Тааттаҕа оҕо искусствотын оскуолата тэриллибитэ 60 сылын ньиргиччи бэлиэтээтилэр
РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР уонна САССР композитордарын сойууһун чилиэнэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина Федот Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолата тэриллибитэ 60 сылын туолла. Бу бэлиэ даатанан уонна саха бастакы самодеятельнай композитора Федот Семенович төрөөбүтэ 90 сылынан улуус киинигэр, Ытык Күөлгэ, улахан далааһыннаах, өрө көтөҕүллүүлээх бэртээхэй тэрээһин ыытылынна.
Хас да күннээх тиһиктээх тэрээһин түһүлгэтигэр ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, бу кыһа араас кэмнээҕи выпускниктара үөрэ-көтө муһуннулар.
Бастатан туран, күүтүүлээх тэрээһин “Музыка уонна үҥкүү куттаах дьиэ кэргэттэр” улуустааҕы куонкурустарыттан саҕаламмыт. Бу туһунан биһиэхэ СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кылыыҥкай» оҕо үҥкүү образцовай ансаамбылын салайар Розалия Иванова иһитиннэрдэ. Күөн күрэскэ үҥкүүгэ –12, муусукаҕа, ырыаҕа – 16 дьиэ кэргэн эрдэттэн бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кыттыбыттар. Үҥкүүгэ Дьохсоҕонтон Сивцевтэр дьиэ кэргэн, эбээлиин, эһээлиин, күтүөттүүн, кийииттиин, оҕолуун-уруулуун, сиэннэрдиин барыта 32 буолан үҥкүүлээн тэйбиттэр. Бэртээхэй үҥкүүлэринэн көрөөччүлэр харахтарын сымнатан, дууһаларын сылаанньытан Гран-при үрдүк аатын ылан биир дойдулаахтарын үөрдүбүттэр. Муусука куттаах дьиэ кэргэттэргэ Ытык-Күөлтэн халыҥ аймахтар, убайдыы-балыс Виссарион Слепцов уонна Изабелла Сивцева дьиэ кэргэттэрэ толорбут ырыалара дохсун ытыс тыаһынан арыалламмыт. Түмүккэ Гран-при аатын ыланнар үөрүү-көтүү үрдээбит, эҕэрдэ эриэккэһэ этиллибит.
Үс күн устата ыытыллыбыт квалификацияны үрдэтэр кууруска 15 киһи үөрэнэн, сибидиэтэлистибэ туппуттар. Кууруһу “Музыка барыбытыгар” бырайыагы сүрүннээччи, Музыка үрдүкү оскуолатын преподавателэ Евдокия Карманова, бу оскуолаҕа музыка теориятын үөрэтэр Ульяна Тайшина ыыппыттар.
Долгутуулаах, күүтүүлээх дьоро киэһэҕэ музыка оскуолатыгар араас сылларга үөрэммит дьон-сэргэ мустан истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдибиттэр, күүстэрин холбоон кэнсиэр бэртээхэйин көрдөрбүттэр.
Дьоҕурдаах, баҕалаах оҕолору үөрэтэр кыһаҕа уруһуй кылааһыгар араас сылларга үөрэнэн бүтэрбит дьон, уопсайа 26 киһи, бэйэлэрин үлэлэрин быыстапкатын оҥорбуттара болҕомтону тардыбыт. Аар саарга аатырбыт профессиональнай худуоһунньук Иван Попов сиэнэ, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Гавриил Петров кэлэн ыалдьыттаан, истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэн, дьону-сэргэни кытта атах тэпсэн олорон астына сэһэргэһэн сүргэни улаханнык көтөхпүт.
Выпускниктар көлүөнэлэринэн кэнсиэртэрин хас биирдии ньүөмэрэ ытыс тыаһынан доҕуһуолламмыт. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, баянист Раиса Крылова үөрэнээччитэ, СӨ культуратын туйгуна Александр Павлов:
—Дьоро киэһэҕэ биһиги оскуолабытыгар баян кылааһын үөрэнэн бүтэрбиттэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах дьон кэлэн кыттыбыттара олус кэрэхсэбиллээх буолла. Ол курдук, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, киэн туттар баяниспыт Раиса Крылова ( СӨ культуратын туйгуна, СӨ эбии үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина П.А.Иванов үөрэнээччитэ), СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх баяниһы иитэн-үөрэтэн таһаарбыт Радомир Борисов, СӨ культуратын туйгуна Иван Баишев, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Карл Христофоров, музыка оскуолатыгар 50 сыл устатыгар эҥкилэ суох үлэлээбит ытык киһибит Петр Иванов, СӨ культура туйгуна Константин Макаров уонна мин бары сценаҕа тахсан бииргэ байааннаатыбыт. Дойду сиригэр баар дьон эрдэ бэлэмнэммиппит. Куоракка олорор дьоммутугар партияларын ыыппыппыт. Дьон олус сөбүлээтэ, сэҥээрдэ. Ытыс тыаһынан арыаллаата, — диэн кэпсээтэ баян кылааһын преподавателэ.
Салгыы үҥкүү кылааһын учуутала, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кылыыҥкай» үҥкүү образцовай ансаамбылын салайар Розалия Иванова суон сурахтаах “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүүтүн народнай ансаамбылын төрүттээбит, салайбыт, «Саха сирин киэн туттуута» республикатааҕы күрэс «Культура диэйэтэлэ» номинациятын кыайыылааҕа Августина Клакинова Элгээйиттэн истиҥ видеоэҕэрдэтин ыыппытын, Покровскайтан ритмика учуутала, А.Ф.Клакинова үөрэнээччитэ, СӨ культуратын туйгуна, үөрэммит кыһатыгар үҥкүү учууталынан үлэлээбит биир дойдулаахтара Белла Шапошникова ыалдьыттаабытын, көлүөнэнэн үҥкүүлэри дьон кэрэхсээбитин иһитиннэрдэ.
—Бастакы выпустар “Дьол көлүччэтэ” ансаамбылбытынан үҥкүүлээтибит. 1990-с сылларга бүтэрбиттэр, “Доҕордоһуу” ансаамбылы салайар, СӨ культуратын, ыччат политикатын туйгуна Валентин Козлов, “Кылыыҥкай” ансаамбылы салайар Элеонора Маркова, Чурапчы Дириҥиттэн музыка оскуолатын дириэктэрэ, “Төрөппүт килбиэнэ” уордьан кавалердара, кэргэннии Валентина, Айаал Новгородовтар (Айаал Тааттаттан силис тардыбыт) үҥкүүлээтилэр, — диэн үөрэ-көтө бэлиэтиир.
СӨ культуратын туйгуна, преподаватель Римма Федорова фольклор отделениета 1990-с сылларга аһыллыбытын этэр. Бу отделениеҕа үөрэммит Алиса Саввина, Наташа Федорова “Айархаан” этно-бөлөххө хомустаабыттарын киэн тутта кэпсиир. Алиса билигин Москваҕа, Наташата Англияҕа олороллор эбит. Маны сэргэ, эмиэ бу отделение выпускнига Айтал Мырсанов Дьокуускайга Хомус музейыгар ис сүрэҕиттэн сөбүлээн үлэлии сылдьарын, Күннэй Гладкина анал ыҥырыы тутан Дьокуускайга музыка кэллиэһигэр үөрэххэ киирбитин этэр. Римма Герасимовна кэпсээбитинэн, фольклор отделениетыгар дьарыктанар оҕолор Санкт-Петербурга 2015 сыллаахха “Невские перспективы” норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль-куонкурустарыгар Гран-при аатын ылбыттар, быйыл Турцияҕа “Шоумир Дом Солнца” күөн күрэскэ лауреат буолбуттар, республикаҕа ыытыллар “Саҥа ааттары” көтүппэккэ кытталлар, бириистээх миэстэттэн түспэттэр.
Фортепиано кылааһын «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, бу оскуолаҕа 50 сыл устатыгар бэриниилээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Анна Михайловна Савватеева аспыт. Кини бу сыллар усталаах-туораларыгар элбэх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарбыа. Анна Михайловна үөрэппит оҕолоро — фортепиано учууталлара өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар үрдүк ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Холобур, үөрэнээччитэ Надежда Петрова “Виртуозы Якутии” скрипачтар ансаамбылларын халбаҥнаабат концертмейстера. Алексей Таппахов Дьокуускай куоракка медицина киинигэр невролог-быраас. СӨ культуратын туйгуна Татьяна Сунхалырова үөрэммит кыһатыгар фортепиано кылааһыгар учууталлыыр, СӨ культуратын туйгуна Екатерина Березкина үҥкүү уонна балалайка кылааһын концертмейстерынан үлэлиир.
Анна Михайловнаны кытта бииргэ үлэлээбит, СӨ культуратын туйгуна, 40-тан тахса сыл ыстаастаах Елизавета Аржакова билигин музыка кэрэ алыбар, фортепианоҕа оҕолору иитэр-үөрэтэ сылдьар. Кини такайбыт ыччаттара: Егор Макеев, Аня Слепцова Музыка Үрдүкү оскуолатыгар үөрэммиттэр. Егор билигин Покровскайга музыка оскуолатыгар преподавателлиир.
Кэпсээбиттэринэн, бу оскуолаҕа скрипка отделениетын оччолорго музыка училищетын бүтэрбит Акулина Лебедева аспыт. Билигин бу кылааһы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ, СӨ культуратын туйгуна Дария Попова сатабыллаахтык салайар. Бу оскуола выпускнига, скрипкаҕа үөрэммит Андрей Дедюкин Музыка Үрдүкү оскуолатын бүтэрбит, “ARCO ARTico” ансаамбыл салайааччыта. Үбүлүөйдээх дьоро киэһээ күүтүүлээх кэнсиэригэр араас сыллааҕы выпускниктар: Лена Максимова, Наталья Трофимова, Татьяна Вырдылина, Светлана Борисова, Елена Григорьева бука бары скрипкалаах тахсан, ансаамбылынан оонньоон сөхтөрбүттэр.
Бу 60 сыллаах үлэни бар дьоҥҥо көрдөрөр долгутуулаах киэһээҕэ, саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэр, ыалдьыттар, төрөппүттэр, араас сыллардааҕы выпускниктар ырыа киэнэ маанытын, куолас киэнэ кэрэтин истибиттэр, үҥкүү бастыҥын көрбүттэр, музыка абылыыр күүһүгэр уйдарбыттар, үлэ-хамнас сылларынан историятын сэргээн истибиттэр. Выпускниктар бастыҥ, чулуу преподавателлэргэ үөрэнэн, чочуллан олох киэҥ аартыгар тахсыбыттарын, оҕо сылдьан сүрэхтэрин баҕатынан талбыт хайысхаларыгар үөрэммиттэрин умнубатахтарын, билигин да дууһалара иэйдэҕинэ оонньууларын кэпсээбиттэрин, кэнсиэргэ кыттан сөхтөрбүттэрин, сэргэхсиппиттэрин көрөөччүлэр астынан, киэн туттан бэлиэтииллэр.
Ыспыраапка
Музыка оскуолата (Оҕо искусствотын оскуолата) 1958 сыллаахха тэриллибит. Бастаан баян, фортепиано кылаастара аһыллыбыттар. Сылтан-сыл кэҥээн, сайдан, күн бүгүн манна аҕыс отделение тигинэччи үлэлии турар. Оҕолор улуустааҕы, республикатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах, киэҥ далааһыннаах күөн күрэстэргэ чаҕылхайдык кыттаннар, бу оскуолаҕа оччоттон-баччаҕа диэри бастыҥ преподавателлэр ис сүрэхтэриттэн кыһамньылаахтык үлэлииллэрин көрдөрөллөр.
Республикаҕа биллэр-көстөр суоллаах-иистээх оскуоланы Тишин Николай Иванович, Аргунов Федот Семенович, Мончурина Дора Дмитриевна, Подопригора Юрий Григорьевич, Иванов Петр Алексеевич сатабыллаахтык салайбыттара. 2001 сыллаахха композитор, музыковед, РСФСР, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Федот Семенович Аргунов аата иҥэриллибитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Федот Семенович элбэх уочарка, ыстатыйа уонна араадьыйанан биэриилэр ааптардара, сахалыы ырыалар хомуурунньуктарын оҥорсубут. Үтүмэн көлүөнэ саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы Былатыан Ойуунускай «Былааһы — Сэбиэккэ!» хоһоонугар Федот Семенович Аргунов матыып суруйбута. Ол ырыаны көлүөнэттэн көлүөнэ уоһуттан түһэрбэккэ, сүрэҕэр чугастык ылынан, дууһатыгар иҥэринэн ыллыыр. Дойдулаахтара, таатталар, “Биһиги Семен Федотовичпыт” диэн сүгүрүйэ, киэн тутта ааттыыллар, оҕо искусствотын оскуолата ытык киһи аатын сүгэринэн киэн тутталлар. Музыка оскуолата 2008 сыллаахха Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолата диэн уларытыллар. Оҕо искусствотын оскуолатын 2003 сылтан Дария Александровна Попова муоһалаан, үрдүк таһаарыылаахтык салайан, үлэ-хамнас тохтоло суох оргуйан олорор.
Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru