Быйыл сайын бэс ыйын 20-21 күннэригэр Нам улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Ону дьоһуннук көрсөр туһугар улуус бары нэһилиэктэригэр бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыытыллар.
Бары биир киһи курдук
Таастаах – уруккута кырыы учаастак аатыран эстэ сыһан баран, 1986 с. туспа нэһилиэк быһыытынан тэриллэн, иккис тыынын ылан, бэрт сэргэхтик олорор. Билигин манна кыралыын-улаханныын 320 киһи, ол иһигэр 115 оҕо баар. Оҕо уһуйаана, М.В.Петрова аатынан уопсай үөрэхтээһин оскуолата, култуура дьиэтэ, саха ынаҕар идэтийэр “Тускул” тэрилтэ салаата үлэлииллэр. Саҥа тутуллубут уонна тутуллан эрэр дьиэ балачча элбэҕэ дьон олохсуйарын, нэһилиэнньэ ахсаана өссө эбиллэр кэскиллээҕин көрдөрөр.
Нэһилиэк (дьаһалта баһылыга Егор Лиханов) олохтоохторо тустаах үлэлэрин быыһыгар быйыл кыһын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, бэркэ түбүгүрдүлэр. Ол курдук, салама бэлэмнээтилэр уонна ыалдьыттарга анаан сахалыы оһуордаах-мандардаах олбохтору тиктилэр, оттон уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ туос иһиттэри, сувенирдары оҥордулар.
Добун Ыһыах тэрээһинигэр үтүмэн үп ирдэнэрэ өйдөнөр. Ити иһин, нэһилиэк барыта анал графигынан улуус киинигэр кэнсиэр көрдөрөн итиэннэ атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийэн, онтон киирэр үбү ыһыах тэрээһинин пуондатыгар туттарыахтаах. Инньэ гынан, Таастаах дьоно ырыаны таптааччылар “Дьиэрэйэ” ансаамбылларын тула түмсэн, кэнсиэркэ бэлэмнэнэ, сахалыы таҥас-сап арааһын тиктэ сылдьаллар.
Олоҥхо дьоро күнэ
Таастаахтар бу үлэлэрин сыаналаан, олохтоох оскуола базатыгар улуустааҕы үөрэх управлениета иитэр үлэ уонна эбии үөрэхтээһин салаатын сэбиэдиссэйэ Нина Яковлева, уйулҕа салаатын исписэлииһэ Нарыйа Исакова сүрүннээһиннэринэн, “Олоҥхо ыһыаҕын уруйдуубут!” диэн эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларыгар уонна технология учууталларыгар аналлаах улуустааҕы үөрэҕи ыытта. Онно улуус уон биир оскуолатыттан барыта 25 учуутал кыттыыны ылла.
М.В.Петрова аатынан уопсай үөрэхтээһин оскуолатын кэлэктиибэ Олоҥхо ыһыаҕар чахчы күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьар эбит. Оскуола дьиэтигэр киирээти кытары саха балаҕаныныы моһуоннаах, төрүт култуураҕа сыһыаннаах муннугу оҥорбуттар, олоҥхоҕо аналлаах истиэндэлэри ыйаабыттар итиэннэ оҕолор олоҥхо сюжеттарыгар оҥорбут уруһуйдарын, мастан, муостан уонна оҕуруонан дьүһүйэн оҥорууларын быыстапкатын толору тардан кэбиспиттэр. Силигин ситэрэн ыалдьыттары сылаас үүттээх чэйинэн, итии саламаатынан, күөрчэхтээх алаадьынан, ыһаарыламмыт собонон айах тутан көрүстүлэр.
Сэминээр саҕаланыытыгар үөрэнээччилэр уонна учууталлар Намтан төрүттээх, саха дьахталларыттан бастакы драматург Мария Петровна Обутова-Эверстова оҕолорго анаан суруйбут «Дьурайаан Бэргэн» диэн олоҥхо-пьесатын оонньоон көрдөрдүлэр. Саха тылын учуутала Туйаара Соловьева кыһамньытынан, оҕолор олоҥхо тойугун бэйэлэрин холлоругар кыайа-хото тутан толордулар, айымньы ис хоһоонун бэркэ арыйдылар. Онуоха сөптөөх түгэннэргэ муусуканан киэргэтии, тыаһынан-ууһунан доҕуһуол киллэриллибитэ силиги ситэрэн биэрдэ. Көрөөччүлэр биһирээбиппитин ытыспыт тыаһынан биллэрдибит. Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Настя Павлова Таастаахтан улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр-көстөр дьон төрөөн-үөскээн ааспыттарын холобурдаан, Таастаахтан төрүттээх, Өлүөхүмэҕэ олохсуйбут, Ийэ олоҥхоһут Афанасий Егорович Соловьев туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Салгыы сэминээр кыттыылаахтара кылаастарынан тарҕаһан, маастар-кылаастары ыыттылар. Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрин сатабылларын Таастаах учууталлара көрдөрдүлэр. Эбии үөрэхтээһин педагога Екатерина Аргунова полимернай туойу эллээн араас фигуркалары, ол иһигэр олоҥхо персонажтарын оҥорууга, технология учуутала Елизавета Егорова сарыыга харысхал бэлиэлэрин хайдах уруһуйдуурга, черчение уонна уруһуй учуутала Ольга Атласова кыбытыктаах тигии мындырдарыгар, дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Туйаара Аргунова сылгы сиэлинэн өрүү ньымаларыгар, информатика учуутала Ньургун Аргунов компьютер технологиятынан Аал Луук маһы оҥорууга, үлэ учуутала Семен Москвитин айылҕа матырыйаалын туһаныыга көрдөрүүлээх уруоктары ыыттылар. Сынньалаҥ кэмигэр биология учуутала Валентина Винокурова кучу чэйинэн күндүлээтэ, саха чэй сиэрин-туомун толорон көрдөрдө, эмтээх үүнээйилэри хаһан, хайдах хомуйар, хатарар уонна туһанар туһунан кэпсээтэ.
Сэминээр иккис чааһыгар тыл ыалдьыттарга бэрилиннэ. Бөтүҥ орто оскуолатыгар фольклор куруһуогун салайааччыта Матрена Осипова олоҥхону олуктарынан үөрэтиигэ, Салбаҥ орто оскуолатын учууталлара Феодосия Протодьяконова, Любовь Касьянова папье-маше тиэхиньикэтинэн олоҥхо персонажтарын куукулаларын оҥорууга, бу оскуола саха тылын учуутала Евдокия Протопопова туустаах тиэстэттэн араас оҥоһуктары оҥорууга маастар-кылаастары ыыттылар.
Бу дьоһун дьаһалтан нэһилиэк олохтоохторо туора турбатылар. Ол курдук, Таастаах ытык киһитэ, импровизатор-хомусчут, олоҥхону толорооччу Дмитрий Кривошапкин Н.И.Шамаев «Дьоһун дьикти айылҕалаах, дьоллоох-соргулаах Дьоруо хоҥор аттаах Дьорҕостой Бэргэн» диэн олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Култуура дьиэтин дириэктэрэ Константин Иванов хомуска күргүөмүнэн оонньооһуну тэрийдэ. Төһө даҕаны эрдэттэн анаан бэлэмнэнии суох буоллар, ыалдьыттардыын, олохтоохтордуун бука бары, хомуска тардан дьүрүһүттүлэр. Хомус алыптаах дорҕооно сэминээргэ мустубут дьону барыларын биир ситимҥэ киллэрдэ!
Түмүк оннугар
Таастаах курдук улуус кииниттэн ыраах сытар дьоҕус нэһилиэккэ уопсай үөрэхтээһин оскуолата чахчы улахан суолтаны ылар эбит. Ол курдук, үүнэр сүһүөх ыччаты иитэр-үөрэтэр тустаах аналын дьоһуннук толорорун таһынан, араас култуурунай-маассабай дьаһаллары тэрийэр, нэһилиэнньэни түмэр ытык сир, быһата, нэһилиэк олоҕун эргийэр киинэ буолбут. Кини быйылгы сыллаах үлэтэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, үөрэнээччилэри уонна кинилэр төрөппүттэрин дьиҥ сахалыы тыыҥҥа иитэргэ, төрүт сатабыллары тилиннэрэргэ туһуламмыт.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru