Мин хос эбээм убайа, таайым Гавриил Григорьевич Харлампьев I 1924 с. ахсынньы 5 күнүгэр Томпо улууһун Эһэ нэһилиэгэр Мѳҥкѳ диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1941 с. Кириэс Халдьаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
«Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru
Таайым оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро, сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Яковлевич Мекюрдянов бэйэтин ахтыытыгар кини туһунан маннык суруйан хаалларбыт: «Ганя Харлампьев бэрт үтүѳ санаалаах, кѳрсүѳ, сэмэй майгылаах, кими да кытта иирсэ-этиһэ сылдьыбат оҕо этэ. Үѳрэҕэр сүрдээҕин кыһаллара, учуутал ыйыттаҕына, бары боппуруостарга лоп-бааччы эппиэттиирэ. Үѳрэнэр тэрилин барытын бэрээдэктээх баҕайытык суумкатыгар укта сылдьар буолааччы».
Эдэркээн биригэдьиир
Биллэрин курдук, ити сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Үлэни кыайар-хотор эр дьоннор аармыйаҕа ыҥырылланнар, баара-суоҕа 17 саастаах эдэркээн уол дойдутугар «Хомуньуус» холкуоска биригэдьииринэн ананан үлэлээбитэ. Оччолорго холкуоска ыанньыксыттаабыт, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Елена Григорьевна Ефимова таайым туһунан маннык ахтыбыта баар: «Ганя орто уҥуохтаах, киэҥ-холку, наһаа үчүгэй майгылаах, дьон-сэргэ чахчы ытыктыыр, сѳбүлүүр ыччата этэ. Оо, оччотооҕу оҕус көлөлөөх кыаммат-түгэммэт холкуоска биригэдьиирдиир диэн түүннэри-күнүстэри бүппэт түбүктээх үлэ үөһүгэр сылдьыы буоллаҕа”.
Дьэ маннык үлэҕэ таайым икки сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Уоттаах кураан уонна сут эҥээрдэспит сэрии саамай ыарахан сылларыгар холкуос күннээҕи үлэтин-хамнаһын тэрийсибитэ. 1943 с. бэс ыйын саҕаланыытыгар бэбиэскэ тутан, Ийэ дойдутун ѳстѳѳхтѳртѳн кѳмүскүү барбыта итиэннэ… эргиллибэтэҕэ. Киниттэн арай, аармыйаттан ыыппыт суруктара эрэ хаалбыттара. Ону балта, мин хос эбээм Мария Григорьевна Харлампьева, биири да энчирэппэккэ уура сылдьыбыта билигин миэхэ тигистилэр. Мантан салгыы мин ол күндү суруктартан таайым олоххо кѳрүүлэрин сырдатаары, тылын-өһүн уларыппакка биэрэбин.
Дууһа сиэркилэтэ суруктар
Бастакы суругун таайым 1943 с. бэс ыйын 6 күнүгэр суруйбут. Дойдутуттан хоҥноругар холкуоһа хайдах тэрийбитин, хайдах айаннаабытын туһунан кэпсээбит: «Биһиги алтыс ый 4 күнүгэр түүн үѳһүн 1 күѳс быстыҥа иннинэ Ытык Күѳлтэн турбуппут, онтон күнүс утуйан баран бэс ыйын 6 күнүгэр күнүс Таатта тѳрдүгэр диэри сүүстэн тахса буолан тиийбиппит. Ытык Күѳлгэ наар остолобуойга харчынан аһаан сырыттыбыт. Килиэппитин күҥҥэ 500 грамы ылбыппыт. Таатта тѳрдүгэр диэри ѳйүѳбүтүн босхо, үс күҥҥэ диэн ааттаан 2 киилэ 100 грамм хара килиэби, 500 грамм дьэҥкир арыыны, 200 грамм саахары биэрбиттэрэ. Хаһан, ханна тиийэрбит биллибэт. Билигин холкутук сылдьабыт. Холкуос 2 киилэ 500 грамм арыыны, 6 муунта сэлиэһинэй лэппиэскэни, кыра харчыны ѳйүѳлээбитэ». Суругуттан кѳрдѳххѳ, таайым бэрээдэги өрө тутар, оччотооҕу байыаннай кэм ирдэбилин өйдүүр эбит. Биригэдьиирдээбит киһи быһыытынан маннык сүбэлээбит: «Хортуоппуйгутун, оҕуруоккутун ыһан үчүгэйдик үүннэриҥ. Алыс эппиэттээх, күүскүт кыайбат үлэтигэр кииримэҥ. Өйдѳѳхтүк, былааннаахтык, бэрээдэктээхтик үлэлээҥ! Эн сатаан ыал буолан олороргор, үлэлииргэр кылаабынайа: а) былаан, 2) сэп-сэбиргэл наада. Былаана уонна туттар сэбэ-сэбиргэлэ суох эйиэхэ тугуҥ да табыллыа суоҕа». Үлэ, үѳрэх туһунан маннык эппит: «Сүѳһү сиэмэтин эһэн баран, ханнык да саха ыала ыал буолбута суох. Бэйэ хаһаайыстыбатыгар кыһамньылаах, бэлэмнээх хорсун буолуохха сѳп эбит. Уонна оҕо киһи үѳрэхтээҕэ үчүгэй буолсу. Онон, кыах баар буоллаҕына, итини саныы сырыттахха сѳп буолсу».
Билиигэ-көрүүгэ тардыстыылаах, бэйэтин кэмин сайдыылаах ыччатын быһыытынан, син балачча кинигэни мунньуммут. Ону 1943 с. от ыйын 1 күнүгэр суруйбут суругар: «Кинигэлэрбин оҕолорго алдьаттарымаҥ, ыраастык кѳрѳр буоллахтарына, көрдөрөр буолуҥ», — диэбитэ туоһулуур. Сэрии мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, салгыы үөрэниэ эбитэ буолуо.
Курсаан тыйыс олоҕо
Байыаннай үөрэххэ хайдах усулуобуйаҕа сылдьыбытын бу суруктан билэбит: «Тохсус нуорманан аһыыр буолбуппут. Килиэп 750 гр, сахар 50 гр, американскай сибиинньэ сыата 40 гр, туустаах балык сарсыарда, күнүс, киэһэ 750 гр. миин, күнүс хааһы. Ис таҥаһы куруутун уларыталлар. Баанньыкка суунабыт. Сарсыарда 5 чааска турабыт. Хараҥаҕа үѳрэнэ диэн халтаҥ таҥастаах курсааннар ытар сиргэ халыҥ хаары кэһэн саҥата-иҥэтэ суох субуһан, киэҥ толооҥҥо киирэбит. Халыҥ таҥас суох, бачыыҥканан, халыҥ ыстаанынан, халтаҥ синиэлинэн, тарбах үтүлүгүнэн сылдьабыт. Ириэнэх хаар таҥаскар сыстан ууллан, сытытар. Ол сытыттаҕына, тымныы тыал түһэр да, таҥаскын дордоччу муус оҥорор. Оччоҕуна этиҥ онон-манан хабырыта үлүйэр. Киэһэ, түүн үѳһүн саҕана, биитэр түүн үѳһүн 1-2 чаас ааспытын кэннэ утуйабыт. Россия ыраахтааҕытын саҕана оҥоһуллубут биэс этээстээх таас казармаланныбыт. Электричество уота түүннэри умайар, оннооҕор түүн сүгүн утуйбаккын. Бары күнүскү санааҕын, эрэйгин түһээҥҥин сордоноҕун”.
Кыра бырааттарга сүбэ
Гавриил ыал улахан уолун быһыытынан, кыра сааһыттан балтын уонна кыра бырааттарын көрөн-истэн улаатыннарбыт. Уоттаах сэрии кэмигэр, аармыйа кытаанах олоҕор даҕаны кинилэр тустарыгар кыһана, сүбэлии-амалыы, үтүөҕэ-үчүгэйдэ тарда сылдьыбыт. Ол курдук, 1945 с. олунньу 5 күнүгэр суруйбут суругун улахан быраатыгар анаабыт.
«Быраатым Ганя!! Мин эйиэхэ анаан бу суругу суруйабын. Үксү тугу да суруйар суох. Эн доруобуйаҥ, үѳрэҕиҥ хайдаҕый? Ганя, кыһанан үөрэн, бэйэҕин ыраастык, холкутук, ѳйдѳѳхтүк туттар, учуутал тугу этэрин ѳйдѳѳн истэр, сорудаҕын улгумнук толорор буол. Кинигэни үгүстүк эккирэтиһэн, салгыбакка аах. Нууччалыы элбэхтик аах. Ийэҕэр, аҕаҕар, табаарыстаргар эйэҕэстик сыһыаннас: кинилэр этиилэрин толорор, тылларын истэр буол. Үѳрэх күнүн биири да кѳтүтүмэ. Миэхэ суруйаар. Хааллым убайыҥ Гавриил. 5.02.45 с. Полевая почта 37217 «Э».
Дойду ахтылҕана
Оо, ыраах сылдьар саллаакка дойдуттан сурук тутар хайдахтаах үөрүүлээх буолуой? Ол иһин, бу суругу олус долгуйа ааҕаҕын уонна инники кирбиигэ сылдьар буойун тыла-өһө ууһун сөҕөҕүн.
«Ытыктабыллаах, ахтылҕаннаах ийэм Өлѳѳнѳ, аҕам Киргиэлэй, эдьиийдэрим Евдокия, Анна, балтым Маша, бырааттарым Ганя, Трофим, Петр миигиттэн дорообото тутуҥ.
Үгэс быһыытынан, сонун суох. Доруобуйа үчүгэй, бүгүн олус ыраас халлаан буолла. Күн саҥа кѳрсүһэрдии мичиҥнии-мичиҥнии, кѳмүс сардаҥаларынан сырдата тыкта. Дойдубуттан түөрт суругу бүгүн туттум. Үѳрүүбэр сүрэҕим сүр күүскэ тэбиэлиир, этим-сииним бүтэй шинель иһинэн дьырылыы-дьырылыы итийэр, тѳбѳм эргийэр. Суруктарбын сүрэхпэр сыһыары тутабын. Дойдум олоҕун истэн олус үѳрдүм. Быраатым Ганя, маладьыас, үчүгэйдик үѳрэн. Мин бэрт элбэх сирдэринэн ѳстѳѳҕү утары сэриилэһэ сылдьыталаатым, арааһы кѳрдүм: Монголияҕа, Татарскай АССР киинигэр Казаҥҥа, Калининградскай, Ленинградскай фроннарга. Ленинград куорат госпиталыгар эмтэммитим. Карельскай перешейкаҕа, Выборг куоракка, Смоленскай уобаласка Чудской күѳл аттыгар баарбын. Өссѳ да үгүс сири-дойдуну кѳрѳрүм, босхолоһорум буолуо. Дойдубар тиийдэхпинэ сиһилии кэпсиэм. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ. Быраһаайдарыҥ. Хааллым уолгут Ганя. 31.03.1945 с. Полевая почта 37217 «Э».
Кыайыы кэнниттэн
Сахалыы олохтоох толкуйдаах буолан, таайым сэриигэ айгыраабыт норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр ирдэнэрин үчүгэйдик өйдүүр эбит. Ол иһин, 1945 с. тохсунньу 30 күнүгэр суруйбут суругар: «…алдьаммыты-умайбыты оннугар түһэрэн ордуктук оҥоруохха наада, онуоха солдат наада», — диэбит. Манан сылыктаатахха, сэрии кэнниттэн аармыйаҕа баҕа өттүнэн хаалбыт. Чернай муораҕа водолаһынан сулууспапаабыта, ньиэмэстэр чугуйалларыгар хаалларбыт миинэлэрин ыраастааһыҥҥа үлэлээбит буолуон сөп. Уоттаах сэриини этэҥҥэ ааспыт Гавриил Григорьевич Харлампьев 1946 с. балаҕан ыйын 11 күнүгэр Симферополь куорат 55 №-дээх байыаннай госпиталыгар ѳлбүтэ. Мин таайым суруктарынан сирдэтэн, ханна сэриилэспитин хасыһан үѳрэтиэм, ол буолуоҕа киниэхэ махталлаах сыһыаным.
Сергей Адамов, Ф.М.Охлопков аатынан Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын үѳрэнээччитэ. «Сындыыс» корпост чилиэнэ. «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru