Тааттаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылыгар анаммыт иккис литературнай экспедиция түмүктэннэ. Суруйааччылар уонна айар куттаах дьон саха литературатын биһигэ буолбут Таатта улууһугар ыалдьыттаатылар.
Бу сонун тэрээһин иккис төгүлүн ыытыллар. Былырыын Чөркөөххө буолбута. Идиэйэтин “Уран тыл” Таатта айар холбоһугун чилиэннэрэ “төрөппүттэрэ”. “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация, Таатта улууһун дьаһалтатын өйөбүллэринэн, И.А. Аргунов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ситимэ (дириэктэр Анна Билюкина) уонна “Уран тыл” бииргэ тэрийбиттэр. Суруйааччы, “Уран тыл” холбоһук салайааччытын солбуйааччы Иннокентий Лукачевскай-Силис, киин бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрин солбуйааччы Светлана Игнатьева сүүрэн-көтөн, тэрээһини олоххо киллэрдилэр. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов, тылбаасчыт Альбина Борисова, суруйааччылар Уйбаан Ойуур, Аграфена Кузьмина-Айаана, Дайыына уонна «Сэргэлээх уоттара», «Айар кут» түмсүү чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар.
Литературнай экспедиция диэн ааттаммыт тэрээһин бэрт интэриэһинэй көрүҥнээҕин бэлиэтиир наадалаах. Ол курдук, саха чулуу дьонун төрөппүт ытык сир-уот ураты тыынын ылынан, сүгүрүйэн, кэриэстээн ааһыы айар куттаах дьоҥҥо элбэҕи биэрбитэ чахчы. Кырдьыга, биир улууска бачча элбэх суруйааччы, учуонай төрөөбүтэ сөхтөрөр, ону тэҥэ таатталар кинилэр үтүө ааттарын үйэтитэргэ олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын, элбэх пааматынньыктары туруорбуттарын, мусуойдары арыйбыттарын хайгыахха эрэ сөп.
Экспедиция кыттыылаахтара ини-бии Мординовтар алаастарыгар, норуодунай суруйааччы Эллэй төрөөбүт Мойуонатыгар, мусуойдарга сырыттылар, Хадаайыга Алампа уҥуоҕар сүгүрүйэн аастылар. Хомойуох иһин, саха литературатын төрүттээччи Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт Учайыгар уонна Былатыан Ойуунускай Дэлбэрийбит алааһыгар кыайан тиийбэтилэр. Биир-икки күҥҥэ барытын ситиспэтиҥ өйдөнөр буоллаҕа, оччотугар хаһаанан, эһиил да сылдьыахха сөп…
Ытык Күөлгэ “Литература биһигэ” диэн сквер оҥорбуттар эбит. Оннооҕор сибэкки олордор иһитинэн “Литература биһигэ” диэн суруйбуттар, онно сибэкки олордубуттар. Бу сквергэ ыалдьыттары улуус баһылыга Михаил Соров, дьаһалта култуураҕа отделын начаалынньыга Афанасий Лопатин эҕэрдэлии көрүстүлэр.
Хадаайыга
Салгыы Ытык Күөл чугаһыгар Хадаайыга баар литературнай-художественнай мусуой-заповедникка сырыттыбыт. Бу аһаҕас халлаан анныгар турар мусуой норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Саха норуотун култуурата, духуобунаһа сайдарыгар сүҥкэн өҥөлөөх суруйааччылар Алампа Соппуруонапка, Николай Неустроевка, Өксөкүлээх Өлөксөйгө, бастакы идэтийбит худуоһунньук Иван Поповка, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” операҕа Туйаарыма Куо оруолун толорбут А.И. Егороваҕа ананар.
Манна Өксөкүлээх төрөөбүт балаҕана, Алампа төрөппүттэрин сайылык-дьиэлэрэ, Иван Попов балаҕанын саҥаттан оҥоруу, 1883 сыллаахха протоиерей Дмитриан Попов астарбыт бастакы оскуолата, Ытык Күөллээҕи Преображенскай таҥара дьиэтэ, Олоҥхо ураһата, о.д.а. бааллар.
Экспедиция кыттыылаахтара Алампа уҥуоҕар тиийэн, сүгүрүйэн аастылар.
Түөрт суруйааччы дойдутугар
Харбалаахха тиийбиттэригэр, аартык айаҕар уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлүү көрүстүлэр. Таатталыы оһуохайы көрдөрбүттэригэр, ыалдьыттар атахтарын тумсунан оһуор анньан көттүлэр, сүрдээҕин сэргээтилэр. Харбалаахха Николай, Авксентий, Трофим Мординовтар мусуойдарыгар сылдьан, туттубут малларын-салларын, кинигэлэрин, хаартыскаларын көрөн, элбэҕи биллилэр, эбиннилэр.
Оттон саха норуодунай поэта Серафим Кулачиков-Эллэй төрөөбүт Мойуона алааһыгар чычымахтар эмиэ алаадьылаах, кымыстаах көрүстүлэр. Нэһилиэк баһылыга Степан Соров анаан-минээн кэлэн, эҕэрдэлээтэ. Бу мантан да таатталар суруйааччыларга ураты сыһыаннара көстөр, элбэххэ эбээһинэстиир. Салгыы Эллэй беседкатыгар хаартыскаҕа түһүү, күөх ачаҕа сэлэлии олорон аһааһын буолла.
Чычымахха тиийэн, 1899 сыллаахха тутуллубут, билигин да бэрт сэнэх көрүҥнээх Николаевскай таҥара дьиэтигэр, мусуойга, Өксөкүлээх төрөөбүт алаһатын үүт-үкчү үтүгүннэрэн оҥоһуллубут балаҕаҥҥа сырыттылар. Онно көрдөххө, киэҥ-куоҥ, үрдүк өһүөлээх балаҕан эбит. Өксөкүлээх сиэнэ Алексей Реасович Кулаковскай көмүлүөк оһоҕу оттон тигинэтэн баран, алҕыы-алҕыы эһэкээнин аһаппыта эмиэ биир бэлиэ түгэн буолла. Чычымахха, бу биир кыра нэһилиэккэ, Өксөкүлээх Өлөксөй, Эллэй, Амма Аччыгыйа, Реас Кулаковскай курдук улахан суруйааччылар төрөөбүттэрэ элбэҕи этэр эбээт… Бэл, алаастара чугастыы тураллар эбит.
Киэһэтин Охотскай муораҕа тиийэр былыргы айан аартыгар – ааттыын Дьаам диэн сиргэ тиийэн хоннулар, өҥүрүк куйааска Амма өрүс кылыгырас ыраас уутугар сөтүөлээтилэр. Сарсыныгар “Орто дойду хоһоонньуттарын күөн күрэһэ” уонна “Орто дойду кэрэхсэбиллээх сэһэнньитэ” диэн куонкурустар ыытылыннылар.
Кыттааччы санаата
Аграфена Павлова-Арыппыана, Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин литературнай түмсүүтүн салайааччы:
—Биһиги бу экспедиция туһунан былырыын истибиппит, кэлиэхпитин наһаа баҕарбыппыт. Быйыл, дьэ, тэринэн-оҥостон кэллибит, олус астынныбыт. Ол эрээри, биир күҥҥэ хас да алааска, элбэх мусуойдарга сылдьыы ыксаллаах курдук. Ыксаабакка, налыччы, биир нэһилиэккэ сылдьыбыт буоллар, өссө үчүгэй буолуо этэ. Хайа уонна атын алаастары эһиилгигэ хаһаанан, биир суруйааччыга биир сылы анаатахха, хас да сыл барыа этэ буоллаҕа.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Уйбаан Ойуур түһэриилэрэ.