Таас чох хостонор сиригэр үлэлииргэ каадырдары бэлэмниэхтэрэ

Ааптар: 
08.06.2021
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр үөрэх кыһалара Элгэтээҕи таас чох комплексын сайыннарарга туһуламмыт бырайыагынан каадырдары бэлэмниэхтэрэ.

Соҕуруулуу-Саха сирин технологическай кэллиэһэ, Алданнааҕы политехническэй техникум, Р.И.Брызгалов аатынан тырааныспар техникума уонна ХИФУ тэхиниичэскэй института (филиал) Элгэтээҕи таас чох  бырайыагар каадырдары бэлэмнээн таһаарыыны былаанныыллар. Кэллиэс выпускниктара хампаанньаҕа эрэллээхтик үлэҕэ киирэр уонна эрэгийиэн, Уһук Илин экэниэмикэтин сайыннарсар кыахтаныахтара.
«Билиҥҥи балаһыанньаҕа биир саамай сүрүн боппуруоһунан ыччаты үлэнэн хааччыйыы буолар. Исписэлиистэри хайаан да тэрилтэ наадыйыытынан, үлэ усулуобуйатынан уонна үлэҕэ туһаныллар тэриллэри көрөн бэлэмниэххэ наада. Онон инникитин бэйэлэригэр наада буолар исписэлиистэри үөрэтэн таһаарыыга, сир баайын хостооһунунан дьарыктанар тэрилтэлэр кытталлара үчүгэй үөрүйэҕинэн, кэскиллээх дьыаланан буолуоҕа. Биһиги Элгэтээҕи бырайыак салалтата бу боппуруоска улахан болҕомтотун уурарын уонна манна кыттарга бэлэмнин көрөбүт. Биллэн турар, бастакынан, олохтоохтору үлэнэн хааччыйыы уонна кинилэргэ үлэҕэ куттал суох буолуутун боппуруостара көрүллүөхтэрэ. Эдэр ыччат манна көхтөөхтүк кыттыа диэн эрэнэбит«, — диэн СӨ Бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччы Михаил Кириллин эттэ.
Элгэтээҕи таас чох комплексын (ЭУК) сайыннарыы бырагырааматынан, 2023 сылга былааннанарынан, бэдэрээттээх тэрилтэлэри учуоттаан туран персонал уопсай ахсаана быһа барыллаан 20 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ. Чугастааҕы кэмҥэ 1400 киһи олороругар анаан Элгэҕэ баахта бөһүөлэгин саҥатытан биэрии түмүктэниэ. Бөһүөлэккэ бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа хочуолунай үлэҕэ киллэрилиннэ, саҥа канализационнай-ыраастыыр тутуулар ыытылыннылар.
Маны таһынан, бырагыраамаҕа 20 тыһыынчаҕа чугаһыыр нэһилиэнньэлээх дьон олорор саҥа бөһүөлэгин тутуу баар. Үлэ бастакы түһүмэҕин 2023 сыллаахха саас саҕалыыр былааннаахтар. Итинник бырайыактары олоххо киллэрии Элгэтээҕи таас чохтоох сиргэ үлэһиттэр күннээҕи олохторун табыгастаах оҥоруо.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0