Тааттаҕа оҕону ытырбыт ыты көрдүүллэр

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 24 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр хаһаайыннаах ыт түөрт саастаах оҕоҕо саба түһэн, оҕо сирэйин аҥарын быһа ытыран улаханнык эчэппитэ. Бу ынырык сурах оҕо хаартыскатын кытта тэҥҥэ бастаап ситимигэр тилийэ көтөн тарҕана сылдьар. Кырачаан оҕо ийэтин Иванна Заболоцкаяны кытта кэпсэттибит.

«Оҕом хаартыскатын тарҕатымаҥ»

Иллэрээ күн үлэбиттэн кэлэн истэхпинэ убайым эрийэн, «кытаат, кэлэ оҕус, оҕоҕун ыт ытырда» диэн сүрэхпин хайыппыта. Мин тута «суһал көмөнү» ыҥырбытым, онуоха «вызов наһаа элбэх, хирургияҕа бэйэҕит тиийиҥ» диэбиттэрэ. Хаан-сиин буолбут, куттанан, соһуйан, хайдах да буолуон билбэт оҕобун көтөхпүтүнэн хирургияҕа тиийбитим. Оҕобор сирэйигэр уонтан тахса тигиини оҥордулар. Кыранан хараҕын таарыйа сыспыт. Ити хаһаайыннаах ыт ырааҕынан ыаллыы олорор ыалбыт тыһы ыттарыгар кэлэр. Оҕолор олбуор иһинэн-таһынан оонньуу сырыттахтарына, ити ыт чугас кыһаммакка сыппыт. Онтон сытан баран эмискэ оҕобор саба түспүт. Кини кыыл буоллаҕа дии, өйүгэр туох түһэн кэлэрэ биллибэт. Билигин оҕобун кытта балыыһаҕа сытабыт. Ытырбыт ыты көрдүү сылдьаллар. Биһиги полицияҕа үҥсүү түһэрбиппит. Мин саныахпар, бэйдиэ буоллун, хаһаайыннаах буоллун, ыт хаһан баҕарар сэрэхтээх. Тоҕо оҕолорбут тустарыгар холкутук олорбоппутуй, ыты көмүскүүр сокуон ама, уларыйар кыаҕа суох дуо?


Ытык Күөл нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов:

— Биһиэхэ нэһилиэкпитигэр бэйдиэ сылдьар ыттары тутар питомниктаахпыт. Онно билигин биэс ыт  баар. Оҕоҕо саба түспүт ыт хаһаайыннаах. Полиция көрдүү сылдьар.

«Куула» ТОС бэрэссэдээтэлэ Агафья Савватеева:

— ТОС диэн түөлбэлээн олорор уопсастыбаннай бэйэни салайыныы буолар. Эмсэҕэлээбит оҕо биһиги түөлбэбитигэр олорор. Бу иэдээннээх быһылаан кэнниттэн ыалларынан кэрийэн хас ыт баайылааҕын, чииптээҕин, вакциналааҕын испииһэктээтибит. Ыт кыһалҕата куруук баар. Хаһаайыннаах ыттар сыапка туруохтаахтар дии саныыбын. Ити ыт ыал тыһы ытыгар кэлэр эбит. Оҕолорбут көмүскэллээх буолууларыгар хас биирдии киһи эппиэтинэһи сүгэр.

Ыттан эмсэҕэлээһин сыл ахсын тахсар. Ыттар сиэртибэлэринэн оҕолор буолаллар. Бу хаһан быһаарыллар кыһалҕаный?

Ульяна Захарова.

Хаартыскалары эмсэҕэлээбит оҕо ийэтэ ыытта.

Хаартысканы тарҕатар, туһанар көҥүллэммэт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0