Тааттаҕа икки саастаах уолчаан параакка кытынна

Ааптар: 
09.05.2017
Бөлөххө киир:

Кыайыы күнүн дьоруойунан Таатта улууһун Ытык Күөлүн олохтооҕо кырачаан Артур буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Мин уолчаан ийэтин төлөпүөнүн булан анаан кэпсэттим.

Аныгы үйэ сиэринэн социальнай ситим дьоруойунан буолбут киһи хас саастааҕый? – диэн кэпсэтиибин саҕалаатым.

— Бэс ыйыгар икки аҥар сааһын туолуохтаах.

— Ити Кыайыы күнүнэн көстүүм тикпиккит дуо?

— Биһиги дьиэ кэргэн Чурапчыга олоробут. Аҕабыт баһаарынай депоҕа үлэлиир. Мин кэтэхтэн үөрэнэ сылдьабын. Ол иһин муус устар бүтэһигиттэн эбэтигэр Ытык Күөлгэ баар. Дьонум бүгүн параакка кыттаары бэлэм бөҕө этилэр. Ийэм: “Сиэммэр саллаат таҥаһым тигиэм”, — диэн эрдэттэн былааннааҕа. Параакка барыахтарын иннинэ: “Ардах түһүөх курдук. Ньачаас сылдьан баран дьиэлиэхпит. Эбэҥ сарсыарда тоҕуска бэтэрээннэр мустууларыгар барбыта”, — диэн кэпсээбитэ. Параат ортолоон эрдэҕинэ, мин ийэбэр эрийэн сэрэттим: “Умнума, оҕом наһаа сытыы. Олох сатаан тутуоҥ суоҕа. Артур элбэх киһиэхэ аралдьыйан, куотан хаалыаҕа, үчүгэйдик көрө сырыт”. Арай сотору буолан баран, ийэм: “Туйаара, уолбут бэйэтэ сүүрэн тахсан, колоннаҕа параакка кытта сылдьар. Чиэс биэрии бөҕө. Олох туттарбат. Нэһиилэ видеоҕа устан хааллым. Ыҥырдахха кэлбэт”, – диэн төлөпүөннээтэ.

Арай сотору буолаат, батсаабынан, инстаграмынан оҕом хаартыската, түспүт видеота тигинээн кэлбэт дуо? “Красота Якутии” диэн инстаграм сирэйигэр 28 500 тыһ. киһи киирэн көрбүт. Билигин өссө элбээбитэ буолуо. Интэриниэт таһаарыылартан төлөпүөн бөҕө: “Оҕоҕун бэчээттииргэ сөбүлэһэҕин дуо?” – диэн. Таатта уонна Чурапчы улуустарын батсаап бөлөхтөрүн аҕыйах мүнүүтэ иһигэр Артур хаартыскалара толорон кэбистилэр, — диэн кэпсиир уол ийэтэ.

Аҕыйах чаас иһигэр Саха сирин бары улуустарыгар биллэ охсубут батсаап уонна инстаграм дьоруойа дьиэтигэр тиийэн, тута утуйда ини? – диэн ыйыппыппар, уол ийэтэ күлэ түһэр:

Хантан?! Оһох аттыгар муостаҕа сыттыгын ууран баран, сытынан кэбиһээт, “инста сулуһа” күннээҕи дьыалабын толордум диэбиттии, дьэ холкутугар түспүт уонна төлөпүөнүн ылан, ютубу хасыһан барбыт. Онно бэйэтэ “Тыраахтар” туһунан анал сирэйдээх. Эбэтэ булан биэрбит. Киирэн хаһыспытынан барар. Кини бүгүҥҥү интэриэһэ – тыраахтар, — диэн билиһиннэрэр уолчаанын туһунан эдэр ийэ.

… Ити курдук икки саастаах уол оҕо Улуу Кыайыы параадыгар сылдьан, чиэс биэрэн, аны дьиэтигэр тиийэн “ютубтаан”, бүгүҥҥү олох сайдыытын туоһутунан буолла. Сэрии толоонугар олохторун толук биэрэн, сэрииттэн эргиллибэтэх дьоммут барахсаттар бу бүгүҥҥү күн дьоруойун көлүөнэтин кэскилин туһугар фашизмы төрдүттэн суох гыннахтара. Оттон Уус Алдантан уонна Тааттаттан тардыылаах Чурапчы улууһун олохтооҕо, Чурапчытааҕы “Чуораанчык” оҕо саадын иитиллээччитэ Артур уонна кини доҕотторун оҕо саастара өрүү чаҕылхай күннээх буоллун!

 Елена Потоцкая, «Саха сирэ», edersaas.ru           

                           


+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0