Олохтоох ыччат, нэһилиэнньэ промышленность эйгэтигэр уһуйулларыгар, сыстарыгар, саҥа идэлэри баһылыылларыгар усулуобуйа, кыах үөскээн, кэлии промышленнай хампаанньаларга үлэлээччи ахсаана кыралаан да буоллар, элбии турар. Ол курдук Мииринэй оройуонун сиригэр-уотугар үлэлии олорор “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо олохтоох кадрдары үлэҕэ ылыыга сүрүн болҕомтотун ууран, инникитин хампаанньа олохтоохторго анаан 120 саҥа үлэ миэстэтин таһаарыахтаах.
Сэбиэскэй кэм саҕана БАМ-ы тутуу, Уһук Хоту дойдуну сайыннарыы, «романтика» диэн санаанан салайтаран, саҥа үөрэҕи бүтэрбит араас омук эдэр ыччата биһиги дойдубутугар кэлэн, үлэлээн-хамсаан үгүһү ситиспиттэрэ. 80-ча сыл тухары өрөгөйдөөн олорбут судаарыстыба эмискэ география картатыттан суох буолан, уларыта тутуу ыытыллан, олохпут укулаата уларыйан барбыта.
Билигин оччотооҕу ыһыллыылаах-тоҕуллуулаах кэмнэр ааһаннар, Россия регионнара атахтарыгар туран сайдыы суолугар үктэннилэр. Регионнарга, субъектарга инвестиционнай бырагырааманан араас бырайыактар үлэҕэ киирэн эрэллэр. Ханна эрэ магистральнай автомобильнай уонна тимир суоллар тутуллаллар, оттон атын региоҥҥа сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаараллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уонунан сыллар тухары тохтоон турбут тимир суол тутуута оннуттан хамсаан, аҕыйах сыл иһигэр тутааччылар бүтүн хара тыаны солоон, сүүһүнэн километр уһуннаах тимир суолу Аллараа Бэстээххэ диэри туттулар, оттон Саха сирин соҕуруу, арҕаа өттүгэр ньиэби-гааһы туһаҕа таһаарыы ыытыллар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ Россия биллэр-көстөр промышленнай хампаанньалара үлэлээн, олохтоох бүддьүөккэ аҕыйаҕа суох үп-харчы киирэрин таһынан, олохтоох дьон арыый да хамнастаах үлэлэнэн хааччылыннылар.
“Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо Мииринэй оройуонугар үлэлии кэлиэҕиттэн Орто Ботуобуйаҕа производствоны тэрийиигэ эрэ буолбакка, олоххо-дьаһахха, кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ уонна үлэҕэ киллэриигэ улахан үлэни ыытта. Хампаанньа олохтоохтору үлэнэн хааччыйар баҕаттан, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүк, орто анал үөрэҕин кыһаларын кытары күүскэ үлэлэһэн эрэр. Ол чэрчитинэн, хампаанньа 2013 сыллаахха СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин, каадыры бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу министиэристибэтин кытары исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсибитэ. Ити биирэ.
Билигин промышленноска бүтүн олохторун аныыр, идэ оҥостон үлэлиир инженернэй-техническэй кадрдары бэлэмнээһин соруга турар. Итинтэн сиэттэрэн, 2014 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мииринэйдээҕи политехническэй институтун кытары анал дуогабар түһэрсэн, бастыҥ устудьуоннар “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” анал корпоративнай стипендияларынан наҕараадаланар, производственнай практикаларын Ортоу Ботуотбуйаҕа барар кыахтаммыттара.
Промышленнай хампаанньа үөрэх хаачыстыбата тупсарын туһугар бары кыаҕын, күүһүн уурар. Идэтийбит, билиилээх-көрүүлээх исписэлиистэри үөрэтэн-такайан таһаарарга аҥардас преподавателлэр эрэ билиилэрэ наада буолбатах. Ньиэп-гаас салаатыгар үлэлиэн баҕарар устудьуоннарга бастатан туран, практика, техническэй база наада. Ону учуоттаан, хампаанньа 2015 сыллаахха МПТИ лабораториятыгар оборудование атыылаһалларыгар анаан үбүнэн-харчынан көмөлөспүттэрэ.
“Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо-ны кытары дуогабар олохтонуоҕыттан, хампаанньаҕа отучча устудьуон производственнай практикаларын ааһан, улаханнык уопутуран, аҥардас теоретическэй үөрэҕинэн эрэ муҥурдамматахтара. МПТИ-ны таһынан хампаанньа Технологическай институт иһинэн баар технология колледжын, Ленскэйдээҕи 20-с нүөмэрдээх профессиональнай училищены, «Ленанефтегаз» ХЭУо үөрэтэр киинин кытары ыкса үлэлэһэр.
Баҕар, сорох дьон, кэлии промышленнай хампаанньалар олохтоохтору үлэҕэ ылбаттар диэххит. Ол эрээри ити сыыһа өйдөбүл. Холобур, мин биир дойдулаахтарым – сунтаардар ыаллыы сытар Мииринэй улууһугар «вахтовай» ньыманан хото үлэлииллэр. Бу саха киһитигэр, буолаары буолан, үйэтин тухары тыа сиригэр олорбут киһиэхэ, табыгастаах ньыма. Икки-үс ый үлэлээт, ботуччу хамнас аахсаат, төттөрү дьиэлэригэр кэлэн сынньана, оттоон-мастаан, дьиэтин-уотун көрөн-истэн баран, салгыы үлэлии бараллар. Ордук Мииринэйдэээҕи политехническай институту бүтэрбит устудьуоннар тута Айхалга, Удачнайга, Ленскэйгэ үлэлии хаалаллар. Манна эбии аҕыйах сылтан бэттэх, Ботуобуйаҕа үлэлиир буоллулар.
Бу сайын Мииринэйдээҕи политехническэй институт ньиэп-гаас дьыалаларын үөрэтэр салаа 20 устудьуона “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” Орто Ботуобуйатааҕы сиригэр практикалана сылдьаллар. Бу маркшейдер, ньиэп-гаас тэрилин өрөмүөннүүр слесарь, оператор, лаборант идэтин талбыт оҕолор.
“Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо аан дойдуга биллэр Россия биир бастыҥ хампаанньата – «Роснефть» НК» ПАУо алын сүһүөх тэрилтэтэ буоларынан, практикаҕа мээнэ, ылбычча барбаккын. Кытаанах сүүмэрдээһини ааһаҕын. Үһүс-төрдүс кууруһу бүтэрбит бастыҥтан-бастыҥнар бу тэрилтэҕэ практикаланаллар. Үөрэтээччилэр бу сылга тыыппалаах, үлэҕэ-үөрэххэ улахан интэриэстээх оҕолор кэлбиттэрин иһитиннэрдилэр.
2016—2018 сылларга “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 120 саҥа үлэ миэстэтинэн хааччыйар былааннаах. Онон, ньиэп-гаас үөрэҕин бүтэрбит эдэр исписэлиистэрбит Россия биир дьоһун суолталаах хампаанньатын үлэһиттэринэн буолуохтара.
Устудьуоннар санаалара
Артур Миронов, Мииринэйдээҕи политехническай институт 4 кууруһун устудьуона:
- Быйыл “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” хампаанньаҕа Орто Ботуобуйаҕа практикабын барар дьолго тиксэн, үөрэхпэр үгүс саҥаны биллим. Көрбөтөхпүн көрдүм, билбэтэхпин биллим диэххэ сөп. Ньиэп хайдах хостонорун, таҥастанарын илэ харахпынан көрөн сөхтүм. Орто Ботуобуйаҕа эбийиэк арааһа элбэх. Кустовой былаһааккаҕа, ньиэби хачайдыыр, бэлэмниир сыахха, газотурбиннай электростанцияҕа, химико-аналитическай лабораторияҕа сырыттым.Мин саныахпар, Орто Ботуобуйа улахан кэскиллээх, баай саппаастаах сир эбит. Сыллата ньиэби хачайдааһын кээмэйиттэн көрөн сыаналаатахха. Практикабын барбыт кэлэктииппэр олус истиҥ сыһыан итиэннэ үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйа баарын ордук сэҥээрдим. Инникитин, үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, ньиэп-гаас промышленноһын салаатыгар үлэлиир баҕа санаалаахпын.
Андрей Хохлов, Мииринэйдээҕи политехническай институт 3 кууруһун устудьуона:
- Быйылгы практикам хаһааҥҥытааҕар да интэриэһинэйдик, умсугутуулаахтык ааста. «Роснефть» хампаанньа Орто Ботуобуйатааҕы сиригэр “Таас-Үрэх Нефтегазодобыча” ХЭУо-ҕа практикаланным. Институкка паараҕа олорон билбэтэх билиибин манна кэлэн биллим. Ньиэби хостооһун оҕо оонньуута буолбатах эбит. Урут мин скважинаттан ньиэби таах хачайдаан кэбиһэллэр дии саныырым. Онтум олох да оннук буолбатах эбит. Куруук хонтуруолга тутулларын таһынан, наада буоллаҕына технологическэй эпэрээсийэлэри оҥоруохха наада.
Сири үүттүүр тэрили сөҕө-махтайа көрдүм. Сүүнэ улахан тэрил эбит. Онно элбэх киһи үлэлиир. Уопсайынан, ньиэп хампаанньатыгар үлэлиир олус эппиэтинэстээх уонна интэриэһинэй. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ ньиэп-гаас промышленноһыгар үлэлиир санаалаахпын.
Анивера АКИМОВА