«Саха ыччатын – промышленноска-15» «Дьокуускай — Кыһыл- Сыыр – Мирнэй – Ленскэй – Таалканаан» хайысханан айаннаабыт идэҕэ туһаайар экспедиция оҕолоро түмүккэ «Сибиир күүһэ» гаас турбатын тардалларын көрдүлэр. Ол иннинэ Амурскай уобалаһы кытта кыраныыссаны кыйа сытар Таалакааннааҥҥа «Сургутнефтегаз» ньиэби, гааһы хачайдыыр вахтовай бөһүөлэгэр сырыттылар. Бөртөлүөтүнэн тыһыынча кэриҥэ килэмиэтири уҥуордаан, мээнэ киһи тиийбэтэх сиригэр тиийдилэр.
Кэнэҕэски промышленниктарга «Талаканнефть» хампаанньа инженерэ Алексей Гутин бэлиэ бэлэҕи – ньиэби туттарда.
«Оҕолор олус интэриэстээхтэр эбит. Инникитин промышленник буолууһулар. Оскуола үөрэнээччилэрэ эрээри, сөптөөҕү, уот харахха ыйыталларын сөхтүм. Эдьигээнтэн сылдьар Саша Харбаевы бэлиэтии көрдүм. Биһигини солбуйар кэнчээри ыччат үүнэн эрэр эбит», — диир кини.
Инженер ньиэби бэлэмниир уонна хачайдыыр сыаҕы, билигин үлэлии турар 57 №-дээх скважинаны, ньиэби, гааһы хостуур управление эбийиэктэрин көрдөрдө, сиһилии кэпсээтэ.
Усулуобуйа бэрт!
Вахтанан үлэлиир дьон толору хааччыллыылаах уопсай дьиэлэргэ олороллор эбит. Усулуобуйа барыта баар – эмтэнэр пуун, үлэһиттэри үөрэтэр политехническэй киин, минньигэс астаах остолубуой. «СЫП» оҕолоро остолубуойга нефтяник эбиэтин тото-хана аһаатылар. Сыаналара Дьокуускай сыанатыттан икки бүк чэпчэки.
«Сибиир күүһэ» ситим хайдах силбэһэрий?
«Саха ыччатын промышленноска – 15» бырайыак бырагырааматын чэрчитинэн, оҕолор Ленскэй куоракка “Газпром трансгаз Томск” ХЭУо гаас ситимин тардыыга Ленскэйдээҕи управлениетын үлэтин билистилэр.
Управление дириэктэрин э.т. Олег Гринер “Сибиир күүһэ” гаас турбатын тутуу хайдах бара турарын кэпсээтэ. Чайындатааҕы гаас баайдаах сиртэн 200-тэн тахса км. сиргэ гаас ситимин тардар учаастакка үрдүк көлүөһэлээх икки вахтовка тиэхиньикэнэн тиийэ сырыттыбыт. Аныгы технологическэй автомат оборудованиенан турбалары иһэрдэн сыһыаралларын оҕолор сөҕө-махтайа көрдүлэр. Хото хаартыскаҕа түһэн, чуп—чугастан үлэ хаамыытын барытын билистилэр. Турбаны «өйдөөх» аппарат бэйэтэ сыбааркалыыр – оператор ону кэтиир эрэ. “Биһиги салалтабыт “Саха ыччатын – промышленноска” бырайыак суолтатын өйдөөн, тута кыттыһарга сөбүлэспитэ. Ол иһин оҕолорго туох баар технологическай үлэни үксүн көрдөрдүбүт. Бу оҕолор промышленноска кыттар улахан инникилээхтэр. Билигин билбит билиилэрэ өйдөрүгэр хатанан хаалыа уонна инники идэлэрин талалларыгар көмө буолуо диэн эрэллээхпит. Уопсайынан, билигин промышленнай идэлэргэ сөптөөх кадр тиийбэт. Онон инникитин төһө кыалларынан бу бырайыакка кыттыахпыт”, – диэн Олег Гринер бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Ньиэпкэ, гааска үлэлиэм
Анатолий Саввинов, Сунтаар улууһун Күндэйэ орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ:
— Ньиэп, гаас хайысхалаах үөрэххэ туттарсар былааннаахпын. «Сургутнефтегаз» хампаанньа үлэһиттэригэр бары усулуобуйа тэриллибит эбит. Манна быраактыкаланан баран, салгыы үлэҕэ киирэр киһи.
Александр Харбаев, Эдьигээн сэлиэнньэтин орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ:
— “Сибиир күүһэ” гаас магистральнай ситимин тардыы бырайыага Россия уонна Кытай бииргэ үлэлииллэригэр көдьүүһэ улахан. Мин сүүнэ ситими тардыы үлэтин көрөн олус астынным. Икки улахан турбалары анал оборудованиенан “силимнииллэрин” көрөн олус сөхтүм. Бу технологическэй сайдыы иннин диэки тэтимнээхтик хардыылыырын көрдөрөр. Барытын автомат оҥорор эбит. Оператор ыраахтан туран, үлэ хайдах барарын кэтээн көрөр эрэ. Гаас ситимин тардыыны көрөн баран, ньиэп уонна гаас промышленноһын исписэлииһэ буоларга бигэтик быһаарынным.
Бэйэм саҕа турбаны олус сөхтүм
Айгыына Скрыбыкина, Нам улууһун Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей үөрэнээччитэ:
— “Сибиир күүһэ” бырайыак туһунан хаһыаттан ааҕан билэр буоллахпына, ол үлэтэ хайдах бара турарын илэ харахпынан көрөн олус астынным. Магистральнай ситими тардыы үлэтэ хайдах ыытылларын дьон барыта эрэ көрөр кыаҕа суох. Онон быйылгы “СЫП-15” бырайыак оҕолоро олус дьоллоох дьоммут. Манна үлэ түүннэри-күнүстэри биир да мүнүүтэ тохтообокко ыытыллар эбит.
МАХТАНАБЫТ!
«СЫП» экспедицияны тэрийээччилэрэ «Эдэр саас» хаһыат уонна «Я — ИНЖЕНЕР» тэриллии аатыттан бырайыагы өйөөбүт, күүс-көмө буолбут, сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ дириҥник махтанабыт. Саха ыччатын промышленноска сыһыарыыга кылааккыт муҥура суох.
Александр ТАРАСОВ