэ эриэккэһэ эҥээрдэннилэр. Туох баар кыһамньыларын ууран, туттан-хаптан, бары болҕомтолорун анаан бэлэмнэммит Ытык Күөл нэһилиэгин олоҥхоһуттара, чычымахтары тилэх үктэһэн, үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.
Бары олоҥхоһуттар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ, толоруу ымпыгар-чымпыгар тиийэ болҕомтолорун уурбуттара, сатабылларын киллэрэн кыттыбыттара үрдүктүк сыаналанна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһин уһуйааччылара Мария Боппоенова уонна Александра Васильева, «Арчы» духуобунай киин исписэлииһэ Айталыын Винокуров олоҥхону толорууну сыаналаатылар, — диэн кэпсээтэ.
Үгэс буолбут Олоҥхо долгутуулаах дьоро күнэ Тааттаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыт. Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт ыалдьыттар улаханнык сэргэхсийэн, астынан, кыттар ыччат сыллата элбээн иһэриттэн улаханнык үөрэн тарҕаспыттар. Далааһыннаах түһүлгэни тэрийбит Таатта улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салаатыгар, улуустааҕы Олоҥхо Ассоциациятыгар махтаммыттар.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru