Таастаахха саха сүөһүтүгэр хотон тутуллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл үлэҕэ киллэриллэр уон хотонтон биирдэстэрэ – саха сүөһүтүн иитиигэ идэтийэр «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай тэрилтэ Таастаахтааҕы салаатыгар тутуллар.

edersaas.ru

Таастаах отделениетын сэбиэдиссэйэ Ольга Аргунова этэринэн, 150 миэстэлээх аныгы, толору хааччыллыылаах хотон тутуута балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Сүрүн бэдэрээтчит, «Паритет» ХЭТ, эбийиэги былаан быһыытынан бу сыл иһинэн үлэҕэ киллэрэр соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьар.

Билигин хаһаайыстыбаҕа барыта 172 сүөһү, ол иһигэр 52 ыанар ынах баар. Туруктара үчүгэй, ас-үөл баар. Номнуо бастакы төрүөх ылыллыбыт: ааспыт нэдиэлэҕэ биир ынах төрөөбүт. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Ыйааҕынан 2024 сылга диэри саха ынаҕын ахсаана 1000-ҕа тиэрдиллиэхтээх. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, сүөһү уопсай ахсаана 18%-нан, онтон ыанар ынах 17 %-нан элбээбит.
Кэнники сылларга саха ынаҕар болҕомто ууруллан, бастакы толору хааччыллыылаах, 120 миэстэлээх хотон былырыын Эбээн Бытантай улууһугар Баатаҕай Алыытыгар үлэҕэ киирбитэ, онон Таастаах хотоно иккис улахан тутуу буолар. Хотон тутуута кэлэр сылларга Горнай, Үөһээ Бүлүү, Амма улуустарыгар былааннанар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0