Таайтарыылаах таҥха

19.01.2022
Бөлөххө киир:

Кыраайы үөрэтээччи, этнограф, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үс Хатыҥҥа “Туймаада ыһыаҕа” архитектурнай-этнографическай комплекс дириэктэрэ Вильям Яковлев СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр кэлэн, таҥха сиэрин-туомун, оонньууларын туһунан кэпсээтэ.

Таҥха кэмэ ыһыах курдук элбэх дьонноох буолбат

— Сахаларга Таҥха таҥарата диэн баар. Күн улам уһуур кэмигэр дьон-сэргэ уһуктан, Саҥа дьыл кэлбитинэн, билгэлээһин, Таҥха таҥаратыгар үҥүү-сүктүү, сиэри-туому тутуһуу саҕаланар.  Сиэр-туом сүнньүнэн билгэлээһиҥҥэ туттуллар. Таҥха кэмэ ыһыах курдук элбэх дьонноох буолбат. Дьон кистэлэҥ быһыытынан билгэлэниэн сөп. Хас биирдии түөлбэҕэ билгэһиттэр, тойоннооччулар баар буолаллар, кинилэри ыҥыран, сөптөөх сиэри-туому тутуһан таҥхалыыллар. Таҥха таҥаратын ыҥырарга дьиэ таһын хаарын күрдьэллэр, дьиэ иһин эмиэ сөпкө тэринэллэр. Урукку итэҕэл быһыытынан, уу иччилэрэ тахсан көрөллөр-истэллэр.  Саха итэҕэлинэн сүллүүкүн курдук уу иччитэ тахсыахтаах диэн өйдөбүл эмиэ уруккуттан баар. Барытын сөп түбэһиннэрэн, булкаас соҕус итэҕэл тахсан кэлбитэ.

 Дьиэни-уоту тэрийии

— Тохсунньу 14-15 күннэригэр сүллүүкүттэр оҕолоро тахсаллар. Бу бириэмэҕэ дьон дьиэлэрин таһын хомуйаллар, дьиэ хомуйар малларын, таҥастарын-саптарын таһырдьаттан киллэрэллэр. Бу бириэмэҕэ таҥаһы таһырдьа ыйаабаттар, дьиэ сууйар тирээпкэлэрин таһырдьа уурбаттар.

Дьиэ иһигэр ааҥҥа күөх оту ыһаллар. Аан чанчыгар таһырдьаттан киириигэ сылгы хараҕын хостоон ылан, сиикэйдии ааҥҥа сыһыаран кэбиһэллэр. Ол аата иччини дьөһөгөй көрөр эбит диэн куттанан тэйэн хаалаллар. Түннүктэргэ тымтыктары хоруордан баран кириэстии саайаллар. Хас биирдии тастан киирэр киһиэхэ чоҕу биһэллэр.

Таҥха оонньуулара

— Билгэһит, тойоннооччу киһи Таҥха таҥаратыгар “кэлэн ыалдьыттаан, инникибитин көрөрбүтүгэр суолу арый” диэн үҥэр-сүктэр. Таҥха оонньуута саҕаланар. Сэргэ төрдүгэр ыраас хаары кутан баран дьиэҕэ киирэллэр. Сарсыарда ыраас хаар үрдүгэр чыычаах, тарбыйах, кулун хаампыт эбэтэр мас кырыытынан анньыллыбыт буолуон сөп.

Тарбыйах суола баар буоллаҕына – ынах төрүүрүгэр, кулун суола – сылгы элбииригэр, кырыылаах мас  – мантан ким эрэ өлүүһү диэн таайаллар эбит.

Кэбиһиилээх от таһыгар күрүөҕэ биэлээх атыыры хаайаллар. Аттар кэпсэтиилэрин истиэн баҕалаах киһи күрүөҕэ киирэн кэбиһиилээх оту саптан сытынан кэбиһэр. Бу киһи аттар кэпсэтиилэрин истиэхтээх. Тугу истибитин кимиэхэ да кэпсиэ суохтаах, таҥха бүттэҕинэ эрэ кэпсиэн сөп. Ыттар кэпсэтэллэрин эмиэ истиэххэ сөп.

Биир улахан билгэлээһин — былыргы киһи уҥуоҕун үрдүгэр тахсан, айаннаан иһэр курдук туттан олороллор. Көмүллүбүт киһи киниэхэ тугу эмит кэпсиэхтээх эбит. Ол дойдуга сытар өбүгэлэрэ хайдах сылдьалларын, тугу гыналларын, ким хаһан барыахтааҕын, төрүөхтээҕин барытын кэпсиир эбит.

 

 

Дьиэ иһинээҕи билгэлээһиннэр:

Түөрэх быраҕыыта

— Үтүлүк тас өттүгэр ойуулаах-бичиктээх буолуохтаах. Билгэлэнэр киһи сүүһүгэр даҕайан туран ботугураан эппиэт ылыан баҕарар хайа баҕарар ыйытыгын биэрэр. Онно баҕа санаатын сэргэ “Баҕа санаам туолуох буоллаҕына олорчу түс, туолуо суох буоллаҕына умса түс!” — диэн көрдөһүөхтээх.

Үтүлүгү ханнык эмэ өбүгэлэрэ кэтэ сылдьыбыт буолуохтаах. Үтүлүк саҥа буоллаҕына, былыргы малга сыһыаран, өбүгэлэрин тыынын киллэрэн быраҕыахтарын сөп.  Олорчу түстэҕинэ, туску буолар. Умса кэлэн түстэҕинэ, туолбат. Бу курдук үстэ холонон көрөллөр.

Холобур, билиҥҥи оҕолор билгэлэнэр буоллахтарына, бэйэ иһинэн оҥоруохтаахтар, былыргылыы сиэри-туому уһугуннарбыт буоллахтарына, баҕар, туолуон сөп. Ол иһин олус баайыылааҕы, ыарыы, эчэйии, өлүү эҥин туһунан этиэ суохтаахтар. Чэпчэки соҕуһу этиэхтээхтэр.

Остуол хаамтарыыта

— Биир улахан билгэлээһин — былыр үс атахтаах остуолу хаамтарыы. Ол туспа сиэрдээх-туомнаах буолар. Сиэр-туом сөпкө ыытылыннаҕына, ылыннаҕына, остуол дьиэ аанын тоҕо көтөн тахсыар диэри сүүрэр. Ол туох даҕаны үтүөнү түстээбэт дииллэр, холобур, дьиэттэн ким эрэ өлөөрү гыммыт дуу, улахан куттал суоһаабыт дуу буоллаҕына, сүүрэн тахсан баран хаалар эбит.

Суоруна сүүрдүүтэ

— Манна эмиэ улахан сиэри-туому тутуһуохтаахтар. Дьиэҕэ хас биирдии киирэр хайаҕаһы, түннүктэри бүтүннүү бүөлүөхтээхтэр. Тымтыгынан саайан кириэс оҥорон ыйыахтаахтар. Уот оттон, кэпсиэхтээх киһини орон анныгар сытыаран, ол үрдүгэр суоруна уураллар. Иннэ үрдүнэн суоруна тардаҕын. Ол суорунаны тартахха, онтуҥ кэпсиэхтээх. Былыргынан эттэххэ, өлө сытар киһи диэн өйдөбүлгэ киллэрэллэр. Ол киһи олох хамсыа, саҥарыа суохтаах. Хамсыыр, саҥарар буоллаҕына, бэйэтигэр охсуллар, ыалдьыан, устунан өлөн да хаалыан сөп диэн этэллэр. Сыттык оннугар дьиэ харбыыр талах сиппиир үрдүгэр сытыахтаах.

Бүргэс сүүрдүүтэ

— Бүргэс угар кылы эбэтэр иҥиир сабы баайаллар. Хобордоох иһигэр хайысха уруһуйдууллар уонна хас хайысха аайы “бу диэки хайыстаҕына, суолум табыллар, атын сиргэ бардаҕына – ыалдьыыһыбын, ол диэки бардаҕына – туох эрэ төрүүһү” диэн бэйэлэригэр бэлиэ курдук оҥороллор. Бүргэстэрэ хамсаан, хайа эмэ диэки ыйыахтаах. Онон билгэлииллэр.

Этэрбэс хаамтарыыта

— Былыргы балаҕан дьиэҕэ биир баҕанаттан биир баҕанаҕа диэри этэрбэһи үрүт-үрдүгэр хаамтараллар, этэрбэс ханна тиийэринэн билгэлэнэллэр. Маныаха бэйэлэрин баҕа санааларын бэлиэтэнэллэр, этэрбэс ол бэлиэҕэ тиийиэхтээх.

Сүллүүкүҥҥэ киирии

— Таҥха саамай сүрүн көхтөөх оонньуута диэн сүллүүкүҥҥэ киирии буолар. Сүллүүкүн күөлтэн тахсыахтаах, ону эргэ балаҕаҥҥа көһөртөрөллөр. Былыргы дьон куобах суорҕанынан бүрүнэн балаҕан иһигэр тоҥон-хатан сүллүүкүттэр киирэллэрин кэтэһэллэр. Кэпсээн быһыытынан, сүллүүкүттэр киирэн, кууллаах харчыларын ааҕаллар эбит. Ол кэмҥэ киһи өмүрдэн, ыһыгыннаран кэбиһэн, сүллүүкүн харчытын туһаныахтаах эбит. Ол харчыны үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээх. Оннук гыммата да, үс күн ааһаатын кытта харчыта бөх буолан хаалар диэн кэпсииллэр. Бу маннык барыйааннар, кэпсээннэр элбэхтэр.

Үүммүт сыл үтүөнү эрэ түстээтин!

Эспиэр санаата:

 

Афанасий Павлов-Күндүмэн, Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир «Сандаар» уопсастыба кыттааччыта, парапсихолог:

— Мин санаабар, тохсунньу  — Танха ыйа буоларын быһыытынан, бу ый тухары билгэлэниэххэ, таҥхаланыахха, инникини көрүүлэниэххэ сөп. Танха кэмигэр саамай киһи айылҕаны, үрдүк күүстэри кытта чугасыһар, силбэһэр кэмнэрэ. Онон бу күннэргэ күүскэ айманар, айдаарар, тыастаах-уустаах киэһэлэри тэрийэр бобуллар. Ону таһынан уһуктааҕы, биилээҕи, саха быһаҕын илдьэ сылдьар көҥүллэммэт.

Сүллүүкүттэр диэн өйдөбүл төрүттэрбититтэн кэлбит. Кинилэри ким даҕаны көрбөтөх даҕаны буоллар, элбэх суруйааччы айар үлэтигэр ахтыллан тураллар. Бэйэм санаабар, бу өйдөбүл мээнэ халлаантан түспэтэх, уос-уостан кэпсэнэн, күн бүгүнүгэр диэри баар, манна итэҕэйиэххэ наада дии саныыбын. Итэҕэллээх киһи самныбат.

Инникини өтө көрө сатааһын киһиэхэ хайдах даҕаны куһаҕанннык дьайбат. Арай, сотору-сотору көрүүлэнэр буоллахха, наһаа үчүгэйэ суох буолуон сөп. Таҥха кэмигэр элбэхтик буолбакка, биирдэ көрүүлэниэххэ сөп.

Таҥха оонньуулара элбэхтэр. Билигин ордук күлүк көрөллөр, кумааҕыны уматан уонна ханнык эмит сахалыы айымньыны туһанан, кинигэнэн таайыыны сүбэлиэм этэ. Урукку өттүгэр араас түбэлтэлэри суруйаллар эбит. Билигин кутталлаах уонна сэрэхтээх көрүүлэниилэри, урут өбүгэлэрбит туһанар көрүүлэниилэрин — «киһи уҥуоҕун миинии», «сэргэни кууһуу», «остуол хаамтарыыта» курдук ньымалары туһамматтар. Билиҥҥи оонньуулар оннук сэрэхтэрэ суох.

Холобур, бүлүүһэ сүүрдүүтүгэр өлбүт киһини ыныраллар. Бу манна наһаа көр-күлүү курдук сыһыаннаспакка, сатыыр, билэр уонна уопуттаах киһи ыытыахтаах. Өлбүт киһи дууһатын ыҥыран баран, төттөрү кыайан ыыппатаххына, доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп, табыллыбат буолууну бэйэҕэр тардан ылыахха сөп. Онон дьиэҕэ-уокка арыый судургу оонньуулары талыахха наада.

Сайыына Кларова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0