Таҥха: Үөрдэри ыҥырыы төһө кутталлааҕый?

10.01.2018
Бөлөххө киир:

Таҥха кэмэ чугаһаата. Бу кэмҥэ астрологическай сыл түмүктэнэн, саҥа сыл саҕаланар. Былыргы дьон итэҕэйэринэн, “халлаан быыһа аһыллар”. Бу кэмҥэ араас үөрдэр, сүллүүкүттэр сиргэ күөрэйэллэр, ону чараас эйгэлээх дьон билэллэр. Онон инникини таайан, билгэлээн көрөргө табыгастаах кэм.

edersaas.ru


Остуолу, бүлүүһэни, иннэни сүүрдүү курдук билгэлээһиннэри саха итэҕэлин көстүүтүн курдук көрдөрөллөр эрээри, оннук буолбатах. Бу XIX үйэҕэ аан дойдуга киэҥник тарҕана сылдьыбыт спиритизм көстүүлэрэ буолаллар. Сахаларга да бу кэмҥэ тарҕаммыт буолуохтаах.

Спиритизм (лат. spiritus «душа, дух») – өлбүт дууһалары кытары алтыһыы ньымата. Бу дууһалары кытары медиум диэн чараас эйгэлээх киһи алтыһар, ыҥырар, кэпсэтэр кыахтаах. XIX үйэ ортотугар Францияҕа Аллан Кардек диэн чинчийээччи спиритизм бөлүһүөктүү итэҕэл доктринатын айбыта.

Кини үөрэҕин баайдар, тойоттор интэриэһиргээн, дьарыктанар буолбуттара. Оннооҕор император Наполеон III Кардены ыҥыран, үөрдэри кытары алтыһара биллэр. Америкаҕа, Европаҕа, Арассыыйаҕа спиритическай уопсастыбалар үөскээбиттэрэ, анал хаһыаттар тахсан барбыттара. Ол кэмҥэ учуонайдар, суруйааччылар, бэлиитиктэр, учууталлар бары саҥа муоданан үлүһүйбүттэрэ. Үксүгэр көр-оонньуу курдук ылыналлара.

Дьиҥинэн, түҥ былыр ойууттар, колдуннар, ичээттэр үөрдэри, өлбүт дууһалары кытары алтыһары билэр этилэр. Ол иһин ханнык баҕарар норуоттарга бу көстүү баар.

Дьон тоҕо спиритизмҥа тардыһар? Атын эйгэ, анараа дойду туһунан билии, таабырын сабыытын арыйыы олус интэриэһинэй курдук буолар. Киһи инникитин билиэн баҕарар. Сорохтор, ордук эдэр дьон, көр-күлүү, оонньуу курдук ылыналлар.

Атын эйгэни кытары алтыһыы содула

Ол эрээри, спиритическэй сеанстар кутталлаахтара биллэр. Медиум өлбүт киһи дууһатын ыҥырабын дии саныыр эрээри, дууһа аатынан кыра абааһылар, үөрдэр кэлэллэр. Атын эйгэни кытары алтыһыы киһи доруобуйатыгар куһаҕаннык дьайар. Саамай кырата, киһи эниэргийэтин сүтэрэр, оттон ыарахан түгэҥҥэ  – ыалдьыан, иириэн, өлүөн сөп. Спиритическэй сеанстарынан үлүһүйэр киһи сыыйа бэйэтин санаатын, толкуйун сүтэрэр, үөр тугу эппитинэн сылдьар буолар, ол туох да үчүгэйинэн түмүктэммэт.

Ону ааһан, бу үөр информацията үксүгэр сымыйа буолар. Үөрдэр инникини өтө көрөр кыахтара суох буолан, баар дьон билэр, чугас информацияны ылан туһаналлар. Онон бу көстүү духуобунай өтө көрүүгэ, көрбүөччүлээһиҥҥэ туох да сыһыана суох.

Таҥара дьиэтэ спиритизмы утарар, аньыы быһыытынан сыаналыыр.  XIX үйэ 70-с сылларыгар учуонай Дмитрий Менделеев медиум үөрэҕин чинчийэр хамыыһыйаны тэрийбитэ. Бу хамыыһыйа үлэтин түмүгэ маннык этэ: «Спиритические явления происходят от бессознательных движений или сознательного обмана, а спиритическое учение есть суеверие». 

Бүлүүһэ сүүрдүүтүнэн үлүһүйүү

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар бүлүүһэ сүүрдүүтэ үөдүйэ сылдьыбыта. Оскуола оҕолоруттан саҕалаан, улахан дьон эмиэ муста түһээт, бүлүүһэ сүүрдэр дьикти дьарыктаммыттара. Өр сыллаах сэбиэскэй кэм бобуутун-хаайыытын кэнниттэн, дьэ, туох эрэ сонун, интэриэһинэй көстүү курдук этэ. Үксүгэр көр-күлүү аҥардаах ыйытыылары биэрэн, күлэн-салан бириэмэлэрин атаараллара. Ол эрээри, алдьаммыт бүлүүһэ, хантан иһиллэрэ биллибэт тоҥсуйуулар, хара күлүктэр тустарынан кэпсээннэр эмиэ бааллар.

Онон бүлүүһэ сүүрдүүтүнэн үлүһүйүмэҥ диэн этиэхпит этэ. Атын эйгэни кытта алтыһыы киһиэхэ өссө хайдах дьайыа биллибэт эбээт. Дьиҥинэн, өлбүт киһини, үөрү, кыра абааһыны кытары ким илэ алтыһыан, кэпсэтиэн баҕарыай?

Инникини олус билиэххитин баҕардаххытына, кинигэттэн ыйытыы, хаартынан таайыы, иннэни сүүрдүү курдук, үөрү ыҥырары эрэйбэт, наһаа куттала суох сэрэбиэйдээһиннэри тэрийиэххитин сөп.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0