Дьокуускайга Е.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах мусуойугар «Таайтарыылах талаан түһүлгэтэ» диэн кумааҕыны кырыйан ураты хартыынаны таһаарар дьикти дьоҕурунан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит Татьяна Никифорова-Тайаана быыстапката буолан ааспыта.
Тайаана быыстапкатыгар кумааҕыттан кырыйыыларын сэргэ, мастан, муостан чочуйан оҥорууларын дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбыта.
Бүгүн Тайаананы кытта мастан, туойтан оҥоһуктарга тоҕо ылсыбытын туһунан сэһэргэстибит. Ону сэргэ, ааҕааччыларбытыгар анаан маастар-кылаас бэрдэрдибит.
-Өссө кырыйарбын саҕалыы да иликпиттэн уһаныахпын баҕарар этим. Ол иһин быыстапкаларга хайа кыалларынан сылдьан, уустар оҥоһуктарын болҕойон көрөрүм, оҥоһугу ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыйыталаһарым. Кэлин түһээн уһанарбын кытта көрөр буолбутум. Онтон биирдэ Е.Ярославскай мусуойугар реставраторынан үлэлиир Василий Протопопов-Чороон Баһылай эмэгэт эскиһин оҥотторо кэлбитэ. Онно түгэни туһанан, уһаныахпын баҕарарым туһунан эппитим. Дьэ, онтон ыла кини такайан, сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии биэрэн, уһанан барбытым. Онон сүгэ, быһах туппутум биэс сыл буолла. Баһылай миигин аан бастаан үлүһүйэн эрэ баран быраҕыа дии санаабыт эбит. Онто турунан туран дьарыктаммыппыттан соһуйбут, үөрбүт. Быйыл бэйэтэ быыстапкаҕын оҥор диэн көҕүлээн, бу билиһиннэрии кэриэтэ тэрээһин оҥордум.
Бу оҥоһуктарым сорохторо түүлбэр кэлэллэр, сорохторо оҕо сааһым умнуллубат кэрчиктэриттэн ылыллаллар. Холобур, ийэм быыкаа чохороонноох этэ. Онтун сыа-сым курдук ууруна сылдьан туттара. Ону үтүгүннэрбитим. Сүгэм угар эмээхсин олорорун оҥорбуппун дьон бары соһуйа көрөр. Ити ийэбин санатар. Аны туран, биһиги Лөкөчөөммүт икки күөл икки ардыгар турар. Онон балыгынан аһаан улааппыт дьоммут. Ийэм Бэрэҕэ киирэн куруук балыктыыра. Дэриэбинэҕэ соҕотох балыксыт дьахтар этэ. Быыкаа соболору (быччыкылары) аҕалан буһарара наһаа минньигэс буолара. Ону санаатахпына, муннубар билигин да ийэм барахсан астаабыт соботун минин сыта кэлэргэ дылы. Ол кэрэ кэммитин ахтан-санаан маһынан быччыкылары чочуйан таһаартаабытым. Оҕо сааһым ахтылҕана. Итинтэн да атын оҥоһуктарым элбэхтэр. Эмэгэттэри, харысхаллары, халандаардары кыһан оҥоробун.
Туойунан дьарыкка Бүлүүгэ олоруохпуттан ылсыбытым. Дьоппуон омуктар нэцкэ диэн кып-кыракый скульптураларын наһаа сөбүлүүбүн. Ол оҥоһуктар туойга ылсарбар төһүү буолбуттара. Көмүлүөктэри, хоту сир хоһуун дьонун-сэргэтин, о.д.а. оҥортообутум.
Кумааҕыны кырыйан туох ойуу-мандар тахсыбытынан дьоҥҥо кэпсээн биэриим, алҕааһыным туһунан. Айылҕабынан киһи ауратын сэрэйэн билэр дьоҕурдаахпын. Маныаха үрүҥ лиис киһи олоҕо дии саныыбын. Кырыйтара олорор киһи туһунан иһитиннэрии бэйэтэ тиийэн кэлэр. Онон көрөн кэпсиэхпин сөп. Бу киһиэхэ туох ыарахан баара, буолбута, мэһэйдии сылдьара кырыйарбар тохтон түһэр. Ону кини хомуйан илиитигэр төкүнүччү суулуу олорон ол мөкүнү, хобдоҕу саныахтаах. Бу куһаҕан барыта манан бүттэ, кый бырах барда, күдэҥҥэ көттө диэн үтүрүйэр курдук санаан туран уматыахтаах. Оччоҕо санаата чэпчиир, сааһыланар, чопчуланар.
Дьон ордук туох баҕалаах кырыйтарарый. Үлэлээх буоларга, табылларга, имэҥнээх буоларга, олохторун аргыһын көрсөргө, бэйэлэрин суолларын буларга, доруобуй, чэгиэн сылдьар туһугар, о.д.а. анаан көрдөһөллөр.
Уратыттан кэпсиир буоллахха. Биир ыал кыыстарын суһуоҕун кырыйалларыгар алгыс оҥотторбуттара. Ону мин маннык быһаарабын. Суһуох – кыыс оҕо көмүскэлэ, харысхала буолар. Тоноҕос устун сылдьан көҕүс хараҕын бүөлүүр, харыстыыр. Ону кырыйтараннар, көмүскэллэрин суох гынан кэбиһэллэр. Бу ыал кыыстарын суһуоҕун кырыйтарарын иһин, алгыс оҥотторон тураллар.
Алгыс тоҕо нааданый. Киһи күн сирин көрдө да, киниэхэ икки аанньал олорон сурук суруйаллар. Онон киһиэхэ кэрчик кэм бэриллэр. Ол кэрчиккэ киһи хайдах олорорун бэйэтэ талар. Ол эбэтэр киһи олоҕо куруук ыйааһыҥҥа турар. Били, остуоруйаҕа Илья Муромец тааска суруллубуту талыахтааҕын курдук. Ол иһин, киһи сөптөөх суолунан барарыгар алгыс наада. Алгыс оҥоһуллубут киһитэ куһаҕаҥҥа умньаммат. Үлэтэ-хамнаһа, олоҕо-дьаһаҕа барыта этэҥҥэ буолар, харысхалланар. Онон киһи хайа суолунан барарын таларыгар алгыс көмөлөөх. Кырыллан тахсыбыт хартыынатын көрөн олорон, киһи элбэҕи толкуйдуур, бэйэтэ бэйэтин кытта оргууй кэпсэтэр. Оччоҕо санаата сааһыланар, чопчуланар.
Ити курдук, таайтарыылаах Тайаана дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиирэ, көрдөрөрө, сүбэлиирэ элбэх. Онуоха, таабырына өссө да элбэх буолуо диэҕи баҕарыллар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
* * *
Кумааҕынан харысхал оҥоро үөрэнэбит
(Маастар-кылаас)
Үс атахтаах чороон – бигэ тирэхтээх буоларга.
Алгыһа: Үрдүккэ үүнэ тур,
Сырдыкка салаллан ис,
Тирэхтээх буол.
Наада буолар: А4 кумааҕы аҥара, кыптыый, итиннэ сөп түбэһэр араама.
- Кумааҕыбытын устатынан бүк тутабыт.
- Маҥнай чорооммут атаҕын кырыйабыт.
- Чорооммут атаҕыттан саҕалаан үөһэ өртүн үмүрүччү соҕус кырыйабыт, кынаттыыбыт.
- Чорооммут хаба ортотун бэлиэтиибит. Үөһэттэн 2 см. курдук аллара түһэбит. Кыталыгы тумсуттан саҕалаан кырыйабыт. (Кыталык моойун уонна атаҕын уһуна тэҥ буолуохтаахтар).
- Кыталык кынатын кырыйабыт.
- Кынатыттан салгыы кутуругун кырыйыытыгар киирэбит.
- Эбии киэргэтэн аллараа өттүгэр саҥа арыллан эрэр сибэккини (бутону) эбэтэр сэбирдэҕи кырыйан биэрэбит.
- Ойуубут чуолкайдык көстөрүн курдук, иһинээҕи ордугун оҥоччу кырыйан ылабыт.
- Чорооммут оройугар үөһэ, кыталык тумсуттан саҕалаан күн кырыйабыт. Хас баҕарар сардаҥалыахха сөп.
- Кыталык кыната кырыллар. Бастаан кынатын устунан үс-түөрт сиринэн көнө сурааһыннары кырыйталыыбыт.
- Бу сурааһыннарбытыгар кынат сарбынньахтарын оҥоробут.
- Кыталыкпыт атаҕын кырыйабыт.
- Ситэри тупсаран сэбирдэххэ, күҥҥэ, чороон атахтарыгар киэргэтии кырыйыылары оҥортуохха сөп.