Тааттаҕа “Айан Хотун-2018” күрэскэ бастыҥнар түмүстүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ РФ Үтүө дьулуур, СӨ Дьарыктаах буолуу сылларыгар анаммыт “Айан Хотун-2018” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолла. Манна даҕатан эттэххэ, бу далааһыннаах тэрээһин сэттис төгүлүн ыытылынна. Былырыын Чурапчы улууһугар Мындаҕаайыга буолбута.


Тэрээһини СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэ, СӨ дьахталларын холбоһуга, Таатта улууһун дьаһалтата, улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрэ, Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр отдела, “Айаана” автокулууп үрдүк таһымнаахтык тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Түһүлгэҕэ Ньурбаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Горнайтан, Уус Алдантан, Намтан, Чурапчыттан,  Тааттаттан уонна Дьокуускайтан массыына уруулун тута үөрүйэхтээх  барыта 162 далбар хотун, улуустааҕы дьахталлар түмсүүлэрин салайааччылара Хадаайы киэҥ нэлэмэн сыһыытыгар балаакканан түһүүлэннилэр. Күөн күрэскэ ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбит хас биирдии хамаанда тохтообут сирдэрин киэргэттилэр-симээтилэр, түмсүүлэрин көрдөрөр, кэпсиир хаартысканан истиэндэлэрин ыйаатылар. Чөркөөх түмэлигэр ыалдьыттаатылар, үлэни-хамнаһы билистилэр.

“Алгыс”  бэтэрээннэр балаҕаннарыгар 100-тэн тахса киһи кыттыылаах  өрөспүүбүлүкэ дьахталларын сэбиэтин  актыыбын оскуолата тэрилиннэ. Сэминээригэ автокулууптар салайааччылара, көхтөөх кыттааччылар, уопсастыбанньыктар үлэни-хамнаһы тэрийии, киэҥник тарҕатыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрии туһунан кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр.

Ытык Таатта сиригэр үктэммит автоледилар эбиэттэн киэһээ улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сүгүрүйэн, массыынанан парадтаан тиийэннэр тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. “Алгыстаах айан”  Таатта улууһун ыраах айан суоппардарын скверин көрдүлэр. Кинилэри бу долгутуулаах тэрээһиннэринэн улуус баһылыга Михаил Соров, СӨ дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин салайар Анжелика Андреева,  СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистири солбуйааччы Любовь Клюкина, уо.д.а. истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Ол кэнниттэн, Хадаайыга ГИБДД иниспиэктэрдэрэ  күрэс кыттыылаахтара суол быраабылатын төһө билэллэрин тургуттулар, ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар.

Уран тарбахтаахтар куонкурустарыгар хас биирдии хамаандаттан биирдии кыттааччы оҥоһуктарын, тугу сатыырын дьүүллүүр сүбэҕэ сыаналатта. Ону сэргэ, ким баҕалаахха бэртээхэй маастар-кылаастар ыытылыннылар. Манна автоледилар декупажка, таҥас баайарга, куопта киэбин быһарга, дьиэҕэ туһалаах малы-салы оҥорорго хардарыта үөрэннилэр, сүбэ-ама бэристилэр. Ону сэргэ, доруобуйаны чэбдигирдэр хамсаныыларга, үҥкүүгэ үөрэннилэр.

Хамаандалар параадтара, автокулууптар бэйэлэрин билиһиннэриилэрэ түһүлгэҕэ мустубут көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтө, уратытык сэргэхситтэ. “Айан Хотун-2018”, “Суперавтоледи-2018” күөн күрэстэр, өбүгэ оонньууларыгар биирдиилээн уонна хамаанданан илин-кэлин түсүһүүлэр тэрээһини өссө сытыырхаттылар. Күрэстэһээччилэр бары да эрбии тииһин курдук  эгил-тэгил эристилэр. Ол да буоллар, күрэхтэһии аата күрэхтэһии, куоталаһыы аата куоталаһыы. Бэрт аҕыйахтыы очукуонан инники күөҥҥэ киирбиттэр биэтэккэ кыайыылааҕынан таҕыстылар.

“Суперавтоледи-2018” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Таатта халыҥ хамаандата тахсан уруйданна.  Иккис миэстэни Нам хамаандата ылан үөрүү-көтүү көтөллөннө. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ  Чурапчы улууһа таҕыста.

“Айан Хотун-2018” кыайыылааҕынан Татьяна Соловьева (Нам) ааттанан дойдулаахтарын улаханнык үөртэ. Кинини тилэх үктэһиннэрэн Уус Алдантан кэлбит Юлия Иванова тахсан, 2-с бочуоттаах миэстэни ылла. Пьедестал үһүс үктэлигэр ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан  Чурапчы автоледита Надежда Ахматова таҕыста.

Автокулууптары билиһиннэрии түмүгүнэн кыайыыны Горнай “Девчата” автокулуубун иллээх хамаандата ылла.  Иккискэ “Мэҥэ Леди” автокулууп (Мэҥэ Хаҥалас) таҕыста.  Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ намнар “Нам Авто Леди” кулууптара тигистэ.

Дьэ онон, эһиил ыытыллыахтаах “автоледилар” күөн күрэстэрин эстафетатын былааҕа чаҕылхайдык кыттыбыт Нам улууһун хамаандатыгар “Ураа!” хаһыынан уруйданан, “Айхал!” хаһыынан арыалланан туттарылынна.

Бары кыайыылаахтарга уонна көхтөөх кыттааччыларга махтал суруктар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Түһүлгэҕэ мустубут бары кытааччылар, көрөөччүлэр тэрээһинтэн улаханнык астынан, дуоһуйан, эһиилги күөн күрэскэ өссө бэлэмнэнэн көрсүөх буолан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0