Тааттаҕа ойуур баһаарыгар көмөҕө тиэхиньикэ, уу кутар бөртөлүөт, байыастар барыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу киэһэ социальнай ситимнэргэ «Ытык Күөлү ойуур баһаара ылар кутталланна…» диэн тыҥааһыны күүркэтэр араас ис хоһооннох сурах-садьык тарҕанна. 

Ил Дархан Айсен Николаев инстаграмҥа бэйэтин страницатыгар: «Күүстээх тыал хайысхата уларыйан, 11 А №-дээх ойуур баһаара Ытык Күөлгэ чугаһаата. Билигин  миэстэтигэр 150 киһи 15 тиэхиньикэнэн минерализованнай балаһаны кэҥэтиини ыыта сылдьаллар.

Чугастааҕы улуустартан Ытык Күөлгэ баһаары умулларыыга  тиэхиньикэ, дьон көмөлөһө тиийиэхтэрэ. «Полярные авиалинии» хампаанньа Ми-8 уу кутар бөртөлүөтэ   көтүөҕэ. Бу бөртөлүөтүнэн ЫБММ уонна судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа байыастарын холбоһуктаах этэрээттэрэ тиийиэҕэ. Чугастааҕы улуустартан тиэхиньикэлээх дьон көмөҕө барыахтара», — диэн иһитиннэрдэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ улуус киинигэр куттал суоһаабат. Улахан ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пуунтан в 4-5 км тэйиччи сиргэ буола турар. Улуустааҕы дьаһалта бу ойуур баһаарын хонтуруолга тутар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0