Таастыйбыт мас туһаҕа таҕыста

Ааптар: 
23.02.2020
Бөлөххө киир:

«Дархан уус» быыстапкаҕа Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педкэллиэс тимир уустарын бэлэмниир кыһатын уһуйааччыта Леонид Говоров бэрт интэриэһинэй оҥоһугуттан киһи хараҕын араарбат.

edersaas.ru

Оҥоһуктары хаартыскаҕа түһэрээри — уочарат. Онон социальнай ситимнэри Леонид Прокопьевич бу үлэтэ «барыыр» буолуохтаах.

Мин тимир ууһуттан бэйэтин үлэтин туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.

Быһах олоҕо — таастыйбыт мас. Мөлүйүөнүнэн сыллар анараа өттүлэригэр ууга сыппыт мас  таастыйан хаалбытын өрүс биэрэгиттэн булан, «хаһан эмэ наада буолуо» диэн уурунан кэбиспитим. Ол онтубун «Дархан Уус» быыстапкаҕа кыттаары, дьэ оннун буллардым. Уһаарар оһоххо майгынатаммын, быһах уһаарыллан тахсар олоҕун оҥорбутум. Быһах уга — сэлии муоһа. Ортото — сэлии тииһэ. Иннигэр-кэннигэр олордон биэрии —  эмиэ сэлии муоһа. Нууччалаан эттэххэ, «мозаичный дамас» диэн ньыманы туттан, тимири тимиргэ сыһыаран таптайбытым. Сырам таах хаалбата — «Уус-уран оҥоһуулаах быһах» номинацияҕа 3-с миэстэҕэ тигистим — диэн кэпсиир Леонид Говоров. Тимир ууһа «атыым-кутуум хамаҕатык барда» диэн үөрэр. Ол курдук, 25 быһаҕыттан сүүрбэтин  6-10  тыһ солк. атыылаабыт.

Ити курдук, Эр дьон күнүгэр икки күннээх өрөбүл устата тимир уустара «Уус Дархан» түһүлгэтигэр мустан, үлэ уопутун атастаһан, оҥоһуктарын батаран, санаалыын көнньүөрэн тарҕастылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа  ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0