Коронавируһунан сибээстээн уһун өрөбүллэр биллэриллибиттэрин да иһин, үгүс киһи таах олорбот, урукку үлэтин, дьарыгын бырахпат.
“Сыдьаайа” айар киин салайааччыта, 15 сыл устата баҕалаах дьону үҥкүүгэ үөрэтэн кэлбит Анастасия Габышева-Сыдьаайа социальнай ситимнэринэн босхо онлайн-дьарыктары ыытан, дьонун-сэргэтин махталын ыла сылдьар.
Кини Фейсбугар 5 тыһыынча ахсааннаах сурутааччытыгар анаан, күн аайы хамсаныы дьарыктарын көрдөрөр, үөрэтэр.
Ол туһунан Сыдьаайа маннык кэпсээтэ:
— Мин 15 сыл тухары дьону үҥкүүгэ эрчийэн, кэтээн көрөн, дьарыктар тиһиктэрин толкуйдаабытым. Бу эрчиллиилэрим билигин саамай туһалыыр кэмнэрэ кэллэ дии санаатым. Дьиэҕэ хаайтарар дьоҥҥо хамсаныы, эрчиллии хаһааҥҥытааҕар да наада кэмэ тирээн кэллэ. Оччоҕо коронавирус курдук дьаҥы да кыайыахпыт!
«Туллаҥнаа»
— Бу “Туллаҥа” диэн эрчиллиилэрим кимиэхэ да буортуну аҕалбаттар. Сарсыардааҥҥы эрчиллии курдук туһаныахха эмиэ сөп.
Киһи олус элбэх бириэмэ устата төбөтүн төҥкөтөн олорор. 11 сыл устата паартаҕа, кэлин кинигэҕэ, төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ олорор уонна иис араас үлэтинэн дьарыктанар. Бу кэмҥэ наар төбөтүн умса туттар.
Дьэ, ол кэнниттэн бары остеохондроз буоллубут дэһэбит уонна ону ыарыы курдук ылынабыт. “Хондуруостаахпын дии, хамсаттахпына бэргиэ,” – диэн куттанабыт. Дьиҥэр, төттөрүтүн, элбэхтик хамсаныллыахтаах. Моой былчыҥнарын ууннары тардан, күүһүн өһүлүөхтээхпит (расслабить). Бу эһиэхэ көрдөрөр эрчиллиилэрим маныаха олус көмөлөһүөхтэрэ.
Анастасия бэйэтэ да этэрин курдук, кини маннык дьарыктанара олус судургутук, холкутук ааһаллар. Киниэхэ сылдьыбыт кэрэ аҥаардар, саастарыттан тутулуга суох, ис туруктара уларыйар, доруобуйалара тупсар. Ол иһин, сылы сыллаан, киниэхэ сылдьан дьарыктаналлар.
Сыдьаайа бу дьарыктарын үс чааска араарбыт. Бастакы дьарык – моойу туллаҥнатыы, иккиһэ – түөс килиэккэтин туллаҥнатыы, үсүһэ – биили туллаҥнатыы. Бүгүн, эһиэхэ бастакы эрчиллиилэри билиһиннэрдибит.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru